Нам улууһугар барыта 26 оскуола, 29 оҕо уһуйааннара, 5 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ үлэлииллэр. Улуус үрдүнэн тэриллибит межведомственнай хамыыһыйа атырдьах ыйын 1 күнүттэн 15 күнүгэр диэри үлэлээн, үөрэх бары тэрилтэлэрин бэлэмнэрин көрдө-иһиттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бары үөрэх тэрилтэлэрэ саҥа үөрэх дьылыгар үөрэхтээһини тэрийэргэ бэлэмнэр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар улууспут үрдүнэн барыта 4420 үөрэнээччилээхпит, ол иһигэр аан маҥнай оскуола боруогун 365 оҕо атыллаан, 1 кылааска үөрэнэ киириэхтэрэ, үөрэх-билии киэҥ аартыгын арыйыахтара. Улууспутугар быйыл үрдук үөрэх кыһатын саҥа бүтэрбит 8 эдэр учуутал үлэлии кэллэ.
Нам улууһун оскуолалара билии күнүн бэлиэтээтилэр. Балаҕан ыйын 1 күнэ бары үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ суолталаах күн буоларынан биллэр. Чуолаан, бэлиэ күн маҥнайгы кылааска киирээччилэргэ уонна оскуоланы бүтэрээччилэргэ улахан оруоллаах.
Бүгүҥҥэттэн кырачааннарбыт тус олохторугар саҥа илииһи, оскуола дойдутун аанын арыйдылар. Кинилэри оскуолаҕа олоҕор интэриэһинэй предметтэр, үөрэх билиитигэр умсугуйуу, үөрүү-көтүү, саҥа доҕоттор, дьикти кэрэ умнуллубат түгэннэр күүтэллэр.
Намнааҕы 2 №-дээх оcкуола директора Наталья Никонова иһитиннэрбитинэн, быйыл оскуолаҕа 1 “а” (28) уонна 1 “б” (25) кылаастарга 53 оҕо билии ыла киирдэ. Оскуола бу үөрэх дьылыгар 9 “а” кылааска 21, 9 “б” кыл. 23 үөрэнээччилээх. Оттон 11 “а” кыл. – 20, 11 “б” кыл. – 25 оскуоланы бүтэрээччи быйыл билиитин ордук хаҥатарыгар хаһааҥҥытааҕар да кыһамньытын ууран үөрэниэҕэ.
Харысхан Попов