Намнааҕы художественнай түмэлгэ бүгүн РФ уонна СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Николай Попов “Дорогу осилит идущий” диэн быыстапката арылынна. Кэбээйи Сииттэтиттэн төрүттээх Николай Николаевич оскуоланы Нам улууһугар бүтэрбитэ, Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледжка 5 сыл үлэлээбитэ.
“Оҕо эрдэхпиттэн, оскуола сааспыттан тэтэрээт илииһин марайдыыр идэлээх этим. Обургу кылаастарга оскуолаҕа кылаас истиэнэ хаһыатын оҥорор, бырааһынньыктары киэргэтиигэ үлэлэһэр буолбутум. Ол иһин, худуоһунньук буолбутум буолуо”, – диэн этэр Николай Попов.
Норуот худуоһунньуга Николай Попов Александр Пушкин аатынан Ил Академическай Нуучча Театрыгар 47-с сылын кылаабынай худуоһунньугунан үлэлиир. Нуучча Театрыгар таһаарыылаахтык үлэлээн норуот худуоһунньуга буолуохпар диэри үүннүм диэн Николай Попов этэр.
Нам улууһугар көрдөрүрүллүбүт Платон Слепцов-Ойуунускай олоҥхотугар “Туйаарыма Куо” музыкальнай драматыгар Николай Попов кылаабынай художнигынан үлэлээбитин бэлиэтиибит. Худуоһунньук Николай Николаевич артыыстары уруһуйдуур буолан, мэтириэт суруйарыгар үгүс уобараһы арыйар.
Николай Попов Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россяҕа биллэр худуоһунньук буоларын биир идэлээҕэ Сергей Колесов бэлиэтиир. Ол курдук, Николай Попов күүстээх живописец, график.
Сайын кэлбитинэн, “Дорогу осилит идущий” быыстапка Намнааҕы художественнай түмэлгэ худуоһунньук айылҕаны хоһуйбут уруһуйдара дьон көрүүтүгэр ый устата туруоҕа.
Харысхан Попов