Олорор сирбит ыраас буоларын туһугар

“Ипподром” олохтоохторугар сааскы бэртээхэй күн ааста. Күн сыралыйа тыган сылааһынан угуттаан “ыраастаныҥ” диэбиттии уу чуумпу сылаас күнү бэлэхтээтэ. “Ипподром” түөлбэ олохтоохторо, олорор уулуссаларыттан саҕалаан сирдэрин-уоттарын бары субуотунньуктаан ыраастаатылар.

Ипподром, саҥа оҥоһуллуохтаах былаһаакка иһин, стелабытын өрө тардан, бөх быраҕар дьааһыктар тастарын бүтүннүү кылбаччы ыраастаатыбыт. Элбэх киһи, оҕолор, сиэннэр бука бары түмүллэн тахсан субуотунньукпут олус көхтөөхтүк ааста. Ол курдук ипподромҥа элбэх дьон сылдьар, киртийии тахсар. Сайын устата олохтоохтор уонна волонтердар көмөлөрүнэн ыраастанар. Киэн туттар ипподроммутугар кэлэн сынньаныҥ. Ол эрээри ыраастык туттаргытын умнумаҥ. “Ипподром” түөлбэ салайааччыта Татьяна Иннокентьевна, уулусса старосталара, олохтоохтор субуотунньукка көхтөөх кыттыыны ылар буоланнар үлэ күргүөмнээхтик барар.

Махтал тылларын этэбит, түөлбэбит ыраас буоларыгар кыһаллар бары олохтоохторбутугар, эдэр ыалларбытыгар, кэнчээри оҕолорбутугар. Бары маннык түмсүүлээх буолуоҕун.

“Ипподром” түөлбэ актива

Читайте дальше