Саха тойуга сатарыа, саха саҥата саргылыа

Биир дойдулаахпыт, сэрии, үлэ бэтэрээнэ Афанасий Авксентьевич Осипов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, кини аатын үйэтитэр сыаллаах, 2 Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо араас хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар.

Ол курдук, Афанасий Авксентьевич эдэр сылдьан оһуохай таһаарарын, туойарын сөбүлүүрэ, соҕотох да буоллаҕына муннун анныгар киҥинийэн ыллыы сылдьара диэн үөлээннээхтэрэ ахталлара. Онно олоҕуран нэһилиэкпит дьонугар, ыччатыгар оһуохайы, тойугу тарҕатан, ытык кырдьаҕастарбыт биһиги олохпутугар хаалларбыт үтүө үгэстэринэн тойук, оһуохай күрэҕин тэрийдибит.

Тохсунньу 29 күнүгэр «Саха тойуга сатарыа, саха саҥата саргылыа» диэн тойукка уонна оһуохайга алын, орто сүһүөх кылаас оҕолоругар күрэх буолан ааста. Тэрээһини Нам улууһун «Отуу уота» литературнай холбоһугун, «Эҥсиэли оһуохайа» түмсүү кыттыылааҕа, 2 Хомустаах бочуоттаах олохтооҕо, чуор куоластаах Лидия Егоровна Пестрякова- Үүнэр кыыһа- Намыйа бэйэтэ айбыт тойугунан үөрүүлээхтик арыйда. Салгыы дьоро күн тутулун олохтоох библиотекарь Е.В. Слепцова иилээн-саҕалаан ыытта. Үгэс быһыытынан, бастакынан Афанасий Авксентьевич Осипов олоҕун, үлэтин туһунан сырдатылынна. Ол кэннэ барылламмыт оһуохай, тойук күрэҕэ саҕаланна. Оҕолор бары сахалыы таҥастаах, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ киһи санаатын көтөҕөр, хараҕы үөрдэр. Күрэхтэһээччилэр дьоҕурдарын көрөн-истэн сөптөөх сыанабылы туруоран, Т.В. Старкова, М.Е. Протопопова, С.А. Слепцова дьүүллүүр сүбэнэн үлэлээтилэр.

Туох барыта бүтэр уһуктаах, тохтуур түмүктээх буоларыныы, күрэх кыайыылаахтара ааттаннылар: Оһуохай күрэҕэр 1 м. — Охлопков Миша этээччилээх 5 кылаас үөрэнээччилэрэ, 2 м. — Находкин Алгыс этээччилээх 2 кылаас үөрэнээччилэрэ, 3 м. — Местникова Айыллаана таһаарыылаах 6 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Тойук күрэҕэр 5 кылаас үөрэнээччитэ Максимова Мичийэ кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ. Күрэх бастыҥнара грамотанан, бирииһинэн наҕараадаланнылар. Кыттыбыт оҕолорго барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.

Елена Слепцова