«Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыыга төрөппүт оруола»

Муус устар 17 күнүгэр Нам с. 6 №-дээх “Кыталык” оҕо уһуйааныгар «Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыыга төрөппүт оруола» диэн төрөппүттэргэ аналлаах семинар–тренинг буолла. Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарарга сыһыаннаах оонньуулары, дидактическай пособиелары, кинигэлэри төрөппүттэргэ билиһиннэрии, сүбэ биэрии, үөрэтии, ырытыы, тренинг ыытыы сыаллаах барда.

Бу семинар дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийиигэ болҕомтону тарта. Нам сэлиэнньэтин иһиттэн оҕо тылын сайыннарарга саҥарар саҥатын, доруобуйатын тупсарыыга специалистар кэлэн кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Нам улууһун кииннэммит балыыһатыттан райпедиатр бырааһа Игнатьева Ж.Ф. тылларыгар хаалыылаах оҕолор туохтан маннык тылларын сайдыыта бытаарбытын, туох мэһэйдэр баалларын медицина өттүттэн ырытта, оҕо доруобуйатыгар төрөппүттэр кыра эрдэхтэриттэн буортута суох аһы аһатан, эт-сиин өртүнэн дьарыктаан, кэмигэр вакцинацияны баран оҕолорун доруобуйаларыгар кыһаллалларыгар ыҥырда.

Республиканскай психологическай киинтэн социальнай педагог Аргунова Нь.М. оҕону кыра эрдэҕиттэн баҕатын самнарбакка билиигэ-көрүүгэ угуйуу, төрөппүттэргэ ону сүбэлээн, оҕо тулалыыр эйгэҕэ кыра да сэҥээриитин болҕомтоҕо ылар туһалааҕын ыйда. Нам улууһун үөрэҕин салалтатын социальнай-психологическай киин сүрүннүүр специалиһа Осипова О.А. оҕо тылын сайыннарарга дьиэҕэ дьарыктыырга туһалаах сүбэлэри, сайыннарар оонньуулары көрдөрдө.

Оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Бочкарева В.Е. оҕону сахалыы уус-уран айымньыга көҕүн тардыыга төрөппүттэргэ, педагогтарга, оҕолорго аналлаах сахалыы кинигэлэри көрдөрөн кэпсээтэ.

Оскуолаҕа киирэр оҕолордоох төрөппүттэргэ И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№-дээх орто оскуолатын учууталлара Сивцева Н.К., Дьяконова М.Г. оҕо үөрэнээччи эбээһинэһин ылынан, үөрэнэргэ көхтөөх буоларга төрөппүттэр оруоллара улаханын сүбэ бэрээдэгинэн эттилэр.

Оҕону сахалыы иитиигэ эйгэни тэрийии – дьиэ-кэргэнтэн, төрөппүттэриттэн тутулуктааҕын бары билэбит. “Хас биирдии дьиэ кэргэн болҕомтотун ууран, сахалыы иитиини тэрийэр дуо?”, “Оҕо нууччалыы тылынан саҥарарыгар аҥаардас гаджеты эрэ буруйдуу олорорбут дуу?” — диэн ыйытыылар бүгүн эмиэ үөскээтилэр. Уһуйаан төрөппүттэригэр оҕо сахалыы саҥарар саҥатын сайыннарыыга анкета толотторуу түмүгэр, төрөппүттэр оҕолоругар саха суруйааччыларын айымньыларын аахпаттар, ойуутун көрдөрбөттөр эбит, сахалыы тыллаах оҕо сурунаалыгар «Чуораанчыкка” суруйтарыы намыһах бырыһыаны көрдөрдө. Бу туһунан педагог-психолог Мальцева Т.И. билиһиннэрдэ. Иитээччи Гоголева М.В. төрөппүт оҕотун сахалыы саҥарарын сайыннарар баҕатын, кыаҕын, сатабылын үрдэтиигэ төрөппүттэргэ тренинг ыытта.

Семинар түмүгүнэн уһуйаан үлэһиттэрэ дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийэргэ төрөөбүт тылы араас хайысханан киллэрэн тэринэллэригэр сүбэлээтилэр:

— төрөппүттэр оҕону сахалыы саҥатын сайыннарыыларын уопутуттан бэйэ икки ардыгар үллэстиилэрин тэрийии. Ол курдук, дьиэ иһигэр оҕолорун сахалыы эрэ кэпсэтэр дьиэ кэргэттэр баалларын бэлиэтээтибит;

-төрөөбүт тыл – олоҥхо умсулҕаннаах эйгэтигэр, дьиэ кэргэнинэн истии улахан оруоллаах. Уһуйааҥҥа айар бөлөх бииргэ үлэлиир, оҕолорго олоҥхо курдук сүдү айымньыны араас көрүҥүнэн ойуулаан-дьүһүннээн, көрдөрөн-иһитиннэрэн, ойуулуктарынан, кукла театрынан ылыннарар;

-төрөөбүт тылбыт сир дойду аатыгар, манна үөрэтэр программаларыгар Ытык сирдэри билиһиннэрэллэр. Оҕолоргутугар өбүгэ сирдэргитин, дьоҥҥут сайылыктарын, олорор бөһүөлэккит Ытык сирдэрин о.д.а кэпсээһин;

-төрөөбүт тыл биһиги ааппытыгар, сахалыы ааты ылбыт оҕо бу аатыгар эппиэтинэстээх уонна кини омугун бэлиэтэ буолар, аатынан киэн туттар. Аатын суолтатын, ис хоһоонун билэн улаатара олоҕор сабыдыала күүстээх буолар. Ол курдук, киһиэхэ иҥмит аат быһыыны-майгыны, сигилини тыктаран көрдөрөр. Уһуйааҥҥа барыта испиэһэгинэн 83 оҕо сылдьарыттан 26 оҕо сахалыы ааттаах – 31%;

-төрөөбүт тылбыт — уус-уран айымньыга. Төрөппүттэр оҕолоргут толкуйдуур, өйгө ойуулаан оҥорон көрөр дьоҕурдара сайдарыгар уус–уран айымньы туһата улахан, тоҕо диэтэр, ойуулаан көрөргө тыллара баай саппаастаах буоллаҕына биирдэ толкуйдара баар буолар, истэригэр оҥорон көрбүттэрин тастарыгар таһааран кэпсииллэригэр көмөлөөх;

төрөөбүт тыл сайдыытыгар – театр, киинэ тыла, бэчээт, телевидение, радио эйгэтигэр оҕо истибитин-көрбүтүн өйүгэр тутан сахалыы сайдар.

Семинар сыалын ситтэ, үлэһиттэр да, төрөппүттэр да, саханы сахалыы иитиигэ дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэ тэриллэригэр өйдөстүлэр.

Мальцева Т.И.,

6 №-дээх “Кыталык” оҕо уһуйаанын педагог-психолога

Читайте дальше