СӨ правительствотын 2023 сыллааҕы үлэтин Модут нэһилиэгэр отчуоттуур.
Модуттар отчуоттуур иккис бөлөххө врачебнай амбулатория, агрооскуолаҕа тыраахтыр көрүүтүн, 150 миэстэлээх култуура дьиэтин, спорт хайысхатыгар инвентарь көрүүтүн туруорсар. Ону тэҥэ, тэрилтэ дьиэлэригэр капитальнай өрөмүөн ыытыы.
Ыччат политикатыгар, эдэр дьон дьиэ туттарыгар Саха сирин салалтатыттан көмө көрдөһүү. Тыа сиригэр бүтэһиктээхтик олохсуйуу, үлэни-хамнаһы өрө тутуу — дьиэ туттуутугар, тэринэригэр олоҕурар. Дьэ, кырдьык бу төһүү күүһү биэриэ этэ, эдэрдэргэ маҥнайгы сүрүн олуктарын ууруо этэ диэн баҕа санаа этиллэр.
Модут нэһилиэгэ врачебнай амбулаторияҕа уонна култуура дьиэтигэр сытыытык наадыйар нэһилиэктэргэ киирсэр. Билиҥҥи күн туругунан, Модутка оскуола тутуута ыытыллар.
Оскуолалары таарыйбычча, агрооскуолалар көмө харчыга наадыйаллара, сөптөөх программалар үлэлииллэрэ эбитэ буоллар диэн этиилэр Модутка эмиэ ахтылыннылар. Онуоха үөрэх уонна тыа хаһаайыстыбатын министерстволара холбоон тугу эмэ тобулалларыгар этии киллэрбиттэрэ. Ол эрээри, билиҥҥитэ агрооскуолалар эбии үп киллэрэллэринэн сибээстээн, субсидия көрүллүбэт.
Сылгыһыт Николай Сокольников оҕолору уонна ыччаты сылгыга сыһыарыахха диэн этии киллэрбитин отчуоттуур иккис бөлөх интэриэһиргээбитин биллэрдэ. Холобура, борбуйун көтөхпүт уол оҕо сылгыны миинэр буолуохтаах.
Ону тэҥэ, учууталларга, быраастарга эрэ буолбакка атын хайысха үлэһиттэригэр эмиэ земскэй үлэһит программа киирэрэ буоллар диэн баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Нам улууһун хас биирдии нэһилиэгэ тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар долгуйар, бэйэтин санаатын этэр. Нэһилиэнньэттэн элбэх этиилэр, көрүүлэр киирэллэрэ наадатын тыа хаһаайыстыбатын министерствота ыйар.
Харысхан Попов