Нэһилиэкпититтэн талааннар тахса турдуннар

Намҥа кулун тутар 19 күнүгэр 2 Хомустаахтан төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор, иистэнньэҥ идэлээх, уус тарбахтаах, айар айылгылаах Варвара Цыпандина «Сүрэх сэргиир кэрэтин аныыбын» үлэтин көрдөрөр быыстапкатын аһыллыытыгар сылдьыбыт дьон санааларын үллэстэллэр.

Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:

— Тэрээһиммит бэркэ ааста. Бары да астынан, дуоһуйан бардылар. Варвара Иннокентьевна бэйэтэ ыллаһар «Чараҥ» ырыа ансаамбыла куораттан кэлэн кыттан наһаа да киэргэттилэр. Дьүөгэлэрэ кини туһунан иһирэхтик, ис хоһоонноохтук кэпсээн, ыллаан-туойан тэрээһиммитин наһаа байыттылар. Барҕа махтал буоллун!
Аны аймахтара эдьиийдэрин туһунан истиҥ ахтыылары оҥордулар, убаастыылларын, таптыылларын, киэн тутталларын биллэрдилэр. Үтүө тыллары, мааны баҕа санааларын тиэрдэн Варвара Иннокентьевнаны долгуттулар, үөртүлэр. Дойдубут дьоно бу тэрээһинтэн, быыстапкаттан бары да астынныбыт уонна үөрдүбүт. Нэһилиэкпититтэн талааннаахтар тахсан иһиэхтэрэ турдаҕа.

Эдьиийбит бу тэрээһини ыытары сөпкө өйдөөн, «ээх» диэн сөбүлэһэн, бары биир санааҕа кэлэн, улахан тэрээһиммитин ыытан, сыал сорук туолла диэн астынан олорбун. «Тыл барда, бас барда» диэн мээнэҕэ этиллибэт, ону толордубут уонна олоххо киллэрдибит. Ол бэйэтэ туһунан кыайыы уонна үөрүү буолар. Варвара Иннокентьевна быыстапката М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһыгар П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр кулун тутар 25 күнүгэр диэри туруоҕа. Ким баҕалаах кэрэни кытта алтыһан сүрэххитин манньытан, хараххытын сымнатан ааһыҥ диэн ыҥырабын.

Таисия Сeменова, 2 Хомустаахтан төрүттээх Нам с. олохтооҕо:

— Мин быыстапкаҕа санаабын суруйабын. Бастатан туран, Лидия Егоровнаҕа махталбын тиэрдэбин. Кини үтүө, харса суох санаатынан эдьиийбитигэр, биир дойдулаахпытыгар кыһаллан, сүүрэн-көтөн, улахан кэпсэтиилэри ыытан маннык бэртээхэй быыстапканы тэрийсэн туруортарда. Бэйэтэ алгыстаах тойугун хайдах курдук ис иһиттэн долгуйан, үөрэн-көтөн туран толордой! Оттон Варвара Иннокентьевна дьүөгэлэрин ыҥыран, олус истиҥ ырыалары бэлэхтээтилэр, үтүө-мааны, махтал тылларын эттилэр. Бу кэлбит, ыллаабыт-туойбут ыалдьыттарбыт бары ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ, дьиҥнээх саха Далбар хотуттара. Кинилэр араас дойдуларга тиийэн, сахалыы ырыаны иһитиннэрэр, саха таҥаһын көрдөрөр, сырдык санаанан сыдьаайа сылдьар үтүө-мааны дьоммут. Талба талааннаах Варвара Иннокентьевнаҕа, дьүөгэлэригэр барҕа махтал!

Лидия Петрова, «Чараҥ» ансаамбыл кыттыылааҕа, старостата:

— Варябыт быыстапката дойдутугар улахан сэҥээриини ылла уонна аһыллыыта үрдүк таһымнаахтык ааста. Ансаамбылынан тахсан аһыллыытыгар дьүөгэбитин эҕэрдэлээн үс ырыаны ыллаатыбыт. Мустубуттар дохсун ытыс тыаһынан биһирээбиттэрин биллэрдилэр. Елизавета уонна Розалия сололаатылар. Көрөөччүлэр астыммыттар, кэлин кэлэн махтаныы бөҕөтө, тэрээһини олус киэргэттигит дииллэр. Өссө аһыллыытыгар дьону көрсөн, сэлэлии туран дэйбииринэн арчылаан, кытыйалаах алаадьынан күндүлээн көрүстүбүт. Онон сахалыы сиэр-туом тутуһулунна. Варябыт наһаа маладьыас! Барсан кыттыыны ылбыт, өйөөбүт кыргыттарга махтал, таптал! Куруутун маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

Касьян Олесов-Олук