Партизан нэһилиэгэр быйыл сайын үс дьиэ кэргэн биригээдэтэ үлэлээтэ.
Ол курдук, Сардана Харысхал салайааччылаах «Эрэл», Семён Алексеев салайааччылаах «Чолбон», Ульяна Зырянова салайааччылаах «Харысхал» биригээдэлэргэ оҕолор нэһилиэктэрин таптыырга, үлэҕэ-хамнаска, оҕуруот көрөргө, эмтээх оту хомуйарга, бииргэ сылдьан кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ, ас астыырга, ньирэй көрөргө үөрэннилэр, көмөлөстүлэр. Маны тэҥэ, лааҕырдарга араас маастар-кылаастар ыытылыннылар.
Маннык туһалаах биригээдэлэри «Нам улууһа» МТ субсидия биэрэн үлэлэтэр. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааран, үлэҕэ-хамнаска сысталлар, нэһилиэктэрин бөхтөн-сыыстан хомуйан, ыраас эйгэҕэ сылдьарга үөрэнэллэр.
«Эрэл» дьиэ кэргэн биригээдэтэ
«Чолбон» дьиэ кэргэн биригээдэтэ
«Харысхал» дьиэ кэргэн биригээдэтэ
Полина Скрябина