Николай Охлопков — республикабыт дьоһун салайааччыта, Нам чулуу киһитэ

Н.С. Охлопков төрөөбүтэ 95 сылын көрсө

ХХ үйэҕэ Саха Республикатын үтүө аатын ааттаппыт, олоҕун-дьаһаҕын  сүһүөҕэр туруорсубут чулуу дьонтон биирдэстэрэ Николай Семенович Охлопков буолар. Кини олоххо киллэрбит бөдөҥ куораттара, тутуулара, араас объектара – бу барыта  үйэлэргэ хаалыахтара. Кини аата историяҕа көмүс буукубанан суруллуоҕа.

Н.С. Охлопков 1929 сыллаахха  ыам ыйын 7 күнүгэр Нам оройуонугар Көдөһү нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ.  1955 с. С.И. Киров аатынан лесотехническэй академиятын бүтэрээт, Өлүөхүмэтээҕи леспромхоз куораттааҕы пуунун салайааччытынан ананан үлэтин саҕалаабыта. 1959 с. кылаабынай инженеринэн ананар. 1960-1966 сс. ССКП Дьокуускайдааҕы комитетыгар үлэлиир, кэлин бу отдел сэбиэдиссэйэ буолар. 1965 с. ССКП Киин комитетын иһинэн Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрбитэ.  Ити сыл Кэбээйи оройуонун партийнай комитетын бастакы сэкирээтирэнэн ананар. 1965-1988 сс. Саха АССР Министэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин тутуу уонна олох-дьаһах хаһаайыстыбатын салаатыгар солбуйааччытынан үлэлиир.  Николай Семенович  республика промышленнай оройуоннарыгар, ону тэҥэ тыа сиригэр тутуу үлэтин сүрүннээбитэ.

1967 с. Бүлүүтээҕи ГЭС бастакы агрегата уонна Таас Тумус – Дьокуускай газ ситимин бастакы утаҕа үлэҕэ киирбитэ. 1968 с. Министрдэр Сэбиэттэрэ уонна партия уобаластааҕы комитета республикаҕа бөдөҥ блоктаах тутууну саҕалыыр туһунан уураах ылыммыттара. Маны тэҥэ, Мохсоҕолооххо цемент оҥорон таһаарар собуоту тэрийэр, панель дьиэлэри тутар, Дьокуускай куоракка дьиэ тутар комбинаты арыйар туһунан боппуруос турбута. Ити сыл республика правительствота газ ситимин тардар былааны бигэргэппитэ. Үс сыл иһигэр  оройуон кииннэрин, Дьокуускай куораты  сайыннарар генплан оҥоһуллан бигэргэтиллибитэ.

Н.С.Охлопков салайааччы быһыытынан үлэтин биир сүрүн ситиһиитэ – республика соҕуруу оройуоннарын сайыннарыы. Кини салалтатынан Нерюнгри куорат тутуллубута, тимир суол тутуута саҕаламмыта. 1973 с. республика салалтата, партия комитета биир бастакынан киэҥ хабааннаах  сайдыы программатын бигэргэппитэ. Бу ураты суолталаах докумуону оҥорсубут киһи Н.С. Охлопков буолар. Николай Семенович 1975 с. Саха АССР министрдэрин сэбиэтин председателин бастакы солбуйааччытын быһыытынан үлэлээбит кэмигэр “Водоканал”, “Коммунэнерго”, “Межрайгаз” курдук бөдөҥ тэрилтэлэр баар буолбуттара, кэлин сайдан, тэнийэн республика тутаах тэрилтэлэрэ буола үүммүттэрэ.

1970 сс. Сибиир уонна Уһук Илин экономикатын сайыннарар баараҕай программа чэрчитинэн  Дьокуускайга, Мирнэйгэ, Нерюнгрига  тутуу сайдыытын олуга ууруллубута, тыа сиригэр капитальнай тутуу салгыы сайдар кыахтаммыта.

Ойуур промышленноһа балайда сайдыбыт кэмэ этэ эрээри , оҥорон таһаарыы суох этэ. Онон тутуу матырыйаалынан хааччыйыы боппуруоһа кытаанахтык турбута. Республика салалтата , правительство бу кыһалҕаны быһаарарга туох баар кыаҕын түмэн үлэлэспитэ. Ол курдук кылгас кэм иһигэр Ленскэй оройуон Ярославскай собуотун үлэҕэ киллэрэн, республика хоту оройуоннара тутуу матырыйаалынан хааччыллыбыттара. Республикабытыгар саҥа бөһүөлэктэр: Абый оройуонугар  Үрүҥ Хайа, Аллайыахаҕа — Оленегорск, Булуҥҥа -Таймылыр, Томпоҕо -Тополинай -тутуллубуттара.  Бу барыта Н.С.Охлопков салайааччы быһыытынан иилиир-саҕалыыр ураты  дьоҕурдааҕын көрдөрөр. Абый оройуонугар биэс сыл иһигэр   тупсаҕай көстүүлээх, толору хааччыллыылаах  улуус киинэ дьэндэйэн тахсыбыта.

Николай Семенович  республика салайааччыта буолан, олох-дьаһах бары хайысхатын хабан быһаарсара, сайдыы суолун тутуһара. Ол курдук Бүлүүтээҕи ГЭС, Дьокуускайдааҕы ГРЭС, Депутатскай ГОК тутар туһунан боппуруос быһаарыллыбыта, Байкал-Амурдааҕы тимир суолун тутуу саҕаламмыта, Саха сирин соҕуруу өттө балысханнык сайдан барбыта.

1985 с.  Дьокуускай куоракка диэри тимир суолу тутар туһунан    правительство  уурааҕа тахсыбыта. 1985-1986 с. Өлүөнэ өрүс уута уолан  үгүс кыһалҕа үөскээбитэ. Алмаас хостуур тэрилтэлэр үлэлэригэр харгыс тахсыбатын диэн, уот ситимин үлэтин бөҕөргөтөн, Мирнэйгэ газ оттуктаах икки электростанцияны тутуохха диэн правительство  быһаарыы ылыммыта.  НС.Охлопков  бу үлэни тэрийэр бөлөххө киирэн быһаччы кыттыбыта. 1992с. правительство Беркакит-Томмот –Якутск хайысханан тимир суолу тутар наадалааҕын бигэргэппитэ.

Николай Семенович салайар үлэҕэ ананыаҕыттан  республика  хаһаайыстыбатын салаата сайдыбыта, тоҕо диэтэр, кини оҥорон таһаарыынан эрэ буолбакка, республика сайдыытыгар сүрүн күүһүн  уурбута. Николай Семенович нэһилиэктэри сайыннарыы  сүрүн тэрилтэтинэн , Дьокуускай аттыгар турар Марха бөһүөлэгин ааттыыра. Кини учаастактарга,  улуустарга ыытыллар тутууларга куруутун тэҥҥэ сылдьыһара, болҕомтотун  уурара, күүс-көмө, сүбэ-ама биэрэрэ. Панель дьиэлэри тутуу маассабайдык тарҕаммытын кэннэ  Дьокуускай куорат киин оройуоннарын хаттаан оҥорор түмүккэ кэлбиттэрэ. Ону олоххо киллэрэргэ эргэ, хаарбах туруктаах мас дьиэлэртэн тыһыынчанан олохтоох дьону дьиэлэриттэн көһөрбүттэрэ. Өлүөнэ өрүс кытылыгар турар микрорайонтан саҕалаабыттара. Маннык  көһөрүү үтүө түмүктээх этэ.

1966-1988 сылларга Н.С. Охлопков капитальнай тутуу сайдыытын салайбыта. Бу кэм устата республикаҕа 94377 млн. кв.м.  олорор дьиэ, 93889 оҕо үөрэнэр оскуолата,35268 миэстэлээх оҕо саадтара, 4020 миэстэлээх балыыһа, 1971-1985 сылларга  — 4005 киһилээх поликлиника, 43327 миэстэлээх Култуура дьиэлэрэ, кулууптар үлэҕэ киирбиттэрэ. Маннык  түргэн тэтимнээх  тутуу үлэтэ  ХХ үйэ устата биһиги республикабытыгар суох этэ.  Тутуу индустриятын көмөтүнэн киин улуустарга эрэ буолбакка, хоту улуустарга эмиэ капитальнай тутуу  ыытыллыбыта.

Николай Семенович сүрүн  күүһүн тэрилтэлэр сайдыыларыгар, инженернэй инфраструктура   тиһигин  хаҥатыыны  хааччыйыыга уурбута. Ирбэт тоҥ буордаах, тыйыс кыһыннаах дойду усулуобуйатыгар ити тиһиги үлэлэтэр билигин да ыарахаттардаах.

Николай Семенович республика бырабылыыстыбатын биир саамай сүрүн, биллэр-көстөр үлэһитэ буолар. Кини үйэ чиэппэрин кэриҥэ Саха АССР Министэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ, кинини солбуйар киһи суох этэ.  Маннык уһун кэм устата  үрдүк салайааччынан үлэлээбит  киһи өрөспүүбүлүкэ бырабылыыстыбатын устуоруйатыгар суох. Николай Семенович үлэлээбит кэмигэр республикабыт  балысханнык сайдыбыта . Ол курдук дойдубут арҕаа   оройуоннарыгар, нэһилиэктэригэр дьон тоҕуоруһа олороругар усулуобуйа толору тэриллибитэ, Депутскайдааҕы ГОК, Сарылаах руднига, Аллараа Куранах көмүс хостуур фабриката үлэҕэ киирбиттэрэ.

Н.С. Охлопков биэс төгүллээн Үрдүкү Сэбиэт депутатынан талыллан, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини республика сайдыытыгар киллэрбит кылаатын үрдүктүк сыаналаабыттара, ол курдук  “Бочуот знага” икки орден, “Норуоттар доҕордууһалара” орден, ССРС мэтээллэрэ, РСФСР уонна Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуоттаах грамоталара наҕараадалардаах. Н.С. Охлопков — Нам улууһун уонна Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина.

Николай Семенович Охлопков дьоҥҥо – сэргэҕэ оҥорон хаалларбыт үлэтинэн-хамнаһынан биһиги Наммыт чулуу дьоннорун М.К. Аммосов, И.Е. Винокуров кэннилэриттэн биир бөдөҥ государственнай деятель быһыытынан үйэлэргэ аата ааттана туруоҕа диэн бүк эрэнэбит.

Александра Васильева, Аэлита Попова