“Нэлэгэр” түөлбэттэн 10 үөрэнээччи маҥнайгы кылааска киириэҕэ

Намнааҕы оҕо библиотекатыгар бүгүн “Нэлэгэр” түөлбэ актива бастакы кылааска киирээччи оҕолорун чиэстээтэ. “Посвящение в первоклассники” тэрээһиҥҥэ барыта 10 оҕо кыттыыны ылла.

Быйылгы үөрэх дьылыгар “Нэлэгэр” түөлбэттэн 3 кыыс уонна 7 уола маҥнайгы кылааска барыахтара. Оскуолаҕа киирээччи оҕолору Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыттан Аграфена Винокурова, түөлбэ салайааччыта Ольга Прядезникова, актив Анна Сидорова кэлэн эҕэрдэ тылларын анаатылар. Оҕо библиотекатыгар үрдүк таһымҥа ааспыт тэрээһинтэн оҕолорго, төрөппүттэргэ умнуллубат үөрүү түгэнэ хаалла.

Тэрийээччилэр араас үгүс конкурстары, викторина, оонньуулары уонна Оҕо библиотекатын дьиэтигэр экскурсия тэрийдилэр. Манна оҕолор бэйэлэрин талааннарын арыйдылар, билиилэрин көрдөрдүлэр уонна күннэрин бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта бэһиэлэйдик атаардылар.

Оҕолор чуолаан библиотекаҕа кинигэ эйгэтин кытта билсэннэр, мантан антах кинилэри бэрт интэриэһинэй ааҕыылар күүтэллэрин бэлиэтиибит. Тэрээһиммит бүтэһигэр оҕолорбутугар бэлэхтэри туттараммыт күүтүллүбэтэх үтүө үөрүүнэн түмүктэннэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Соҕуруу Корея Тэджон куоратыгар норуоттар икки ардыларынааҕы IYRC-2024 робототехника күрэхтэһиитин үс түһүмэҕин кыайыылааҕар Самсонов Артурга “Нэлэгэр” түөлбэ олохтоохторо анал бириис туттардылар. Үөрүүлээх күҥҥэ Самсонов Артур эҕэрдэ тылын эттэ.

Үрдүк көрдөрүү бу аан маҥнай буолла. “Нэлэгэр” түөлбэ олохтоохторо Артур ситиһиилэринэн киэн туттабыт уонна үөрүүлээх сонуну маҥнайгы кылааска киирэччи оҕолорбутун кытта тэҥҥэ үллэһиннибит. Артур “Солнышко” уһуйааҥҥа сылдьан тренер-педагог Татьяна Николаеваҕа дьарыктаммытын санатабыт.

Тэрийээччилэргэ уонна Намнааҕы Оҕо библиотекатын коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

“Нэлэгэр” түөлбэ актива

Читайте дальше