Дьокуускайга VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларыгар 11 улуус Олоҥхотун дьиэлэрэ биир ситимҥэ киирэн “Олоҥхо дойдутун түһүлгэтэ” диэн икки күннээх фольклору, олоҥхону кэпсиир, ойуулуур кэнсиэр бэлэх ууммуттар.
Намтан 30 киһилээх делегация бэс ыйын 28 күнүгэр кыттыыны ылбытын П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Колпашникова этэр. Ол курдук, төрүт дорҕоон маастардара Андрей Осипов, Руслан Захаров кырыымпаҕа оонньообуттар. “Эдэр Тэтим” толорооччулара Октябрина Колесова, Владимир Сыромятников күпсүүрдээбит, Павел Обутов дүҥүргэ охсубут, Туйаара Мегина хомуска оонньообут уонна бөлөххө Хамаҕаттаттан Владимир Кудрин киирбит. Бүгүҥҥү кэнсиэргэ Олоҥхо дьиэтиттэн Ирина Неустроева салайааччылаах “Эҥсиэли Хотуттара” түмсүү, Римма Татаринова “Ай-Ледис” үҥкүү бөлөҕө кыттыыны ылбыттар. Ону тэҥэ, Дана Парникова, Мария Соловьева “Өбүгэ ситимэ” ырыаны бэлэх ууммуттар.
“Бүгүҥҥү сырыыбытыгар күүс-көмө буолбут Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Баһылык Петр Сокольниковка, суоппардарга Семен Дьяконовка, Николай Неустроевка барҕа махталбытын тиэрдэбит”, – диир дириэктэр Вера Колпашникова.
Кэнсиэри 11 Олоҥхо дьиэлэрин үлэһиттэрэ оһуохайынан түмүктээбиттэр. Сахалыы тыыннаах кэнсиэри араас дойдулартан кэлбит ыалдьыттар олус сэҥээрбиттэр, астыммыттар.
Харысхан Попов