Мин, Александр Данилович Петров, 1944 с. Сунтаар оройуонугар төрөөбүтүм. 1962 с. Элгээйи орто оскуолатын бүтэрэн, Советскай Армияҕа радиоразведочнай чааска үс сыл сулууспалаабытым. Ол кэнниттэн биир сыл «Элгээйи » совхозка сүөһү уотуутугар үлэлээбитим. Онтон Каунасскай мединститукка үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, Мирнэй куоракка хирург быраас идэтигэр интернатураны ааспытым.
1974 с. миигин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирура И.И. Мохначевскай Нам оройуонун киин балыыһатыгар ыыппыта. Оччолорго мин Сунтаарга аныахтарын эбэтэр Мирнэй к. хаалан үлэлиэхпин, чугас сиртэн ийэбэр, аҕабар көмө буолуохпун баҕарарым. Ону Иван Иванович Намҥа хирург олус наада, онтон Сунтаар, Мирнэй балыыһалара үчүгэйдэр, онно кэлии дьону ыытыахпыт диэбитэ. Оттон ийэм, аҕам: «Ханна үлэлэтэ ыытыллар да, баран үлэлээ, биһигини манаан олоруоҥ дуо? Убайдарыҥ чугас олороллор, көмөлөһүөхтэрэ»,-диэбиттэрэ. Онон 1974 сылтан 2021 сылга диэри Нам улуустааҕы киин балыыһатыгар үлэлээтим.
1974 с. кэлэрбэр Нам оройуоннай балыыһата эргэрэ сатаан баран харааран хаалбыт мас дьиэлэргэ баара. Наһаа кыараҕас, сулууспалар үрүт-үрдүлэригэр симиллэн олороллоро. Терапевт, оҕо отделениелара, клиническэй лабаратория, хонтуора биир мас дьиэҕэ бэрт кыра быыстанан олороллоро. Хирургическэй отделение өссө кыараҕас этэ. Холобур, процедурнай кабинекка бэрэбээскилиир, суһал көмө, абортуур сир, хирург кабинета баара. Мин кэлэрбэр Шулунов диэн киһи хирурдуу олорбут этэ, үлэтигэр суох этэ, уоппускаҕа барбыт диэн истибитим. Уопуттаах киһибин кэтэспитим да, суох, сыл аҥара буолан баран сыллааҕы отчуот оҥоруутугар истибитим, киһим олох да уурайан барбыт этэ. Онон соҕотоҕун хирурдуу хаалбытым, биир да специалист суоҕа, холобур, анестезиолог, онколог, хаан сулууспата эмиэ суохтара.
Үлэбитин сарсыарда кэрийииттэн саҕалаан баран, ыарыһахтарбытын эмтиирбит, бэрэбээскилиирбит, операциялыырбыт, уҥуох тутан, көннөрөн гипсэлиирбит. Эбиэт кэнниттэн поликлиникаҕа ыарыһахтары көрөрбүт. Киһи куруук элбэҕэ, ол иһигэр травматология, онкология, эхинококкоз ыарыһахтара хирург эппиэтинэһигэр этилэр. 17:30 ч. прием бүтэн эрдэҕинэ, хирургическай кабинет сиэстэрэтэ Таисия Федоровна этэр: «Билигин диспансернай ыарыһахтары ыҥырбытым, олору көрөбүт». Инньэ гынан 18:30 ч. диэки дьиэбэр тиийэн саҥа чээйдээн эрдэхпинэ, хайы-сах түүҥҥү ыҥырыылар саҕаланаллара. Адьас сынньаныы, нус-хас утуйуу диэн суоҕа. Үлэлииргэ ыарахан этэ, ол эрээри иллээх, түмсүүлээх, үлэҕэ эрэллээх, бэриниилээх хирургическай отделение коллектива дьон доруобуйатын туһугар күнү-түүнү араарбакка, сылайалларын кэрэйбэккэ, үлэлииллэр этэ. Коллективы, сүнньүнэн, ыстаарсай медсиэстэрэ Т.Н. Лукинова, постовой медсиэстэрэ А.Н. Горбунова, опреционнай медсиэстэрэ Л.М. Курамшина салайан үлэлэтэллэрэ.
Ити кэмҥэ латекснай стерильнэй перчаткалар, шприцтэр, систиэмэлэр, укуол иннэлэрэ, операциялыыр инструменнар эҥин дэбигис көстүбэт этилэр. Биһиэхэ икки операционнай набордаах этибит. Онон иннэлэрбитин, операциялыыр инструменнарбытын сытыылаан, сууйан, дезинфекциялаан баран оргутар, хойутуу автоклавтыыр этибит. Бэлэм стерильнай саптар, кетгут суох этилэр. Итилэри сууйан, дезинфекциялаан, стерилизациялаан бэйэбит бэлэмниир этибит, операция сииктэрин, баастары тигэргэ туттар этибит. Анестизиолог суох этэ, онон кыра операциялары местнэй эбэтэр аһардар анестезиянан оҥорорбут. Улахан операцияларга киириэх иннинэ, ыарыһахпыт хаанын группатын быһааран, ол группалаах хааннаах донор булан, ыарыһах уонна донор хааннара сөп түбэһэллэрин быһааран баран, ыарыһахпытыгар масочнай эфир, наркоз биэрэн утутан баран, наркозка үчүгэй буоллаҕына дьуһуурунай бырааһы дуу, участковай бырааһы эбэтэр сиэстэрэни, куһаҕана буоллаҕына, санитарканы туруоран баран дьэ суунан, илиибитин дезинфекциялаан баран операциялыырбыт. Операция кэмигэр ыарыһахпыт ис уорганнарын өҥүнэн көрөн, наркоз биэрэр киһибитин дьаһайа-дьаһайа, операциялыыр этибит.
Автотранспорт мөлтөх этэ, онон ыраах учаастактарга быһылаан таҕыстаҕына, мин уонна операционнай сиэстэрэ Людмила Марагимовна Курамшина буоламмыт операцияҕа туттар инструменнарбытын, стерильнай матырыйаалларбытын ылан, айанаан тиийэн донор хомуйан, хаан бэлэмнээн баран, медпууннарга операциялаан ыарыһахпытын быыһыыр этибит. Ыарыһахпыт өлөр куттала аастаҕына, хирургическай отделениебытыгар көһөрөн аҕалан ситэри эмтиирбит.
Эмпит советскай былаас көмөтүнэн босхо сакааһынан отделениеҕа аптекаттан кэлэрэ. Эминэн хааччыйыыга араас инструменнары булууга, араас медицинскэй матырыйаалынан хаачыйыыга кылаабынай медсиэстэрэ А.Х. Усманова үлэтэ, кини булугаһа-талыгаһа абырыыра. Ол кэмҥэ үлэлээбит дьоҥҥо махталбыт улахан. Оччолорго ренгент-лаборанынан С.С. Жирков уонна М.М. Винокурова үлэлээбиттэрэ. Күнү-түүнү аахсыбакка ыҥырыыга куруук кэлэр, снимок оҥорор этилэр. Ардыгар лабораннарым түүн субу дьиэлэригэр барааттарын кэннэ, уҥуох тостуулаах киһи кэллэҕинэ, лабораннарбын аһынан бэйэм «Арман» ренгент аппараатынан снимоктаан, көрөн ыарыһаҕым тостубут уҥуоҕун тутан көннөрөн, гипсэлээн ыытар этим. Ыҥырыыта суох утуйбут түүннэрим диэн аҕыйах быһылаахтара.
Үлэбит режимэ диэн, аны санаатахха, байыаннай хонуу хирургиятын режимын курдук эбит. Хата, айылҕа көмөтүнэн дьоҥҥо сөптөөх көмөнү оҥорбуппун, биир да киһи эйигиттэн иэдэйдим диэбэтэ, махтаналлара эрэ. Ол да саҕана обургу оҕолору диспансеризациялааһын, призывной коммиссияҕа үлэ, нэһилиэнньэни диспансеризациялааһын хайаан да буолара.
Санитарнай–сырдатар үлэ киэҥник барара, тэрилтэлэринэн сылдьан лиэксийэ ааҕарбыт. Сүрүн үлэбит таһынан общественнай үлэҕэ куруук кыттарбыт. Араас субуотунньуктар буолаллара: ыраастаныыга, хортуоппуй, моркуоп хостооһунугар, оттооһуҥҥа, талах, дулҕа быһыытыгар, фермалар хотоннорун хаарын түһэриигэ. Ол кэмнэргэ профкомитетка миигин культсекторынан талбыттара. Нам балыыһатын коллектива тэрилтэлэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельность куоталаһыытыгар бастакы, иккис миэстэҕэ сылдьарбыт. Ону таһынан Нам народнай театрын аатын көмүскүүргэ Нам балыыһатын коллективыттан элбэх киһи народнай театр артыыстарынан буолбуттара. Коллективка культсектор тэрийиитинэн араас бырааһынньыктары, коллективка уһуннук үлэлээбит бэтэрээннэри чиэстээһини тэрийэр этибит.
Саҥа стационар тутуллан үлэҕэ киирбитигэр, дьэ бары үөһэ тыыммыппыт, арыый кэҥээн отделениеларбыт ол кэмнээҕи ирдэбиллэргэ эппиэтиир курдук буолбуттара. Хирургическай отделение соцкуоталаһыыга куруук кыайыылаах тахсара. Сиэстэрэлэрбит, санитаркаларбыт барахсаттар үлэҕэ кыһамньыларынан отделениебыт оһуобай ыраас, хомуллуулаах, көрүдүөргэ сибэккиилэрбит, сибиэһэй санбюллетеннэрбит ыарыһахтарга нуурал быһыыны оҥороллоро. Саҥа таас стационар үлэҕэ киирбитин кэннэ эдэр хирурдар Г.Г. Никифоров, П.А. Семенов утуу-субуу кэлэн, таһаарыылаахтык үлэлээн иһэн, эдэр коммунистар үрдээн, атын оройуоннарга кылабынай бырааһынан ананан барбытттара. Өр сылларга А.Д. Яковлева хирурдаабыта. Онтон хойутуу С.И. Кривошапкин эдэр хирург кэлэн үлэлээн иһэн барбыта. Кини оҥорбут операцияларын баастара оспокко дьону сордуура. Онон дезинфекционнай режими күүһүрдэргэ күһэллибиппит. Ол хлортан, формалинтан аллергиялаан сөбүлүүр идэбиттэн уурайбытым, поликлиникаҕа сэбиэдиссэйинэн көспүтүм.
1986 с. муус устар ыйыгар кылаабынай быраас В.Е. Никонов:»Эн үөрэнэн баран нарколог врач үлэтин үлэлээ»,-диэн дьаһайбыта. Саҥа идэҕэ Хабаровскай куоракка үөрэнэн баран, психиатр-нарколог үлэтин саҕалаабытым.
Инники өттүгэр наркологиянан ким да дьарыктамматах этэ. Невролог врач В.Н. Лопатина УРТ (условно – рефлекторная терапия) ньыматынан эмтии сылдьыбыт дьонун испииһэгин биэрбиттэрэ. Онон биһиги ити ньыманан дьон арыгыттан тутулуктарын эмтээн, диспансеризациялаан, картотеканан учуот оҥорон үлэ бөҕө буолбуппут. Фельдшеринэн уопуттаах Н.И. Мохначевская үлэлээбитэ, кылгас кэмҥэ медсиэстэрэнэн — З.М. Павлова. Ол кэмҥэ нарколог быһыытынан милицияҕа арыгылаан түбэспит, буруйу оҥорбут дьону түүннэри-күннэри ыҥыран, көрдөөн экспертизалатар этилэр, балыыһа тас өттүгэр араастаан өлбүт дьону көрдөрөн, көтөхтөрөн экспертизалатар этилэр. Өлбүт биричиинэтин быһаартаран баран, Дьокуускай к. вскрытиеҕа ыыталлара.
Араас төрүөтүнэн эт-хаан эчэйиилээх, тыыннаах дьоннорго судебнай-медицинскэй экспертиза оҥоттороллоро. Онон биир өттүнэн күннэри-түүннэри тохтоло, сынньалаҥа суох үлэ буолбута, иккис өттүнэн Нам оройуонун дьонун доруобуйатын туруга, өлүү-сүтүү төрдө, биричиинэтэ чуолкайдык көстөр буолбута. Ол курдук, дьон доруобуйатыгар, дьылҕатыгар арыгылааһын эрэ буолбакка, токсикомания, наркомания улахан дьайыылаахтара биллибитэ.
Уларыта тутуунан сылтаан советскай государствоны эһэр сылларыгар дьон санаатын, толкуйун улаханнык буккуйбуттара. Тугу гынар, тугу кэпсиир «көҥүл» буолбут кэмигэр телевизорынан оҕолор маннык килиэй, итинник бензин сыттыыллар диэн хаста да төхтөрүйэн, үөрэтэр пособие курдук көрдөрбүттэрин түмүгэр Нам улууһун оҕолоро телевизор «уруогун» үтүктэн ити буортулаах, ону ааһан өлөрөр кутталлаах дьаллыгынан дьарыктанар буолбуттара. Өссө эбии телевизорынан ыччакка «культурнайдык арыгылыыр туох да куттала суох», «арыгылааһын нуучча норуотун үгэһэ», «пиибэ-эдэр киһи утаҕа, саамай өйдөөх, продвинутай ыччат сарсыардаттан «Клинскэй» пиибэни атыылаһан иһэр» диэн уонна онно майгынныыр арыгы мафиятын рекламатыгар оҕустаран сорох ыччат пиибэнэн, арыгынан үлүһүйбүтэ. Ол түмүгэр дьиэ кэргэҥҥэ сөптөөх иитиини ылбатах саастарын ситэ илик оҕолор, ыччат арыгылааһына тахсар буолбута. Итирик сылдьан араас буруйу онороллоро. Ити ыарахан кэмнэр этилэр. Ол да буоллар милициянан, оройуон салалтатын көмөтүнэн, бастаан утаа, арыгыга, онтон наркотиктарга тест атыылаһыннаран Нам оройуона республикаҕа бастакыннан алкотесторы, наркотесторы туттар буолбуппут. Нам-Дьокуускай трассатыгар милиция поһун аһан, үлэлэтэн кэлэр-бара транспоры, суоппардары бэрэбиэкэлээбиппит. Ол түмүгэр көлөппүнэ бэлэмнээһинэ, сүөһүнү, сылгыны уоруу лаппа көҕүрээбитэ.
Оройуон дьаһалтатыгар наркотическай үүнээйилэри аччатарга, суох гынарга хамыыһыйа үлэлээбитэ. Онно сүбэ мунньах «өстөөҕү сирэй билиэххэ, көлөппүнэ тарҕанан үүнэр бааһыналарын каартатын оҥорон баран, көлөппүнэни суох гынарга үлэни чопчу былааннаан ыытыахха» диэн этии киллэрбитим. Онно утарсааччылар даҕаны бааллара, наркоманнарга карта оҥорон биэрээри гынар эҥин диэн. Ол да буоллар салалта ол этиибин ылыммыт быһыылааҕа. Биирдэ баһылык солбуйааччыта Н.В. Слепцов кэпсэлинэн президент В.А. Штыров үс оройуон салайааччыларын ыҥыран, наркомания утары үлэлэрин ыйыталаспыт. Онно икки оройуоҥҥа туох да үлэ барбата көстүбүт, мөҕүллүбүттэр. Намнар көлөппүнэ үүнэр сирин каарталаан, үлэ былаанын оҥорбут дьон хайҕанан тахсыбыттар этэ.
СР президенэ Е.А. Борисов ыччакка, оҕолорго арыгы буортутун сөпкө өйдөөн таһаарбыт «Арыгылааһыны аччаттар, арыгы атыытын хааччахтыыр туһунан» сокуона ыччаты иитэр – өйдөтөр үлэҕэ биир сүрүн тирэх, күүс буолбута. КДН ыччакка, дьиэ-кэргэҥҥэ, үөрэх тэрилтэлэригэр, оҕолорго иитэр-өйдөтөр үлэни сөптөөхтүк сүрүннээн тэрийэн элбэх оҕону, ыччаты буортулаах дьаллыктан тэйитэн, чөл олох суолугар үктэннэрбитэ. Ол курдук, бастакы КДН сэкирэтээрэ М.В. Петрова этэ, дьоҥҥо тиийимтиэ тыллааҕа. Онтон хойутуу С.И. Петухова КДН сэкирэтээринэн таһарыылаахтык үлэлээбитэ. Ыарахан 90-с сылларга КДН сэкирэтээринэн М.А. Ядрихинская үлэлээбитэ. Оҕолор токсикоманияҕа, ыччат наркоманияҕа, арыгылааһыҥҥа, алкоголизмҥа сутуллуута элбээбитин сөпкө өйдөөн, үөрэх салаатын үлэһиттэрин, оскуолалар учуууталларын, милиция үлэһиттэрин, наркокабинеты холбоон лекционнай өйдөтөр-сырдатар бөлөх тэрийэн оройуон киинин оскуолаларыгар, үөрэх тэрилтэлэригэр, нэһилиэктэр оскуолаларыгар, төрөппүттэргэ, сайыҥҥы оҕо лааҕырдарыгар иитэр-өйдөтөр үлэни сылтан сыл аайы былааннаахтык ыытар этэ. Онно нарколог быраас лиэксийэтэ хайаан да ирдэнэр этэ. Ол курдук, нэһилиэктэр оскуолаларынан, төрөппүттэри, олохтоохтору кытта үлэлэһэн баран, дьиэбитигэр түүн 12 чааска дуу, 1 чаас диэки дуу кэлэрбит. Лектордар үлэбит саамай туһалаах буолуо диэн ыарырҕаппат курдук этибит. Сыралаах үлэбит туһата биллэрэ- токсикомания тарҕаныыта тохтооһунугар, арыгыта суох бырааһынньыктары көрсөр ыал, дьон ахсаана эбиллэригэр, буруйу оҥоруу ахсаана аҕыйыырыгар төрүөт буолбута чахчы.
Нам ыччатыгар ыарахан дьайыылаах наркотиктарга ылларыы, синтетическэй наркотиктарынан, спайсынан үлүһүйүү суоҕа эмиэ биһиги сыралаах үлэбит түмүгэ буолар. Ити сылларга наркокабинекка фельдшеринэн А.Г. Старостин үлэлээбитэ, кылгас кэмҥэ үлэтин кыайбакка уурайбыта. Фельдшер Винокуров диэн киһини үлэлэтэ биэрбиттэрэ да, бэйэтэ наркотик туттара биллэн уурайбыта.
Наркологичекай сулууспа сайдан истэҕин аайы үлэһиттэргэ билиигэ-көрүүгэ ирдэбил кытаатан иһэр. Отчуот хас биирдии ыйынан барар, ыйытыы хас күн аайы киирэр, хас эмэ сыллааҕы көрдөрүүлэри ыйытыахтарын сөп. Хас эмэ уонунан бирикээһи билиэххэ, толоруохха наада. Фельдшеринэн Ф.Р. Колодезникова ананан кэлиэҕиттэн, медсиэстэрэ О.М. Кузьмина үлэлиэҕиттэн ыла, Намҥа наркологическай сулууспа үлэтэ үчүгэй буолуо, билиилээх-көрүүлээх, эппиэтинэстээх үлэһиттэр кэллилэр диэн эрэммитим сөп түбэстэ. Ол курдук, 2022 с. Москваттан кэлбит хамыыһыйа наркологическай сулууспаны бэрэбиэркэлээн баран, үлэтин «үчүгэй» диэн сыаналаабытын үөрэ уонна киэн тутта истибитим.
Нам киин балыыһатыгар үлэлээбит сылларбын саамай дьоллоох уонна сырдык кэмнэрим дии саныыбын. Миигин кытта алтыһан дьон доруобуйатын, ыччат инники дьылҕатын туһугар күнү-түүнү кэрэйбэккэ, сылайары аахсыбакка, үрдүк эппиэтинэстээх үлэттэн толлубакка тэбис тэҥҥэ үлэлээбит медик коллегаларбар, милиция (полиция), ПДН сотрудниктарыгар, үөрэх эйгэтин, КДН үлэһиттэригэр дириҥ убаастабылбын уонна улахан махталбын биллэрэбин.
Александр Петров, үлэ бэтэрээнэ