Намнааҕы педколледж “Зарница 2.0” байыаннай-патриотическай оонньууга 2-с миэстэни ылла

Горнай улууһугар муус устар 24-26 күннэригэр “Зарница 2.0” Бүтүн Россиятааҕы байыаннай-патриотическай оонньуу күрэхтэһиитэ буолбута. Бэрдьигэстээххэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии түһүмэҕэр Нам улууһуттан Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия, 1 Хомустаах орто оскуолата уонна И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж күрэхтэстэ.

Бүтүн Россиятааҕы “Зарница 2.0” байыаннай-патриотическай оонньуу өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр Намнааҕы педколледж устудьуоннара 2-с миэстэ буоллулар. Ол курдук, хамаандалар күрэхтэһии 7 көрүҥэр бастыыр иһин күрэхтэспиттэр: строевой бэлэм; Аҕа дойду историятын билии уонна сэбилэниилээх күүс сүрүн тутулун билии; байыаннай-полевой медицина; радиационнай, химическай, биологическай көмүскэл сүрүнэ; байыаннай мэһэйдээх сүүрүү; сыал ытыы (огневая подготовка); былаах былдьаһыыта.

Харысхан Попов