Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр сахалыы оҥоһук музейа үлэлиир

Биһиги “Эҥсиэли оһуохайа” түмсүү 2015 с.  П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ  аатынан Олоҥхо дьиэтэ арыллыаҕыттан мустабыт. Ол курдук, 4 сыллааҕыта “Чороон абылаҥа” мас фестивала ыытыллан ситиһии кэллэ.

Олоҥхо дьиэтин кытары үгүс маастардар үлэлэһэллэр:

Захаров Руслан Афанасьевич уус-уран маастар, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, мас ууһа, тимири уһаарааччы, саха төрүт доҕуһуолун оҥорооччу.

Васильев Александр Егорович Сомоҕотто Саха өрөспүүбүлүкэтин профессиональнай үөрэҕириитин туйгуна, бэйэ эскииһинэн мас оҥоһуктары, араас хамыйахтары, ытыктары станога суох кыһан оҥорор.

Стручков Виктор Викторович Намнааҕы орто оскуолатыгар үлэҕэ уруогун учуутала. Кини станокка, илиинэн оҥорууга үөрэтэр-такайар.

Слепцов Сергей Гаврильевич Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, уус-уран оҥоһуктары оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саҕалаабыта.

Оскуола оҕолоругар, кэлэр көлүөнэҕэ, ыччакка балаҕаҥҥа киирэн көрөллөрүгэр олус үчүгэй сахалыы араас оҥоһуктаах музей тэрилиннэ. Бу музей инникитин кэскиллээх дии саныыбыт. Араас кэпсэтиилэр, экскурсиялар, кылаас чаастара ыытыллаллар. Сахабыт сирин улуустарыттан кэлэллэр. Холобура, Таатта улууһун курдук сиртэн маастардар маастар-кылаас ыытан, оҕолор, үөрэнээччилэр, устудьуонна, үлэтэ суохтар кэлэннэр көхтөөх кыттыыны ылбыттара.

“Эҥсиэли оһуохайа” түмсүү

“Ил-Куо” вокальный ансамбль:

Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр улуус олохтоохторугар араас оҥоһуктары көрдөрөр, умсугутуулаах музей арыллыбытын кэрэхсээтибит. Тэрилтэ салалтата гран ылан арааһынай уһанар станоктары атылааспыттарыттан маннык ситиһии кэлэр. Манна устудьуон Алексей Сыромятников үлэлэрин сэргии көрдүбүт.

Саха республикатын култууратын туйгуна, Нам, Орто Халыма улуустарын экономическай сайдыытын бэлиэ хаһаайката Колпашникова Вера Васильевна Олоҥхо дьиэтин, үлэһиттэрин олус сатабыллаахтык иилээн-саҕалаан күүстээхтик үлэлии олороллорун билэбит. Сөптөөх бириэмэҕэ иллээх хамаанда быһаарыныытынан, хамсаныытынан граннар кэлэллэр уонна граннар туһалаахха ананалларын көрөн киһи астынар.

Нам сэлиэнньэтэ сыаналыыр Олоҥхо дьиэтэ 22 маастардары кытта үлэлэһэр: мас уустара, тимир уустара, иистэнньэҥнэр. Бары салааҕа үлэ күүстээхтик барар, ону таһынан, ый ахсын Хордогосова Нина Иннокентьевна алгыс ыытар.

Сыһыары туттахха, биһиги Саха республикатын култууратын туйгуна Неустроева Ирина Ивановна салайааччылаах “Ил Куо” вокальный ансамбль П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтигэр быйыл иккис сылбытын дьарыктанабыт.

“Ил Куо” вокальнай ансамбль “Саҥа сылга саҥа ааттар” авторскай проектан тэриллибитэ, хомуллубута. Ити курдук, “Ил Куо” иллээх, эйэлээх кыргыттар диэн өйдөбүлгэ сүрэхтэнэммит, кылгас кэмҥэ хаһыс да төгүлүн республикатааҕы конкурстарга лауреат ааттары ыллыбыт. Ирина Ивановна үлэтин чэрчитинэн, ансамблы улууспут тэрээһиннэригэр кытыннарар. Аҕыйах хонуктааҕыта, тапталлаах Наммыт сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 82 сыла тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппыт.

Читайте дальше