Оскуола музейа – иитии-үөрэтии биир көрүҥэ

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр – Аан дойдуга музей күнэ бэлиэтэнэр. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар музей тэрийэн үлэлэппиттэрэ быданнаата. Ол курдук, оскуола музейын историята 1986 сыллаахтан саҕаланар. Нэһилиэк ытыктыыр киһитэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Николай Семенович Гаврильев салалтатынан «Албан аат» диэн музейа тэриллибит. Кэнники сылларга И.Е. Винокуров аатынан музей буолбут. 2010 сыллаахха нэһилиэккэ Илья Егорович аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр музей тутуллан аһыллыбытыгар оскуола экспонаттара онно бэриллибиттэр.

2020 сыллаахха оскуола тэриллибитэ үбүлүөйдээх 80 сылыгар, саҥа оскуолаҕа музейы сөргүтэн, саҥалыыттан тэринэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыттар. Сүрүннээн музейга И.Е. Винокуров туһунан кэпсиир матырыйааллары мунньаллар уонна уруккуттан хаалбыт оскуола историятын сырдатар матырыйааллары хаҥатарга үлэлэһэллэр.

 

Анна Васильева, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, оскуола музейын салайааччыта: «Оскуолабыт И.Е. Винокуров аатын сүгэрин быһыытынан, бастатан туран кини олоҕун, үлэтин, дьиэ кэргэнин туһунан кэпсиир стендэлэри, матырыйааллары оҕолорго билиһиннэрэбит. Оскуола историятын сырдатар матырыйааллары төһө кыалларынан музейбытыгар мунньа сатыыбыт. Оскуоланы бүтэрбит выпускниктар иһитиннэрэр-көрдөрөр сенсорнай (интерактивнай) киоска бэлэхтээннэр үгүс матырыйааллары, хаартыскалары түмэн киллэрбиппит. Билигин үөрэнэ сылдьар оҕолор кылааһынан музей үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ылаллар. Ол курдук, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар кылаастарынан араас тиэмэлээх альбомнары оҥорон туттарбыттара. Холобура, 1 «б» кыл. үөрэнээччилэрэ «Нэһилиэк киэн туттар дьонун ааттарынан уулуссалар», атын кылаастар Кыһыл Дэриэбинэ сайдыытын, Карл Маркс холкуос бастыҥ үлэһиттэрин туһунан о.д.а. араас үлэлэр бааллар.

Быйыл Нам улууһугар «Эдэр экскурсовод» диэн оскуола музейдарын икки ардыларыгар улуустааҕы күрэх ыытыллыбыта. Онно биһиги оскуолабытыттан 10-нус кылаас үөрэнээччитэ Спартак Багынанов буойун учууталларбыт туһунан кэпсээн 2-с миэстэ буолары ситиспитэ. Итиэннэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Страна Героев» диэн видеоклип куонкуруһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын туһунан «Геройдар суолларынан» тиэмэнэн кыттан 1-кы миэстэ буолла.

Оскуолабыт музейыгар күүс-көмө буолар «Музей сүбэтэ» диэн баар. Манна 3-с, 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ киирэллэр. Кинилэр нэдиэлэҕэ биирдэ уруогу таһынан дьарыктаналлар. Ол курдук, матырыйааллары хомуйарга, бэрийэргэ көмөлөһөллөр, ыраастыыллар, наардыыллар. Экспонаттары хайдах харайарга, көрөргө-истэргэ бэсиэдэни ааһаллар. 10-с кылаастартан экскурсоведтары туспа бэлэмниибин. Ол курдук, атын оскуолалартан, улуустартан ыалдьыттар кэллэхтэринэ кинилэр музейы билиһиннэрэллэр. Оҕо музей үлэтигэр кыттыһара билигин олус наадалаах, бэйэтин нэһилиэгин историятын билэргэ, сирин-дойдутун таптыырыгар уонна инники олохторугар туһалаах буолуо диэн эрэнэбит».

Музей үлэтэ итинэн эрэ бүппэт, ол курдук оскуола иккис мэндиэмэнин биир фойетыгар Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт учууталлары, биир дойдулаах сэрии бэтэрээннэрин, билиҥҥи байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын сырдатар муннугу тэрийбиттэр. Үөрэнээччилэр көрүүлэригэр историяны кэпсиир кинигэлэр ууруллубуттар.

Оскуола тиэргэнигэр нэһилиэккэ үөрэхтээһин тэриллиэҕиттэн үөрэнээччилэри билии киэҥ аартыгар угуйбут, кынаттаабыт үлэлээн ааспыт учууталлар ааттара хаһан да умнуллуо суохтаах диэн сыалтан, кинилэри билиҥҥи кэнчээри ыччат билэ-көрө сылдьарыгар аналлаах «Учуутал аллеятын» оҥороннор ааттара үйэлэргэ умнуллубат.

Оҕо саастан төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, нэһилиэк, оскуола историятын билии музейтан саҕыллара арылҕайдык көстөр диэн санааҕа кэллим.

Семен Аргунов

Читайте дальше