Зинаида Алексеевна Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо киинигэр “Оһуордаах олоҥхо түһүлгэтэ” диэн олоҥхо декадата түмүктэннэ. Олоҥхо декадатын иһинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ уопсайа 156 оҕо кыттыыны ылла.
Ол курдук, сэтинньи 30 күнүгэр сахалыы алаадьынан күндүлээн, күөх буруо сытынан дыргытан, алгыстаах дэйбииринэн ыраастаан, алгыстаан, “Мин сахалыы куттаахпын” диэн Аҕа сүбэһит уонна Уһуйааччы сылынан улуустааҕы норуот уус-уран айымньытын толорууга күрэхтэһии кыттыылаахтарын көрүстүбүт. Күрэх сыала-соруга: төрүт өбүгэ үгэстэрин уһуйар уонна сахалыы сиэри-туому тарҕатааччы уһуйааннары кытары инникитин биир былааннаахтык үлэлиири ситиһии уонна улэ уопутун атастаһыы. Күрэххэ уһуйааччы үөрэнээччилэрин кытары бэлэмнэнэн кэлэн, норуот уус-уран айымньытыттан олоҥхо, тойук, чабырҕах, хомус, хоһоон, норуот ырыатын талан толордулар. Карантинынан сибээстээн сорохтор куйаар ситиминэн кытыннылар. Уопсайа 5 уһуйаан, 3 оскуола, 2 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн барыта 46 оҕо, 10 уһуйааччы кытыннылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Маркова Елена Константиновна, төрүт өбүгэ үгэстэрин пропагандалааччы, Иван Семенович Гаврильев аатынан Намнааҕы 1 нүөмэрдээх орто оскуола фольклорга уһуйааччыта; Парникова Екатерина Васильевна, ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэнэ, “Түөлбэ” оҕо киинин төрөппүт комитетын солбуйааччыта; Соловьева Мария Владимировна, ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэнэ, өбүгэ үгэстэрин тарҕатааччы; Иванов Владимир Владимирович “Түөлбэ” оҕо киинин педагога; Гундарева Айлина, “Дьырылы” фольклорнай куруһуоктан, Граф Биэрэгин 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Күрэҕи “Дьырылы” фольклорнай куруһуок оҕолоро Старостина Алина, Протопопов Алеша, И. С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1 нүөмэрдээх орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Хомус күнүнэн күрэхтэһии кыттыылаахтарын “Түөлбэ” оҕо киинин үлэһиттэрэ хомуһуннаах хомус тыаһынан дьүрүһүтэ оонньооннор эҕэрдэлээтилэр. Күрэхтэһии түмүгүнэн Модут агрооскуолатын үөрэнээччилэрэ биир дойдулаахтара Екатерина Лукинова – Сэргээнэ “Агрооскуола кыһата” хоһоонун ааҕаннар (уһуйааччы Петрова Т.В), Хатырыктааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччы Дьяконова Т.Г), Партизааннааҕы “Кустук” уһуйаан кыра бөлөҕө (уһуйааччы Григорьева У.С.), Намнааҕы 10 №-дээх “Теремок” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччылар Макарова Е.Г., Винокурова Н.В) чабырҕахтаан чоргуйаннар, «Үгэ – хоһоон илдьитэ, сытыы тыллаах чабырҕах» номинацияҕа кыайыылаахтарынан ааттаннылар .
«Оллоонноон олорон олоҥхолуох» номинацияҕа кыайыылааҕынан Партизааннааҕы “Кустук” уһуйаан иитиллээччилэрэ (уһуйааччы Мордосова С.И), Таастаах орто оскуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Борисова М.И) таҕыстылар.
«Сахам ырыата» номинацияҕа Намнааҕы З.П. Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын “Дьүрүскэн” фольклорнай бөлөҕүн оҕолоро (уһуйааччы Колодезникова С.В.) норуот уонна дэгэрэн ырыаларынан, “Төрүт дорҕоон” номинацияҕа “Түөлбэ” оҕо киинин “Дьырылы” фольклорнай куруһуок үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Уваровская Т.С.), И.С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1 нүөмэрдээх орто оскуола 9 «г» кылааһыттан ( кылаас сал. Говорова М.Н.) хомуска оонньоон кыайдылар.
Ситиһиилээхтик кытыннылар: Намнааҕы 10 №–дээх “Теремок” уһуйаан кыра бөлөҕүн иитиллээччилэрэ (уһуйааччылар Петухова Л.Н., Федорова С.К., Бугаева Э.Р.), Намнааҕы “Үөрэх киинэ” (уһуйааччы Муталиева А.Б). Кыайыылаахтар кубогынан, Добун суругунан, бириистэринэн наҕараадаланнылар. Эһиил “Түөлбэ” оҕо киинин үбүлүөйүн көрсө, өбүгэ үгэстэригэр оҕону ситимниир сыаллаах улахан тэрээһин ыытыллара былааннанар.
Кэлэн кыттыыны ылбыт уһуйаан, оскуола, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларыгар махталбытын биллэрэбит!
Эҥсиэли Эбэ хочотугар, налыы намыын Нам сирин үүнэр-сайдар кэнчээри ыччаттара сахалыы тылынан сааһылаан саҥаралларын, өбүгэ үгэһинэн ыллыктаан толкуйдуулларын тухары сахабыт тыла сүппэт соргуланыа! Баҕарабыт сыралаах үлэҕит сыаналаннын, чэгиэн- чэбдик буолуҥ!
Маны таһынан, сэтинньи 29 күнүгэр Нам улууһугар биир кэлим сахалыы иитэр-үөрэтэр культурнай эйгэни тэрийэр Кэнсиэпсийэ чэрчитинэн “Ийэ тылбыт дьылҕата. Ийэ куппут туруга. Ийэ сирбит кэскилэ” улуустааҕы кэмпириэнсийэҕэ директоры солбуйааччы Харатаала Айыллыыта Харатаала Кыыһа уонна “Дьырылы” фольклорнай куруһуок салайааччыта Уваровская Тамара Степановна кыттыыны ыллылар. Кэнсиэпсийэ кыттаачылара сахабыт тыла сайдарын туһугар биир сомоҕо буолан, түмсэн үлэни-хамнаһы ыытарга сорук ылылынна.
Тамара Уваровская, “Түөлбэ” оҕо Киинин “Дьырылы” фольклорнай куруһуок салайааччыта