Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ – Казахстаҥҥа

Казахстаҥҥа Саха өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ муус устар 20-27 күннэригэр буолар. Саха сирин делегациятын кытта Намтан П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтиттэн Вера Колпашникова, Андрей Осипов, Руслан Захаров, Владимир Сыромятников төрүт инструменнары көрдөрүөхтэрэ.

Бу күннэргэ делегация Алматы куоракка саха култууратын, үгэстэрин көрдөрөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин Олоҥхо дьиэлэрэ тас дойдуга аан маҥнайгытын айанныыллар.

“Казахстаҥҥа Саха сирэ күннэрэ биллэриллибитинэн, сахалыы тыыннаах араас хабааннаах быыстапкалар турбуттара, төрүт көрүҥмүт мас-рестлинг күрэхтэһиитэ буолбута. Ону тэҥэ, “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхо испэктээк көрдөрүллүбүтэ.

Казахстаҥҥа Олоҥхо диэн сүтэ быһыытыйан эрэрин олохтоохтор билинэллэр. Казахстан дьоно-сэргэтэ Киргизияҕа Манас, онтон Саха сиригэр Олоҥхо тыыннааҕын, баарын билэбит дииллэр уонна биһиэхэ элбэхтэ кэлэргит буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр”, – диир дириэктэр Вера Васильевна.

Биир дойдулаахтарбыт муус устар 22 күнүгэр “Эпосы мира” кэнсиэр уонна “Ньургун Боотур” олоҥхо-опера көрдөрүөхтэрэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше