Нам улууһугар доруобуйа харыстабыла тэриллибитэ 125 сылыгар түбэһиннэрэн, Салбаҥнааҕы ФАПка 45 сыл устата нэһилиэнньэ доруобуйатын туһугар үтүө суобастаахтык үлэлээбит Зоя Михайловна Ван-Син-Чин аатын иҥэрэр үөрүүлээх түгэн буолла.
СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Сэрии кэмин оҕото, Үлэ бэтэрээнэ, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина, Салбаҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх Зоя Михайловна эдэр эрдэҕиттэн активистка, спортсменка, Социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх кыайыылааҕа, нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун чилиэнэ, депутат, сатабыллаах салайааччы, муударай сүбэһит, киэҥ билиилээх эмчит. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ ытыктаан «Биһиги дьолбутугар кэлбит кытай кыыһа» диэн махтана, киэн тутта ааттыыллар. Кини 1966 сылтан 2011 сылга диэри эмтээбитэ-томтообута, үтүөрдүбүтэ элбэх, 30-ча оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт Ийэ кэриэтэ киһибит, онтон доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үтүө холобур буолуон буолар.
Улуус кылаабынай бырааһа А.Н. Сергеев Зоя Михайловна аата бэриллибитин сөптөөх диэн эҕэрдэлээтэ уонна солбуйааччыта В.В. Атласовалыын нэһилиэнньэ медицина өттүгэр туох кыһалҕалааҕын иһиттилэр, бэриллибит ыйытыыларга хоруйдаатылар. Боппуруос үксэ тиискэ, харахха, кардиологка көрдөрүүгэ ананна. Маны тэҥэ Н.С.Павлов бэрт хамаҕатык эмп атыылаата.
Зоя Михайловна аймахтарын аатыттан С.Н.Фёдорова: «Биһиги ийэбит Зоя Михайловна үлэтин сыаналыыргытыгар, куруутун саныыргытыгар махтанабын. Нэһилиэгэ инициативалаан, бу аат бэрилиннэ. Норуоттан тахсыбыт чиэс — саамай үрдүк чиэс», — диэн туран, ФАП билиҥҥи биэлсэригэр Вальтер Карловичка сертификат туттарда.
Татьяна Касьянова