Сэтинньи 11 күнүгэр саха советскай литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, учуонай, Саха автономнай советскай социалистическай республикатын төрүттэспит бөдөҥ государственнай, общественнай-политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолар.
Биир дойдулаахпыт Максим Кирович Аммосов чугас доҕорун Былатыан Ойуунускайы Нам сирэ, Эҥсиэли хочото, истиҥник саныыр, киэн туттар, сүгүрүйэр. Н.М Рыкунов аатынан киин библиотека «Ойуунускай үтүө аатыгар сүгүрүйэн» диэн хомуурунньугу үбүлүөйдээх бэлиэ күҥҥэ бэлэмнээн таһаарда. Бу хомуурунньукка Эҥсиэли хочотун айар талааннаахтара, поэзияны таптааччылара улуу Ойуунускайга анаабыт хомоҕой хоһоонноро, ыллам ырыалара, Иван Новиков «Семинария паартатыттан Автономия трибунатыгар” театрализованнай туруоруутун сценарийа, ыстатыйалар, ахтыылар наарданан киирдилэр.
Кинигэ саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов уонна Платон Ойуунускай истиҥ доҕордоһууларын үйэтитэр сыаллаах уонна Ойуунускай сүдү аатыгар махталбыт бэлиэтэ буоларын туоһулаан таҕыста.
109 страницаттан турар хомуурунньугу библиограф Анастасия Колпашникова бэлэмнээн оҥордо.
Күндү улууспут олохтоохторо, Нам киин библиотекатын сайтыгар ыйыллыбыт сиигэни баттаан саҥа кинигэни билис, сэргээ, аах, санааҕын үллэһин: https://namlib.ru/улуу-ойуунскай-саргыбытын-салайбыт-к/
Раиса Гоголева