Нам улууһун дьоно-сэргэтэ сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар “Тыа сиригэр куорат эйгэтин тэрийии” национальнай бырайыагынан олоххо киирбитэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу киэҥ сирдээх-уоттаах Россия үгүс норуоттара национальнай программаларынан сөптөөхтүк туһаналларыгар президент Владимир Путин өйөөбүт, көҕүлээбит программата буолар.
Ол курдук, Нам сэлиэнньэтигэр үлэ сөптөөхтүк ыытыллыбытыттан Максим Аммосов аат. “Набережнай” олоххо толору киирбитэ. Билигин сквергэ олохтоохтор дьаарбайаллар, ыччаттар сынньаналлар, оҕолор оонньууллар. Быһата, сэлиэнньэбит биир тупсаҕай сирэ буолла. Ону тэҥэ, былырыын намнар салалта, нэһилиэнньэ икки өттүттэн эмиэ сөптөөхтүк өйдөһөн күүстээх куоластааһын түмүгэр, култуура уонна сынньалаҥ паарка – Ыһыахтыыр сирбит саҥардылларын ситиспиппит.
“Биир киһи курдук турунуу баар буолллаҕына, толкуйдаммыт бырайыак, тутуу олоххо киирэр. Киһи киһиэхэ итэҕэйбититтэн, эрэммититтэн бүгүҥҥү күҥҥэ Максим Аммосов аат. “Набережнайга” сынньана, дуоһуйа хаама сырыттахпыт. Хас биирдии нэһилиэк олохтоох дьаһалта ыйбыт, эппит суолун тутуһарыттан маннык тупсаҕай тутуулар баар буолаллар диэн санаалаахпыт”, – диэн санааларын этэллэр намнар.
Аҕыйах кэминэн «Доҕордоһуу» болуоссата тупсарыгар, саҥардылларыгар куолаастааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыахпыт.
Кыайыы уола Харысхан