«Сахабэчээт» салалтата Нам улууһугар үлэлээтэ

Бүгүн СӨ «Сахабэчээт» ГАУ генеральнай директора Ньургуйаана Михайловна Стручкова халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһун нэһилиэктэригэр сырытта. Граф Биэрэгэр, Модукка, Хатырыкка, Маймаҕаҕа халаан аҕалбыт содулун көрдө, дьону-сэргэни кытта кэпсэттэ.

«Сахабэчээт» тэрилтэ үлэһиттэрэ халаантан эмсэҕэлээбит Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар гуманитарнай көмө хомуйан ыыппыта. Ол курдук, коллектив Саха сирин общественнай өйөбүлүн штабыгар бородуукта, күннэтэ туттуллар наадалаах табаары биэрбитэ. Кылгас кэм иһигэр тэрилтэ үлэһиттэрэ, ол иһигэр, улуус хаһыаттарын редакциялара  көмөлөстүлэр.

«Сахабэчээт» уонна «Эҥсиэли» хаһыат эр дьоно бүгүн нэһилиэктэргэ тиийэн халаантан эмсэҕэлээбит ыалларга үлэлээтилэр.  Тэрилтэ генеральнай директора Ньургуйаана Михайловна Граф Биэрэгэр, Маймаҕаҕа дьону-сэргэни кытта көрсөн кэпсэппитин сиһилии видеоҕа көрүҥ-истиҥ.

«Эҥсиэли» хаһыат

Читайте дальше