Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Күндү ыалдьыттар!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Туймаада Ыһыаҕа – Арассыыйа Федерациятын саамай бөдөҥ субъегар – алгыстаах Саха сиригэр олорор бары омуктары түмэр киэҥ далааһыннаах национальнай бырааһынньык. Быйылгы Ыһыах – дойдуга ыытыллар Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо сылыгар уонна «Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларыгар ананар. Ыһыахха бэйэбит төрүт үгэстэрбитин, ураты култуурабытын, доҕордоһуубутун, норуот маастардарын ситиһиилэрин көрдөрүөхпүт, өрө тутуохпут.

Туймаада киэҥ хочотугар, Үс Хатыҥҥа, бырааһынньык киэҥ бэйэлээх түһүлгэтэ нэлэһийиэҕэ, Саха сирин бары норуоттарын ураты култуураларын эриэккэс кэрэтэ, эгэлгэ өҥө-кустуга сүрэхпитин сылаанньытыаҕа.

Ыһыах түһүлгэтэ былыр да, быйыл да ыраахтан-чугастан ыалдьыттары түмэр. Быйыл Туймаада Ыһыаҕын ытык-мааны ыалдьыттарынан 2024 сылга Арассыыйа Федерациятын оҕолор успуортарыгар саамай далааһыннаах тэрээһинин – «Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларын кыттыылаахтара буолуохтара. Бу оонньууларга 24 омук сириттэн уонна биһиги дойдубут 5 федеральнай уокуругуттан уонна эрэгийиэниттэн 3 тыһыынчаттан тахса спортсмен кэллэ.

«Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларын кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин эҕэрдэтин ыытта. Кини биһиги үгэс буолбут күрэхтэһиилэрбит мэлдьи үрдүк тэрээһиннээхтик, айымньылаахтык ыытыллалларын, оҕо-ыччат успуордун сайыннарыыга, олимпийскай хамсааһын тыынын тарҕатыыга, араас дойдулар норуоттарын икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтүүгэ дьоһун кылааты киллэрэллэрин бэлиэтээтэ. Судаарыстыба баһылыга эдэр спортсменнарга ситиһиилэри, кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэри, умнуллубат түгэннэри баҕарда.

Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо сылынан ситимнээн бырааһынньык баай ис хоһоонноох бырагырааматыгар дьоһун болҕомтону дьиэ кэргэн үгэстэригэр уонна дьоллоох оҕо сааска уурдубут. Дьиэ кэргэн биһиги тирэхпит, эрэллээх эркиммит, оҕо – өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду кэскилэ. Бырааһынньык чэрчитинэн кыргыттар уонна уолаттар ортолоругар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи  Бэргэн оонньууларын кыайыылааҕын быһаарар түмүктүүр түһүмэх аан бастакытын буолуоҕа.

Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр уонна ыалдьыттарыгар анаан Туймаада Ыһыаҕар сиэр-туом, култуура уонна успуорт 100-тэн тахса тэрээһинэ, ол иһигэр бастакытын буолар уран тарбахтаахтар «Уран мас ураты ойуута-оһуора» күрэхтэһиилэрэ,  «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» ырыа куонкуруһа, «Сахалыы куттаах мин аатым» сахалыы ааттар куонкурустара ыытыллыахтара. «Дьүрүскэн куолас» норуот ырыаларын толорооччулар куонкурустара үгэс курдук үгүс сүгүрүйээччи болҕомтотун тардыаҕа.

Быйыл тимир уустарын куонкуруһун бырагыраамата ураты умсугутуулаах буолара күүтүллэр, манна тимир уустарбыт былыргы ньыманан тимири уһаарыыны, ону тэҥэ саха быһаҕын уонна хомуһу хайдах охсору көрдөрүөхтэрэ.

Ону тэҥэ, биллэн турар, үгэс курдук Дыгын оонньууларыгар саха ньургун уолаттарын күүрээннээх күрэс былдьаһыыларын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтүн көрүөхпүт.

 

Туймаада Ыһыаҕар оһуохайы таһаарааччылар куонкурустарыгар Саха сирин элбэх омуктаах норуота илии-илииттэн сиэттиһэн оһуохай үҥкүүтүн түһүлгэтигэр түмсүөҕэ.

Туймаада Ыһыаҕар хас биирдии киһи дууһата туохха тардыһарынан кэрэхсиир дьарыгын булуоҕа, бу күннэргэ барыбытын түмэр чаҕылхай бырааһынньык кэрэ өйдөбүлүн сүрэҕэр иҥэриниэҕэ.

Ытыктабыллаах Сахам сирин дьоно-сэргэтэ!

Туймаада Ыһыаҕынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик буолууну уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын! Үрүҥ Тунах Ыһыахха этиллибит алгыс барыбытыгар үтүөнү, дьолу-соргуну түстээтин! Уруй-туску, айхал-мичил!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                    А.С. Николаев

Читайте дальше