Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Россия уонна Саха сирин хас биирдии олохтооҕор биһиги дойдубут модун күүһүн уонна самныбат санаатын кэрэһилиир дьоһун суолталаах күн. Биһиги элбэх омуктаах норуоппутугар, дойдубут хас биирдии гражданиныгар модун күүс түмүллүбүт. Үгүс үйэлэри уҥуордаан, ахсаана суох тургутуулары туоратан, кыайан-хотон, иннибит диэки дьулурҕатык хардыылаан бэйэбит судаарыстыбабытын сайыннардыбыт.

Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай баһылыктаах норуот этэрээтэ Москва куораты поляк халабырдьыттарыттан босхолообут 1612 сыл сэтинньи 4 күнүн туһунан сырдык өйдөбүл устуоруйаҕа киирбитэ. Хорсун санаа уонна сомоҕолоһуу бэлиэтэ буолбут бу кыайыы Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар биһиги норуоппут төрөөбүт дойдубут көҥүлүн, дуохуобунай, култуурунай сыаннастарбытын туруулаһарыгар дьоһун төһүү буолбута.
Бүгүн эмиэ үгүс сыллар аннараа өттүлэригэр курдук, устуоруйа кырдьыгын көмүскүүрүгэр, устуоруйа чахчыларын токурутарга уонна неонацизмы сөргүтэргэ дураһыйыыны бохсууга Россия улахан тургутуулары көрүстэ. Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин эһэлэрин, хос эһэлэрин курдук Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллор, оттон өрөспүүбүлүкэ кинилэргэ кыаллары барытын оҥорор. Буойуннарбыт чугас дьонноругар, аймахтарыгар олоххо-дьаһахха да, матырыйаалынай да өттүнэн далааһыннаах көмө оҥоһуллар.

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ Кировскай уонна Докучаевскай куораттары чөлгө түһэрэр үлэҕэ Саха сирэ киллэрбит кылаатынан киэн туттуохпутун туттабыт. Биһиги дойдубутугар саҥа холбоспут сиргэ-уокка эйэлээх олоҕу төннөрөргө Россия бары эрэгийиэннэрэ ыытар сүҥкэн үлэлэрэ сомоҕолоһуу чаҕылхай холобурунан буолар. Биһиги биир дойдулаахтарбыт, араас салаалар специалистарын үлэлэрэ-хамнастара омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаны бөҕөргөтөр, биир ситимниир, инники кэскилибитин түстүүргэ дьоһун төһүү буолар.

Бу бэлиэ күн Москва куоракка Россия Президенин сорудаҕынан тэриллибит дойду араас эйгэҕэ ситиһиитин көрдөрөр аналлаах «Россия» национальнай киин арыллыаҕа. Бу киин 2023 сыл сэтинньититтэн 2024 сыл от ыйыгар диэри ыытыллыбыт аан дойдуга киэҥник биллибит, элбэх киһи тоҕуоруспут “Россия” быыстапка-форум үлэтин салгыыр. Манна дойду бары эрэгийиэннэрэ кытталлар. Саха сирэ 15 бастыҥ экспозициялаах эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирбитэ. Оттон Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук «Бастыҥ федеральнай уокурук» анал аат кыайыылааҕа буолбута.

Өрөспүүбүлүкэ сыалынан креативнай индустрия сүдү бырайыактарын, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысаланнас, тутуу, энергетикэ, тырааныспар, социальнай инфраструктура эйгэлэрин ураты арыйыыларын төрдө буолбут биһиги норуоттарбыт култуураларын уонна үгэстэрин быыстапка ыалдьыттарыгар билиһиннэрии буолбута.
Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин өйөбүлүнэн тутуллар Өлүөнэни туоруур муоста уонна элбэх хайысхалаах киинэ павильона, Муусука үрдүкү оскуолатын куорпуһа, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннара курдук араас эйгэ улахан бырайыактарын көрдөрдүбүт.

Дойдубутугар баар бастыҥтан бастыҥы көрдүбүт уонна көрдөрдүбүт.

Күндү доҕоттор! Сомоҕолоһуу, бэйэ кыаҕар эрэли уонна биир сыалы ситиһэр сорукпут саҥа кыайыылары эрэ аҕаллыннар.

Улуу Россиябыт араас кыһалҕаны да көрүстэр бөҕөргүү туруоҕа, оттон дойдубут быстыбат сороҕунан буолар Сахабыт сирэ сайдан, иннин диэки эрэллээхтик баран иһиэҕэ диэн бигэтик эрэнэбин.

Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар или уонна үтүөнү, ситиһиилэри уонна чэгиэн доруобуйаны баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

Читайте дальше