Намнар Доҕордоһуу болуоссата саҥардылларыгар турунуохтара

Доҕордоһуу болуоссата саҥардылларыгар сотору кэминэн куоластааһын саҕаланыаҕа. Бу тула Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыгар олорор сирбит тупса турарыгар үлэ ситимнээхтик салалларыгар сүбэлэһии буолла.

“Доҕордоһуу болуоссата тупсар, саҥардыллар кэмэ кэллэ диэн үгүспүт толкуйдуур буолуохтаах. Дьэ, намнар маны мүлчү тутуохпут суоҕа – болуоссаты тупсарарга куоластааһын күннэрин”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Халлаан сылыйдаҕына дьиэ кэргэнинэн күөх хонуу устун сандаарыччы тыкпыт уоттаах болуоссакка сынньанан кэлэртэн туох ордук баар буолуой. Аны туран, Наммыт улууһа Куба бэлиэлээҕин көрдөрөр Куба пааматынньыга туруоҕа. Оҕолорбут былаһааккаларга, сир анныттан тахсар фонтаҥҥа үөрэ-көтө оонньуулларын, сүүрэллэрин хайа төрөппүт көрүөн баҕарыа суоҕай. Саҥалыы быһыыланан-таһааланан киэркэйбит болуоссаппытыгар ыччат дьоммут тоҕуоруһа мустуо, тэрээһиннэри тэрийиэ. Ол туһуттан хайаан куоласпытын биэриэхпит суоҕай?!

Ити курдук, Нам сэлиэнньэтигэр “нэһилиэккэ аныгылыы куорат эйгэтин тэрийии” программа хайысхата тиһигин быспакка олохтоохтортон күүс-көмө ылыахтаах. Санаттахха, Максим Аммосов биэрэгэ (Набережнай) куоластааһын түмүгүнэн олоххо киирбитэ. Аны былырыын Нам улууһун олохтоохторо бары турунан 9200 куолас биэрэннэр култуура уонна сынньалаҥ паарката – Ыһыахтыыр сирбит сыл устата үлэлииригэр кыайбыта.

Ылсыбытын ыһыктыбат баһылыкпытыгар эппит тылбытын толоруохха, күөрэ-лаҥкы барбат сиртэн тирэхтээх баҕана туруоруохха, өйөбүл буолуохха!

Санааны хас да гына хайыппакка бары тэрилтэ үлэһиттэрэ, улуус туруору көнө майгылаах дьоно-сэргэтэ болуоссаппыт саҥардылларын туһугар кыһаныахха, куоластыахха. Тоҕо диэтэр, биһиги намнарбыт! Инникитин, Нам улууһа бүтүн киһи курдук хамсанарга, толкуйдуурга үөрэниэҕэ, кубулуйуоҕа уонна барытыгар бэлэм олоруоҕа.

Харысхан Попов

Читайте дальше