Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр улуустартан түмүллэр сыыппараларга сигэннэххэ, от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былааннаммыт от биэстэн биирин кэриҥэ кэбиһилиннэ. Ол эбэтэр 435 344 туонна оттон 84 738 туонната (19,46 бырыһыана) туолла.
Мантан аллара, үгэспитинэн, ходуһа бастыҥнарын сырдатыахпыт. Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов соторутааҕыта Ил Дархан Айсиэн Николаевтыын көрсүһүүтүгэр “былааммытын 100 бырыһыан толоруохпут” диэн эрэмньилээхтик эппитин курдук, Эҥсиэли отчуттара Бөтүрүөп инниттэн олус дьулурҕатык уонна дьорҕооттук баран иһэллэр. Отчуоттанар кэмҥэ 10 643 туонна оту туруоран, былаантан 38,66 бырыһыанын ыллылар уонна атыттартан ырааҕынан аттылар. Арай, улуу эбэ уҥуорунааҕы ыаллара, уус алданнар, кэм тардыалаһаллар: 8 806,3 туонна оту кэбиһэн, былааннарын 29,35 бырыһыанын кээрэттилэр уонна иккис миэстэлэрин өссө чиҥэтэн биэрдилэр. Эркээни хочолоох хаҥаластар бу сырыыга бэһистэн үһүскэ күөрэс гына түстүлэр: 8 518 туонна оту туруоран, былаантан 27,48 бырыһыанын бэлэмнээтилэр.
Өрүү буоларыныы, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан былааннаах уонна саамай кыараҕас сирдээх-уоттаах Мэҥэ отчуттара былааннаах 41 тыһ. туонна отторуттан бу кэмҥэ 8 431,4 туоннатын туруордулар. Итинэн 20,11 бырыһыаннарын ситистилэр. Быйыл курааннаан, былаантан 70,54 бырыһыанын ыларга суоттаналлар. Бүлүү сүнньүнээҕи улуустартан Сунтаар 7 007,8 туонна (20,61%), Ньурба 5 129 туонна (18,30%) кэбиһиилэннилэр.
Былааны толоруу бырыһыанынан көрдөххө, “Сатай бөһүөлэк” куораттааҕы уокурук 100 туонна былааннааҕын барытын толорон, ону таһынан эбии 180 туоннаҕа кимэн эрэр. Өлүөхүмэ 32,20%(4 902,7 т), Орто Халыма 28,42%(1 549 т), Ленскэй 28,19% (1 613 т), Кэбээйи 23,09% (2 349,4 т), Үөһээ Халыма 22,61% (137 т) оттонон, өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүн куоһаран иһэллэр.
Сайыммыт баранан эрэр эрээри, адьас “нууллар” эмиэ бааллар. Аллайыаха 21, Булуҥ 50, Эдьигээн 124, Аллараа Халыма 70, Усуйаана 415 туонналыы былааннаахтарыттан, сибидиэнньэ суоҕунан, биир салаа оту быһа охсо илик курдук көстөллөр. Алдаҥҥа 1 700 туонна от былааҥҥа турарыттан билиҥҥитэ 13,3 туонна кэбиһиилээхтэр (0,78%). Мииринэйгэ, Өлөөҥҥө, Өймөкөөҥҥө, Эбээн Бытантайга уонна Чурапчыга 5-тэн тахсалыы эрэ бырыһыан оттоннулар. Арҕаа эҥээргэ уһуннук ардаан, отчуттары атахтаата.
Отчуоттанар кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ 7 улууһугар 55 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Аммаҕа 16 звено 536 туонна кэбиһиилэннэ. Мэҥэ Хаҥалас 7 мобильнайа 85, Куорунай 9 мобильнайа 29 туонналыы оттоммуттар. Чурапчыга 15 биригээдэни туруорбуттар эрээри, билиҥҥэ диэри көрдөрүү биэрэ иликтэр. Үөһээ Халыма 5, Томпо 2, Нам 1 биригээдэлэриттэн билиҥҥитэ эмиэ сибидиэнньэ суох.
Василий Никифоров, «Усть-Майский вестник» хаартыскаҕа түһэриитэ
(Улус Медиа сайтан)