Быйыл итии, кураан сайын буолан, сир-дойду кууран-хатан турар. Онон тыаҕа сылдьыы хас биирдиибититтэн сэрэхтээх буолууну ирдиир. Билигин тыа дьоно алааска, арыыга оттуур, сир аһын хомуйар. «Якутлесресурс» ГАУ Намнааҕы филиалын салайааччыта Георгий Захаровы кытта ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу тула кэпсэттибит.

-Георгий Викторович, быйыл сайын улууспутугар хас ойуур баһаара бэлиэтэннэ, төһөтүн умуллардыгыт?

-Бастатан туран, улууспутугар саамай үрдүк — 5 кылаастаах баһаар куттала турбута 1,5 ый буолбутун этэр оруннаах. Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан 12 ойуур баһаара Үөдэй, Нам, 2 Хомустаах, Фрунзе уонна Көбөкөн нэһилиэктэригэр бэлиэтэммитэ. Онтон 4-дэ сир, 8-һа авиазоналарга киирсэр. Сыллата буоларын курдук, түргэнник хомунан тиийэн, суукка уонна үс суукка иһинэн барытын умуллардыбыт. Ити үчүгэй көрдөрүүгэ киирсэр.  Кэлиҥҥи сылларга чаҕылҕан охсуутуттан уот туруута элбээтэ. Ол барыта үс суукка иһинэн биллэр, уот онтон күөдьүйэр. Хомойуох иһин, дьон дьалаҕайыттан тахсыбыт ойуур баһаара эмиэ баар.

Төһө киһи кытынна, техниканы туһанныгыт? Нэһилиэктэртэн дьон кытынна дуо?

-22 үлэһиттээхпит, 14 техникалаахпыт. Эрдэ баһаарбыт суох буолан ПХС II типа диэн статустанаммыт, «маневрированиеҕа» киирэммит, атын улуустарга көмөҕө ыыталлар. Ол курдук, 7 үлэһитим Өлүөхүмэҕэ уонна Уус Майаҕа сылдьаллар. Хаалбыт үлэһиттэрим бары тахсан умуруорбуппут. Нэһилиэнньэттэн уопсайа 68 киһи үлэлээтэ уонна 18 техника кытынна. Түгэнинэн туһанан нэһилиэктэр баһылыктарыгар, олохтоохторугар бириэмэтигэр тахсан көмөлөспүттэригэр махталбытын тиэрдэбит.

Үрдүкү тэрилтэҕит көмө ыытар дуо?

-Авиазонаҕа киирсэр 8 баһаартан иккитин авиабаһаарынньыктар умуллардылар. Манна этиэххэ наада, кинилэр күн аайы самолетунан патрулирование оҥороллор. Термоточканы көрдүлэр да, самолет буордуттан 5-6 парашютист баһаарынньыгы түһэрэллэр. Кинилэр умуллараллар. Биһиги хайдах даҕаны үрэх уҥуор тиийэр кыахпыт суох, төһө кыалларынан тиийэр сирбитигэр үлэлиибит. Улуус тас өттүттэн киирбит 1 баһаарга «Якутлесресурс» куораттааҕы тэрилтэ баһаарынньыктарын ыҥыран көмөлөһүннэрбиппит, уоннааҕытын бэйэбит күүспүтүнэн умуллардыбыт.

Ойуур баһаара өрүс уҥуор нэһилиэктэргэ турдаҕына хайдах суһаллык тиийэҕит? Транспортнай схемаҕыт хайдаҕый?

-Илин эҥээр нэһилиэктэргэ бэйэбит дьоннордоохпут. 2 Хомустаахха ОПС I типа диэн олохтоммута. Кинилэр суол-иис баар сиригэр нэһилиэнньэни кытта тиийэн ойуур баһаарын умуллара тураллар. Ойуур хаһаайыстыбата уоту умулларыыга тус үөрэхтээх салайааччыны анаабыттара салайар. Биһиги мотуоркаларбытынан туоруубут. Көбөкөн нэһилиэгин дьаһалтатын кытта катерын туһаныыга сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. 2 Хомустаах киэнинэн эмиэ сылдьааччыбыт. Ыксал буоллаҕына Кангалаас-Суотту паромунан туораан тиийээччибит.

Тэрилтэҕит судаарыстыба өттүттэн түһэр сорудаҕы толорор. Үлэҕит хайдах барарый?

-Сүрүн сорукпут – ойуур баһаарын умулларыы. Ону тэҥэ итиннэ бэлэмнэнэн судаарыстыбаттан кэлэр сорудаҕы толоробут. Ол курдук, федеральнай харчы сылга хайдах хамсыырыттан госсорудах эмиэ уларыйар. Былырыын 19 эбит буоллаҕына, быйыл—15. Итиннэ стратегическай суолталааҕын аҕыннахха, Намнааҕы ойуур хаһаайыстыбатын кытта Нам картатын тутан олорон, ханна ыарахан сирдэргэ ойуур баһаара тахсар түгэнигэр онно тиийэргэ баһаары утары минерализованнай балаһа, ойуур суолун оҥоробут. Холобур, сиһинэн алаастан алааска быһа барарга просека солоон, курдат тахсабыт. Аны ойуур суолун уларыта тутуу диэҥҥэ былырыын оҥорбут суолбутун сөргүтэн биэрэбит. Талах үүммүтүн ыраастыыбыт уонна алаастан ойуурга уот барбатын диэн минполоса таһаарабыт. Быйыл былааммытынан 10 км. оҥоруохпут.

Кэтэбиллээх от өртөөһүнүн эмиэ ыытаҕыт. Быйылгы былааҥҥыт төһөнүй?

-Профвыжиганиеҕа 1000 гаалаахпыт. Итиннэ үһүс сылын сааскы кэмҥэ оҥорбот буолан турабыт. Күһүҥҥү өттүгэр үлэ барар. Ону таһынан баһаар тахсыан сөптөөх сирдэргэ көлүччэлэри, күөллэри буламмыт, баһаарынай массыынабыт, водовоз да буоллун киирэн уу баһалларыгар кута, маар сирдэргэ муосталары оҥоробут. былырыын оҥоһуллубут муосталар туруктарын көрөбүт-истэбит.

Ойуур баһаарын кэтээн көрүүгэ үлэлэһэҕит дуо?

-Нам-Маймаҕа уонна Нам-Үөдэй хайысхаларынан — 2 маршрутунан уопсайа 277 км усталаах бигэргэммит сиринэн патрулирование оҥорор былааннаахпыт. Күн аайы кэрийэбит, көрөбүт. Ону таһынан Хатырыкка камера турар вышкалаахпыт уонна Үөдэйгэ эмиэ баар. Ону базабытыттан көрөн олоробут.

-Ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит сири чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэҕит. Туох үлэни ыыттыгыт?

— Бу улахан кээмэйдээх үлэбит. 2021 с. ойуур баһаара сүрдээх киэҥ сири сиэбитэ — Салбаҥ, Таастаах сирдэрин, ураты харыстанар Харбаайыны, Көбөкөн, Фрунзе тыатын эмиэ. Ирдэбил быһыытынан нөҥүө сылыгар эргиччи мас кэрдиитэ оҥоһуллар. Ол курдук, былырыын Таастаах Дэгийэтигэр 104 га сир бааһына буолуор диэри үлэлэстибит. Ол кэнниттэн аны мас олордуохтаахпыт. Бу тэрилтэбитигэр быйылгыттан практикаҕа киирэн эрэр. Атырдьах ыйын ортотуттан тоҥорууга диэри 91 гааҕа мас олордуохпт. Ол инниттэн туораах хомуйуутун ыытабыт, ити эмиэ сорудаҕынан кэлэр. Бу саас куоракка баар базабытыгар былаанынан 150 кг туорааҕы хомуйан туттарбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22 филиал бары дьарыктанабыт. Онтон сиэмэтэ ылыллан олордуллан, таһаарыллан, үнүгэс буолан биһиэхэ атырдьах ыйын саҥатыгар кэлиэҕэ. Ону сэргэ Модут үрдүгэр сискэ баар Бэс Бэтэкээнигэр ойуур уотугар былдьаммыт сири тыа бэйэтэ үүнэригэр бэлэмниир үлэни 71,2 гааҕа эмиэ ыытабыт. Итиннэ мас бэйэтэ үүнэригэр почватын бэлэмнээн, сууллубут маһын ыраастаан, бараналаан, борозда ыытан, минполоса тардан бэлэмниибит.

-Эбии туох дьарыктааххытый?

-Тэрилтэбит ПФХД былаанын тутуһан үлэлиир. Онтубутун куоракка киирэн көмүскүүбүт, былырыыҥҥы үлэбитин отчуоттуубут. 2017 сылтан ыла оттуубут, сыл аайы кээмэйэ үрдүүр. Иллэрээ сыл 175 т оттообуппут, былырыын сирбит ууга баран 100-чэ эрэ т ылбыппыт. Быйыл 150 т оттуурга былааннанан олоробут, хаһыс да сылын Үөдэй нэһилиэгин дьаһалтатын кытта дуогабардаахпыт. Бу күннэргэ тэринэн киирээри олоробут. Итини таһынан отону хомуйууга 200 кг былааннаахпыт. Автономнай учреждение буоларбытынан, бюджеттэн харчы көрүллүүтэ сыл аҥаарыгар, баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр эрэ кэлэр. Онтон атынын бэйэбит толкуйдаан, дьаһанан, хас да хайысханы тутуһан үлэлиибит, ордук предпринимательство хайысхатыгар.

Дьон-сэргэ өйдөтөр үлэҕитин төһө ылынар дии саныыгын?

— Ылынар. 9 сыл үлэлээбит кэмим бастакы сылларын кытта тэҥнээтэххэ, түөрт сылтан бэттэх диэххэ сөп, дьон-сэргэ ойуур баһаара кутталын өйдөөн сыһыана лаппа уларыйан, тупсан иһэрэ көстөр. Аһаҕастык эттэхпинэ, бу өттүгэр Нам улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ көрдөрүүтүнэн инники кэккэҕэ киирсэр. Куораттан чугас сытарбытынан, сааскы-күһүҥҥү булка кэлээччи олус элбэх. Уопут көрдөрөрүнэн сааскы булт саҕаланыыта кыраныыссаларга полиция, лесничество, экология, МЧС тэрилтэлэрин кытта кыттыһан пост туруорабыт көдьүүстээҕин көрдөрдө.  Биһиги ааттарын-суолларын ыйытан, ханнык сиргэ бултуу, балыктыы баралларын бэлиэтэнэн, массыыналарын нүөмэрдэрин сурунаалга сурунан ылабыт, листовка туттарабыт. Ити сүрдээҕин көмөлөстө. Дьоҥҥо сири-уоту харыстыыр өй-санаа киирдэ. Булчуттар, балыксыттар, дьон-сэргэ олус туттунар буолла. Дьон дьалаҕайыттан тахсар ойуур баһаара лаппа аҕыйаата.

Таарыччы эттэххэ, биһиги дьон тыаҕа сынньана тахсарыгар анаан зона бэлэмниибит – кутаа оттоллоругар анаммыт миэстэни. Сороҕо айан аартыгар, эбэтэр мырааны тахсыытыгар баар. Сылга 13-түүнү оҥоробут, бары нэһилиэктэри хабабыт.  Итини таһынан ойуур баһаара алдьатыылааҕын өйдөтөр суолталаах 30 баннеры трасса кытыытыгар, аартыктарга, ойуурга киирии суолларга туруорбуппут. Ону таһынан эмиэ аартыктарга, алаастарга киириигэ – шлагбаумнары. Итилэр туох да буолбат түгэнигэр аһаҕастар, онтон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыксаллаах быһыы биллэрилиннэ да, сабыллаллар, онно быһаарыы суруктаах буолар.

Түмүккэ ааҕааччыларбытыгар тугу этиэҥ этэй?

-Сыл аайы сокуон, надзордуур тэрилтэлэр ирдэбиллэрэ күүһүрэр, онон мүччү-хаччы туттубакка, сиргэ-уокка сиэри-туому тутуһан сырыттахпытына, айылҕабытыгар харыстаабыллаахтык сыһыаннастахпытына барыта үчүгэй буолуо. Айылҕабыт чөл туруктаах хааларын ситиһэри баҕарабын. Бэйэбит өттүбүтүттэн турбут соруктары сүүс бырыһыан толорорго эрэллээхпит.

Касьян Олесов-Олук

 

 

Читайте дальше