Сахалыы остуол оонньуутунан үлүһүйээччи элбиир

Нам улууһун нэһилиэктэрэ остуол оонньуутун I түһүмэҕэр тохсунньу 27 күнүгэр көрсүбүттэрэ. Кыттааччылар күн устата култуура-спорт комплексыгар хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһэн, нэһилиэктэригэр наадалаах очукуолары аҕаллылар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ остуол оонньуутугар 1 Хомустаахтан, Партизантан, Хамаҕаттаттан, Ленскэй нэһилиэктэн, Хатыҥ Арыыттан, Хатырыктан, Модуттан, 2 Хомустаахтан, Салбаҥтан, Көбөкөнтөн, Таастаахтан, Никольскайтан саҥа саҕалаабыттарга балачча киһи баар. Хабылык, хаамыска истэргэ судургу курдук эрээри, маҥнай хабылыктыыр киһи уһун синньигэс мастары барытын ытыһын үрдүгэр дэбигис түһэрбэтин холонооччулар бигэргэтэллэр.

Кэлэр II түһүмэххэ хамаандалар оскуола үөрэнээччилэрдээх көрсүөхтээхтэрин федерация толороочу салайааччыта Маргарита Охлопкова этэр. Урукку сылларга хамаанда туруоран күрэхтэһэр Үөдэй, Бөтүҥ, Арбын, Фрунзе бу сырыыга кыттыбатылар.

“Хабылыгынан, хаамысканан дьарыктанан саҕалаабыттар күн ахсын эрчиллиэхтэрин наада. Остуолбут оонньуута I түһүмэҕэ бүттэ. Кыттааччы 2 көрүҥү 8 мүнүүтэ оонньуура эмиэ ыарахаттардаах. Ити бириэмэни эрчиллиилээх, дьарыктаах киһи тулуйар.

Остуол оонньуутун түһүмэхтэн түһүмэххэ арыый да тупсаран, сайыннаран иһэргэ былаанныыбыт. “Манчаары оонньууларын”, өрөспүүбүлүкэ таһымын быраабылаларыгар эппиэттиир буолуохтаахпыт. Оннукка дьулуһуохтаахпыт даҕаны”, – диир Маргарита Охлопкова.

Харысхан Попов

Түмүк:

Уопсай түмүк:

1 миэстэ – Хатыҥ Арыы;

2 миэстэ – 1 Хомустаах;

3 миэстэ – Хатырык.

1 бөлөх, дьахталлар (12 кыттааччы):

1 миэстэ – Тамара Жиркова (1 Хомустаах). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

2 миэстэ – Урсуна Иванова (Хатыҥ Арыы). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 1 миэстэ;

3 миэстэ – Алина Протопопова (1 Хомустаах). Хабылыкка – 4 миэстэ; хаамыскаҕа – 5 миэстэ.

1 бөлөх, эр дьон (10 кыттааччы):

1 миэстэ – Владислав Мамаев (1 Хомустаах). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 1 миэстэ;

2 миэстэ – Виктор Никонов (Ленскэй нэһилиэк). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 3 миэстэ;

3 миэстэ – Илларион Егоров (Хатыҥ Арыы). Хабылыкка – 3 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ.

2 бөлөх, дьахталлар (10 кыттааччы):

1 миэстэ – Надежда Прокопьева (1 Хомустаах). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

2 миэстэ – Февронья Миронова (Ленскэй нэһилиэк). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

3 миэстэ – Саргылана Комина (Ленскэй нэһилиэк). Хабылыкка – 3 миэстэ; хаамыскаҕа – 3 миэстэ.

2 бөлөх, эр дьон (10 кыттааччы):

1 миэстэ – Константин Шелковников (Хамаҕатта). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 1 миэстэ;

2 миэстэ – Евгений Иванов (Хатыҥ Арыы). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

3 миэстэ – Анатолий Охлопков (1 Хомустаах). Хабылыкка – 3 миэстэ; хаамыскаҕа – 3 миэстэ.

3 бөлөх, дьахталлар (15 кыттааччы):

1 миэстэ – Марина Семенова (Хатыҥ Арыы). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 1 миэстэ;

2 миэстэ – Мария Лукинова (Көбөкөн). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

3 миэстэ – Клара Носкова (Хатыҥ Арыы). Хабылыкка – 3 миэстэ; хаамыскаҕа – 3 миэстэ.

3 бөлөх, эр дьон (14 кыттааччы):

1 миэстэ – Дмитрий Мухин (Хатырык). Хабылыкка – 1 миэстэ; хаамыскаҕа – 2 миэстэ;

2 миэстэ – Николай Сандулин (Модут). Хабылыкка – 2 миэстэ; хаамыскаҕа – 1 миэстэ;

3 миэстэ – Вячеслав Лукин (Хамаҕатта). Хабылыкка – 4 миэстэ; хаамыскаҕа – 3 миэстэ.