Өрөбүл күннээҕи ааҕыы: Оҕо көрсүө майгыта – дьиэ кэргэн айылгыта

Биһиги дьиэ кэргэн 6 уол оҕолоохпут, билигин кинилэр бары кэргэннээх, оҕолоох ыал аҕалара буоллулар.

Соторутааҕыта улуус дьаһалтатын тэрээһининэн аҕалары кытта «Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун туһунан» диэн биһиги олохпутугар олус улахан суолталаах боппуруоһу дьүүллэстэ.

Бу боппуруос тула олохтоох бэчээппитигэр сэҥээриилэр, бэйэ санаалара бэчээттэнэн эрэллэр. Ол курдук, педагогическай үлэ бэтэрээнэ И.Р. Москвитин «Дьиэ кэргэн – кэскил төрдө» диэн ыстатыйатыгар оҕону иитиигэ киэҥ ис хоһоонноох бэйэтин санаатын суруйбутун ааҕан баран, мин эмиэ кылгастык санаабын үллэстиэхпин баҕардым.

Иннокентий Романович өрдөөҕүтэ, биһиги оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ, командировкаҕа кэлэ сылдьан хонон ааспыта. Онно оҕолор көрсүөлэрин бэлиэтии көрбүтэ дуу, биһигиттэн ыйытан турар: «Эһиги оҕолоргут элбэх буолан бараннар көрсүөлэр, оттон биһиги оҕолорбут дьиэҕэ суох буоллубут да, дьиэбитин ыһан кэбиһэллэр», – диэн. Онно мин кэргэним: «Эһиги иккиэн үлэлиигит, күн устата дьиэҕэ суох буолаҕыт, оҕолоргут көрүүтэ суох хаалаллар, ол иһин мэниктээн дьиэҕитин ыһаллар», – диэн судургутук эппиэттээбитэ.

Ити кэнниттэн Иннокентий Романович олохтоох «Ленин суола» хаһыакка биһиги дьиэ кэргэн туһунан ыстатыйа суруйбута. Кырдьык, оҕолор кыраларыгар ийэлэрин көрүүтэ, үөрэтиитэ, буойуута хайаан да наада буолар кэмэ. Биһиги оҕолорбутун кыраларыгар дьааһылаҕа, детсадка биэрбэтэхпит, бэйэбит көрүүбүтүгэр улааппыттара. Баҕар, ол да иһин буолуо, этэҥҥэ улаатан бары үлэһит дьон буоллулар. Оҕону иитиигэ ийэ, аҕа биир тылы булан, буойан үөрэтэрэ ордук. Аҕалар оҕону иитиигэ ханнык да үлэҕэ үлэлииллэриттэн тутулуга суох ийэлэргэ көмөлөһөллөрө хайаан да наада. Оҕону кыратыттан мөхпөккө-таһыйбакка иитэр көдьүүстээх.

Оҕо мэниктээн буруйу оҥорор түбэлтэтигэр, боччумнаахтык кэпсэтии быһыытынан, сэмэлээн, аны итинник оҥорботун өйдөтөрү оҕо олус ылынымтыа буола. Онтон мөҕөн-этэн, таһыйан үөрэтии (кэһэтии) букатын сыыһа. Мөҕүллэр, таһыллар оҕо кэлин буруйу оҥордоҕуна кистииргэ тиийэр, кистии үөрэнэр, итинтэн сиэттэрэн, уора-көстө араас куһаҕаны оҥорууга тиийэллэр.

Аҕа дьиэҕэ кэргэн баһылыга буоларынан, оҕолоругар холобур буолара иитиигэ улахан оруоллаах. Дьиэҕэ ийэ, аҕа эйэлээх буолаллара наада, бэйэлэрин икки ардыларыгар иирсээннээх, айдааннаах олохтоох буолуу оҕолорго улахан охсуулаах. Онон дьиэ кэргэн ортотугар аҕалар, ийэлэр арыгыттан олох сэрэхтэх буоларгыт ирдэнэр.

Биһиги дьиэ кэргэн олохпутуттан уол оҕолору иитиигэ маннык санаабын этиэхпин баҕарабын. Уол оҕолор эр дьон быһыытынан, ис сүрэхтэриттэн булка тардыһыыларын өйдөөн, урут бэйэм оҕо сааспар холобурданан, оҕолорум сааны кыайан тутар буолуохтарыттан бэйэбин кытта илдьэ сылдьан бултуурга, балыктыырга үөрэппитим. Итиниэхэ сааттан, ууттан, уоттан сэрэхтээх буоларга үөрэтэрим. Кырдьык, кэлин уолаттарым бары булка сыһыаннаах, булт тэрилин сатаан туттар, оҥостор буола улааппыттара. Мин санаабар, оҕо баҕатын олох бопсор сыыһа.

Сааны, булт тэрилин кыратыттан оҕо тутта үөрэннэҕинэ оһолу таһаарбат, сэрэхтээхтик илдьэ сылдьыыга үөрэнэр. Итини сэргэ, оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ, аҕалар эмиэ бэйэлэрин кытта уолаттарын илдьэ сылдьаллара ордук көдьүүстээх. Оччоҕуна кинилэр үлэҕэ дьулуурдаах, сүрэхтээх буола улааталлар. Маны кыра саастарыттан үөрэтэр ордук. Кэлин коллективы кытта үлэлииллэригэр сирдэрбэт үлэһит буола улааталлар.

Мин санаабар, олоххо улахан кыһалҕата суох буоллахха, оҕону дьааһылаҕа, детсадка биэрииттэн туттунуохха сөп. Оҕону ийэ, аҕа такайан иитиитэ кини киһи буолан улаатыытыгар быдан ордук суолталаах. Оттон дьааһылаҕа, детсадка элбэх оҕону биирдиилээн иитии-үөрэтии ыарахана биллэр. Оҕолор хамаанданан сылдьа үөрэнэллэр, салгыы оҕолор оскуолаҕа киирэннэр, кинилэри иитиини төрөппүттэр оскуолаҕа көлбөрүйэн кэбиһэллэр. Биллэн турар, дьиэҕэ-уокка төрөппүттэригэр иитиллибит оҕотооҕор майгы-сигили, барыта сыһыан өттүнэн мөлтөһүөр, уратылаах буолара чуолкай. Кинилэр төрөппүттэрэ бэйэлэрэ көрөн-истэн буойан үөрэппэтэх буоланнар оҕолоро бэрээдэги кэһэллэрин кими эрэ эбэтэр оскуоланы, учууталлары буруйдууллар. Учууталлар мөлтөхтүк үлэлээннэр оҕо буруйу оҥорбутун курдук тыллаһааччылар баар буолааччылар. Бу букатын сыыһа. Оҕо майгыта-сигилитэ үчүгэй буоларыгар төрөппүттэр эппиэттиэхтээхтэр, бэрээдэги кэһэр түбэлтэлэригэр эппиэти аан бастаан кинилэр сүгүөхтээхтэр.

Оскуола оҕону иитииттэн, биллэн турар, олох туора турбат. Кинилэр биһиги оҕолорбутун үөрэҕи баһылыырга, дойдуга үрдүк билиилээх кадрдары бэлэмнииргэ, общественнай олоххо сыһыаҥҥа соруктанан үлэлиэхтээхтэрэ ирдэниллэр дии саныыбын.

Ыччаты, оҕону урукку өттүгэр сэбиэттэр истэринэн тэриллэр общественнай самодеятельнай тэрилтэлэр ылсан үлэлэһэр этилэр. Оттон аҕалар бу үлэҕэ тардыллыбат буолан, кинилэр иитии үлэҕэ оруоллара суох курдук буолан тахсара.

Улууска ыытыллыбыт аҕалар сүбэ мунньахтара оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии-үөрэтии, оҕону ордук кыра сааһыгар иитиигэ эппиэтинэһи үрдэтэр наадалааҕар болҕомтону уурарга тохтоотулар.

Бу билиҥҥи кэмҥэ ыччаты иитиигэ сүҥкэн сорук быһыытынан өйдөөн ыытыллар үлэлэргэ эппиэтинэһи, актыыбынаһы күүһүрдэн, аҕаны общественнай үлэҕэ киэҥник тардан, үлэни тэрийэн ыытыы соруга турара наада буолла. Чуолаан, эдэр ыалы кытта үлэни былааннаахтык ыытыы көрдөбүлэ туруохтаах дии саныыбын.

Түмүкпэр, туох-ханнык оҕолору иитэн бу маннык суруйар бырааптааҕый диэн интэриэһиргиэхтэрэ дии санаан, бэйэм оҕолорум тустарынан кылгас сибидиэнньэни биэрэбин: улахан уол Василий – Эбээн-Бытантай улууһун кылаабынай бырааһа, Алексей – тимир суол монтера, Иван – киномеханик, Петр Васильевич – учуутал, оскуола директора, Кешабыт – Нерюнгри куорат өрөмүөннүүр собуотугар автослесарынан үлэлиир, Илья – үлэ учуутала.

В.П. МАКАРОВ,

Пенсионер, советскай-партийнай үлэ бэтэрээнэ, Модут

“Эҥсиэли”, 26.03.1994 с.