Намнааҕы техникум өҥө эйгэтин технологиятын методическай комиссиятын декадатын маастар-кылаастарынан, атыы-кутуу дьаарбаҥкатынан түмүктээтэ.
Устудьуоннар уонна аҕа маастардар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын, төрүт астан сонун бүлүүдэлэри астаан көрдөрдүлэр, кистэлэҥин, уратытын кэпсээтилэр уонна эриэккэс бүлүүдэлэрин амсатан күндүлээтилэр. Мустубут дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи “Вкус Якутии” фестивальга үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыт эдэр асчыттар бүлүүдэлэрин амсайдылар. Ол курдук, Виктор Дохунаев тоҥ балыгы аныгылыы көрүҥүнэн саламааты кытта, Артем Анеха отон сүмэһинэ, кытыан от тумалаах таба этин халахатыы ньыматынан, Вадим Федоров “Арай биирдэ туундараҕа” диэн минньигэс бурдук ас астаатылар. Тус бэйэм таба этин биһирээтим, отон сүмэһинэ эккэ дьикти амтаны биэрэр эбит.
Лариса Пермякова, производственнай үөрэх маастара:
— “Вкус Якутии” фестивальга кыттан үһүс бочуоттаах миэстэни ыллыбыт уонна “Аврора” гостиницаҕа стажировкаҕа ыҥырылынныбыт. Асчыт идэтигэр 3 сыл 10 ый үөрэнэллэр. Хас биирдии куонкуруска кыттыы, үөрэххэ ыҥырыллыы — барыта уопут. Устудуьоннар маастарыстыбалара үрдүүр, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥиир. Быйыл техникуммут 60 сылын бэлиэтээтибит. Оттон асчыттары бэлэмнээбиппит 17-18 сыл буолла. Бу сыллар тухары үгүс ыччакка анал идэ ыларыгар көмөлөстүбүт. Сылтан-сыл сайдабыт, кэҥиибит. Эдэр дьон биһиэхэ тардыһар, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн үөрэнэллэр. Оборудованиенан, аһынан-үөлүнэн толору хааччыллан олоробут, үөрэх министерствота өйүүр.
Нэһилиэнньэттэн сакаас ылан үлэлиибит. Ол иһин оҕолор тардыналлар, хаачыстыбаҕа үлэлииллэр. Полуфабрикаттары оҥоробут, бэлэм бүлүүдэлэри астаан биэрэбит. Сыанабыт удамыр, дьон-сэргэ хамаҕатык атыылаһар, үөрэ-көтө сакаас биэрэр.
Өрөспүүбүлүкэбит «визитнэй карточкатынан» буолбут “Вкус Якутии” фестивальга кыттыбыт уолаттары тэҥэ, аҕа маастардар маастарыстыбаларын көрдүбүт. Холобура, дьаарбаҥка ыҥырыылаах ыалдьытынан Иван Слепцов буолла. Иван Владимирович тоҥ балыгы кыһан көрдөрдө. Итиэннэ олус наадалаах, туһалаах сүбэлэри кэпсээтэ. Оттон производственнай отдел маастара Дмитрий Аргунов хопчуонай халбаһыы, ыыһаммыт, эт, сыа атыылаата. Дмитрий Дмитриевич техникумҥа маастардыырын таһынан, дьоҕус сыаҕар эт-аһы ыыһаан, олохтоох бородууксуйанан нэһилиэнььэни хааччыйар санаалаах. Бу улахан үлэтигэр Хатыҥ Арыы, улуус баһылыктара көмөлөспүттэрин, техникум директора улаханнык өйөөбүттэрин махтана эттэ.
Устудуьоннар уонна маастардар күүстэринэн тэриллибит минньигэс, амтаннаах , иҥэмтиэлээх ас-үөл дьаарбаҥкатын үрдүктүк сыаналаатыбыт, оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хайҕаатыбыт. Намнааҕы техникум аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, ас-үөл эйгэтин баһылаан инники кирбиигэ тахсан эрэрин биллибит. Онуоха чиҥ олук ууруллубутун көрөн итэҕэйдибит.
Видео: https://t.me/gazetaensieli/14237
Лена Ноговицына