Нам улууһа “Спортивные Якутяне” өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар бэлэмнэнии үлэтин былааннаахтык ыытар. Санаттахха, “Спортивные Якутяне” спартакиада бэс ыйын 6-10 күннэригэр буолуоҕа. Ол курдук, сайын барыта 2500 кэриҥэ ыалдьыт, спортсмен кэлэрэ күүтүллэр.
“Күрэхтэһээччи оҕолор 1 Хомустаахтан саҕалаан Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледжка, Кыһыл Дэриэбинэҕэ, Граф Биэрэккэ олохсуйуохтара. 9 көрүҥнээх спартакиада Ленскэй нэһилиэккэ, Хамаҕаттаҕа буолуохтара. Сүрүн сорук – күрэхтэһээччилэргэ сөптөөх усулуобуйа тэрийии”, – диир “Спортивные Якутяне” спартакиада дирекциятын салайааччыта Вячеслав Григорьев.
Саха сирин 34 улууһун хамаандата түмүк көрсүһүүгэ волейболга, ох саанан ытыыга (төрүт ох саа, классическай ох саа, блочнай ох саа), көҥүл тустууга, бокска, дуобатка, саахыматка, гиирэҕэ, чэпчэки атлетикаҕа, мас-рестлиҥҥэ бастыыр иһин күрэхтэһиэҕэ. Киин улуустартан 100-тэн тахса спортсменнаах хамаандалар бааллара, кэлиэхтээхтэрэ эмиэ этиллэр.
“Спортивные Якутяне” спартакиада аһыллыытын туоһулуур үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ 700-тэн тахса үөрэнээччи кыттыаҕа. Ону тэҥэ, сайыҥҥы лааҕырдары, нэһилиэк үөрэнээччилэрин хабар баҕа санаалаахпыт.
СӨ Правительство таһымыгар үөрэх министерствота кыттыылаах үгүс мунньахтар ыытыллаллар. Кэпсэтиилэргэ үп-харчы боппуруоһа таарыллар, быһаарыллар, саҥа ыйыылары-кэрдиилэри ылабыт. Холобура, Роспотребнадзор ирдэбилинэн спортсменнарга дуус, туалет тутуута ыытыллыахтаах. Бу күннэргэ баһаарынай надзор үөрэнээччилэр олохсуйуохтаах дьиэлэрин көрүөҕэ-истиэҕэ”, – диэн кэпсиир Вячеслав Титович.
Харысхан Попов