Оҕо кырыктаах буолбатын туһугар

Намнааҕы оҕо библиотекатыгар муус устар 11 күнүгэр “Профилактика аутоагрессивного поведения детей и жестокого обращения с ребенком” диэн профилактическай тэрээһин ыытылынна.

Төрөппүттэргэ аналлаах тэрээһин сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьыалаларыгар уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр общественнай сэбиэт көҕүлээһининэн буолбутун Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын үлэһитэ Анна Слепцова этэр. Өйдөтөр кэпсэтиини ПДН инспектора Е.С. Спиридонова уонна Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотека үлэһитэ А.В. Винокуров иилээн-саҕалаан ыыппыттар.

Көрсүһүүгэ Анна Слепцова улуус оскуолаларыгар үс сыллааҕы быһаарыы уонна кэпсэтии түмүгүн билиһиннэрбит. Ол курдук, бэйэтин этин-сиинин эчэтэр, буортулуур (аутоагрессия) оҕо ахсаана кыралаан эбиллэ турара этиллибит. Ону тэҥэ оҕоҕо улахан киһи өттүттэн тыйыс сыһыан (жестокое обращение) баара таарыллыбыт. Онуоха маннык сыһыаннар туохха тиэрдиэхтэрин сөбүн, быһылааннар тахсар биричиинэлэрин ырыппыттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ төрөппүккэ төһүү күүһү, көмөнү, болҕомтону уопсастыба уонна дойду уурара чопчуламмыт.

“Быһылаан таҕыстаҕына, тустаах көмө оҥоһулларыгар анал үлэһиттэргэ кэмигэр биллэрии, сибээскэ тахсыы. Анал көмө ылыы – барыта төрөппүт сүрүн соругар киирэр.

Маннык көстүү улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду үрдүнэн сытыытык турара бэлиэтэнэр. Араас быһыы-майгы тахсыбатын туһугар, дьиэ кэргэн тутула, төрөппүт уонна оҕо “личность” быһыытынан сайдаллара улахан оруолу оонньууллар диэн быһаарыныы ылынабыт.

Тэрээһин түмүгэр, оҕоҕо үтүө туруктаах (благополучие) усулуобуйаны тэрийии; болҕомто ууруу; ийэ-аҕа тапталын иҥэриигэ диэн биир санааҕа кэллибит”, – диир Анна Ильинична.

Харысхан Попов