Олох суһума: кылгас эрээри чаҕылхай олох

Партизан нэһилиэгин талааннаах, чаҕылхай ыччаттарыттан биирдэстэрэ, Россия журналистарын союһун чилиэнэ, критик, тележурналист Николай Рыкунов «Олох суһума» диэн ахтыы-кинигэтин сүрэхтэниитигэр кыттыыны ыллыбыт.

Уолбут туһунан элбэх дьон истиҥ-иһирэх тылларын истэн долгуйдубут, үөрдүбүт. Махтал буоллун — Николайбыт доҕотторугар: «Чолбон» сурунаал редактора Гаврил Андросовка, «Айыы кыһата» оскуола учуутала Рустам Каженкиҥҥа. Кинилэр 6 балаһанан истиҥ ахтыы кинигэни таһаарбыттар.

Намҥа бу кинигэ сүрэхтэниитэ кулун тутар ортотугар буолуо диэтэ — улуус кииннэммит библиотекатын директора Майя Софронова.

Норуот суруйааччылара Наталья Харлампьева, Николай Лугинов, Сэмэн Тумат биһиги уолбут туһунан наһаа үчүгэйдик аҕыннылар. Үөрэппит учууталлара Анна Мордосова, Роберт Муксунов, ийэтэ Екатерина Рыкунова, кэргэнэ Екатерина Рыкунова кыттыыны ыллылар. Бииргэ төрөөбүт убайа Дмитрий Рыкунов уолунаан, эдьиийэ Галина Попова балта Александра Рыкуновалыын махтанан автордарга уонна Наталья Харлампьеваҕа, Сэмэн Тумакка, саха тылын учууталыгар Екатерина Петроваҕа, Партизан оскуолатын үөрэнээччитэ Артур Семеновка өйдөбүнньүк бэлэх уонна махтал сурук туттардылар.

Николайбыт кыыһа оруобуна бу күн 14 сааһын туолан паспорт ылбыт. Онон аҕатын кинигэтин сүрэхтэниитигэр сөп түбэспитэ икки бүк бэлиэ күнүнэн буолла. Кини «Айыы кыһата» оскуолаҕа үөрэнэр эбит.

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов махтал суруктарын нэһилиэкпит баһылыга Алексей Зырянов Гаврил Андросовка, Рустам Каженкиҥҥа Нам талааннаах, айар куттаах ыччатын, доҕордорун үйэтитэллэрин этэн туран туттардыбыт.

Полина Скрябина, Партизан