Пионерскай знамя эстафетата Хамаҕаттаҕа кэллэ

Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сылынан улуус оскуолаларыгар 1947 сыллаах пионерскай знамяны оскуолаттан оскуолаҕа тиэрдэн үөрүүлээхтик чиэстиир, пионерскай хамсааһыны санатар линейкалар буола тураллар.

Бэҕэһээ В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицейигэр Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Егор Протопопов салайааччылаах делегацията знамяны аҕалан үөрүүлээх линейкаҕа туттарда. Кинилэри лицейтэн «Орлята России», «Юнармейцы» этэрээттэр анал формалаах киирэн көрүстүлэр. Линейкаҕа лицей үөрэнээччилэрэ бары кыттыыны ыллылар, ону таһынан учууталлар пионердаабыт сылларын санаан пионерскай хаалтыстаах кэлбиттэр.

Тэрээһин суолтатын кэҥэтэн Никольскайдааҕы сир музейыттан пионерскай атрибутика быыстапката турда, лицей үлэһиттэрин пионердаабыт хаартыскалара көрдөрүүгэ ыйанна уонна бастакы «Төлөннөөх сүрэхтэр» этэрээттэн Николаҋ Дмитриевич Захаров 6 кылаастарга ыалдьыттаата.

Историческай эстафета киһи-аймах сирдьитэ В. И. Ленин төрөөбүт күнүгэр түбэһэн үгүс өйдөбүлү хаалларда.

Мария Винокурова