Бастакы Хомустаах орто оскуолата 2012 сылтан СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн», «Бочуот знага» орденнар кавалердара, өр сылларга «Нам» совхоһу ситиһиилээхтик салайбыт, Нам улууһун бастакы баһылыга Д.Ф. Алексеев аатын сүгэр. Дмитрий Федотович төрөөбүт сэтинньи 13 күнүгэр «Оскуола күнэ» диэн бэлиэтэнэр үтүө үгэһэ олохтонно. Быйыл дойдубут үрдүнэн биллэриллибит «Учуутал уонна уһуйааччы сылын» түмүктүүр тэрээһинин быһыытынан барда. Ветеран учууталлар ыҥырыллан сылдьан, үөрэн-астынан кэлэн ол сонуммутун дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхпитин баҕардыбыт.
Үгэс буолбут Д.Ф. Алексеев олоҕун, үлэтин сырдатар кылаас чаастарын, үөрүүлээх линейка кэнниттэн үһүс түһүмэх саҕаланна. Оскуолабыт биир кынатын иккис этээһигэр оскуола музейа баар. Түмэл салайааччыта — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһин эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ С.Н. Винокурова. Музейдаах көрүдүөргэ оскуола выпустарыгар, салайааччыларбытыгар, учууталларга аналлаах стендэлэр ааспыт кэми кэрэһэлээн тураллар. Дьэ бу манна саха норуотун культурата, науката сайдарыгар олук уурсубут дьоннортон биирдэстэрэ И.И. Барашковка анаммыт өйдөбүнньүк бэлиэни үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Иван Иванович уола, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, А.И. Барашков аҕатын уустук олоҕун, «устуоруйа үрүҥ бээтинэтин» кыратык сэгэтэн кэпсээтэ. Ленинградка уонна Иркутскайга икки үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, Ойуунускай тэрийбит саха тылын чинчийэр институтугар үлэлээбит сахаттан бастакы тюрколог буоларын, академик Окладниковтыын Өлүөнэ төрдүнээҕи очуостарга экспедицияҕа сылдьан билигин СӨ дьаралыгар ойууламмыт аттаах киһилээх петроглифтары булбуттарын, «Башарин дьыалатыгар» түбэһэн кыната сарбыллыбытын, элбэх улууска үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитин биллибит. Иван Иванович сиэнэ, ХИФУ историческай факультетын преподавателэ, историческай наука доктора Сааскылаана Иннокентьевна Сивцева эһэтэ Саха сирин историятын бастакы томун оҥорууга, тыл уонна фольклор матырыйаалларын хомуйууга, ону сааһылааһыҥҥа кылаатын уурсубутун сырдатта уонна 1939 с. кириллицанан бэчээттэммит бастакы саха тылын грамматикатын уонна таба суруйууну үөрэтэр пособие ксерокопиятын музейга бэлэхтээтэ. Пухов, Барашков, Никифоров оҥорбуттар. Международнай кылаастаах спорт маастара, биллиилээх тренер У.А. Барашковка эһэтэ бэйэтин псевдонимын биэрэн Уйусхан диэн ааттаммыт эбит. Кини Хомустаахха эһээлээҕэр олорон спортшколаҕа боксанан дьарыктаммытын ахтан ааста.
Салгыы аактабай саалаҕа киирдибит. Д.Ф. Алексеев олоҕун аргыһа, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», улуус, нэһилиэк Ытык киһитэ Г.Г. Алексеева үөрэх управлениетын информатизацияҕа отделын специалиһа Е.И. Шарапованы сыанаҕа ыҥыран таһаарда. Елена Ивановна биир дьоһун үлэтинэн кини идеятынан уонна тус салалтатынан таҥыллан тахсыбыт «Педагогическая слава Намского улуса» диэн энциклопедия буолар. Кини энциклопедия саҥа тахсыбыт 2-3 томнарын Галина Георгиевнаҕа уонна музейга туттарда. Бу улахан хомуурунньукка Хомустаахха үйэ чиэппэриттэн одук кэмҥэ үлэлээбит 60 учуутал, иитээччи үлэтин сүрүн түһүмэхтэрин, ситиһиилэрин туһунан киирбит. Элбэх докумуону бэрийэн сурукка тиһэн үйэтитиигэ сүрдээх бириинчик үлэни сүрүннэспит улуус үөрэҕин уонна оскуолабыт салайааччыларыгар, бары үлэлэспит дьоҥҥо ветераннар ааттарыттан истиҥ махталбытын этэбит. Суруллубут суоруллубат!
Бэһис түһүмэххэ орто оскуола бастакы выпускниктарын ааттарыттан улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ С.Д. Кобякова эҕэрдэтин тиэртэ. Салгыы оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сылын 2022 сылга бэлиэтээбиттэр оҥорон бэлэхтээбит электроннай альбомнарын кылаастарын салайааччыта Галина Георгиевна киэн тутта экраҥҥа көрдөрдө, кэпсээтэ. Оҕолорум баар буоланнар мин дьоллоохпун, кинилэрдиин үчүгэй да куһаҕан да күннэрбитигэр өрүү бииргэ буолабыт диэбитэ истэргэ үчүгэйин! Итиэннэ салгыы тылы пед. үлэ ветерана А.С. Муксуноваҕа биэрдэ.
Акулина Степановна: «Дьыл-хонук уу сүүрүгүн курдук түргэнник устар. Мин бу 40 сыл анараа өттүгэр 1 Хомустаах орто оскуолатын 25 сыллаах үбүлүөйүгэр, ол аата 1984 сыллаахха, оҥоһуллубут альбому тутан турабын. Миэхэ, библиотекарьга, бука оскуола салалтата сорудах биэрдэҕэ буолуо, ол кэмҥэ үлэлии сылдьар оскуола коллективын, үлэтин сырдатар альбому оҥорбуппун. Хаартыскалары сыһыаран, илиибинэн бэчээтинэй шрибинэн суруйбут эбиппин. Маны таһынан выпусктарынан эмиэ альбомнар оҥоһуллубуттара. 40 сыл диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ. Бу ааспыт 20-с үйэ бүтүүтэ, 21-с үйэ чиэппэрин устата. Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан сорохтор орто дойдуттан бардахтара. Оччотооҕу оҕо саастарын кэпсиир бу альбомнар сыл-хонук аастаҕын аайы өссө күндүтүйэн иһиэхтэрэ. Билигин бу хаартыскаларга көрөр дьоммут ыччаттара оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаххыт дии оҕолор. Олох сайдан кылаастар үбүлүөйдэригэр бүтүн кинигэ-альбом таһаараллар, өссө видеолаах эҥин буолуон сөп. Онтон оскуола музейыгар бэлэхтииллэрэ буоллар, олорон ааспыт дьоммут дьоһун олохторун үөрэтэн, кинилэр үтүө өрүттэрин үүнэр көлүөнэ холобур оҥосто сылдьарыгар саһарбыт хаартыскалар туһалыахтар этэ дии саныыбын. Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын!».
Хоҥнон сүппүт хаартыскалары ирдэһэн булан наардаан көмөлөспүт О.П. Сысолятинаҕа махтанан туран, Галина Георгиевна 40 сыллааҕыта оҥоһуллубут 16 альбому оскуола музейыгар туттарда уонна оҕолору, олохтоохтору кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырда.
Д.Ф. Алексеев бюһугар сибэкки ууруутунан, уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн тэрээһин официальнай чааһа түмүктэннэ.
Педколлектив ветераннарын, ыалдьыттарын минньигэс астаах сандалы тула олордон иһирэх кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолла. Үлэ Кыһыл знамята орден кавалера, СӨ үөрэҕириитин туйгуна А.И.Колесова дойдутугар Верхоянскайга Адыаччы оскуолатыгар Иван Иванович икки сыл директордаабытын кэпсээтэ. Хомустаахха Иван Иванович, Любовь Петровна Барашковтары кытары ыаллыы олорбут СӨ үөрэҕириитин туйгуннара, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһиттэрэ М.Г.Степанова, Е.В. Колесова ахтыыларын иһиттибит. Аттыбытыгар ураты киэҥ билиилээх, сүдү да киһи сылдьыбытын, үлэлээбитин уонна Любовь Петровна олус да бэриниилээх кэргэн эбит диэн бүгүҥҥү тэрээһинтэн саҥардыы билэн сөхтүбүт-махтайдыбыт. Анатолий Иванович аҕаларын туһунан кинигэ бэлэмниир санаалаахтарын этэн туран ахтыыларгытын суруйаарыҥ диэн көрдөстө. Ол чэрчитинэн кылгастык.
А.С. Муксунова: «Мин бастаан Хомустаах оскуолатыгар 1983 сылга библиотекарынан үлэлии кэлэн кинигэ сааһылыы сырыттахпына оргууй аҕай орто уҥуохтаах оҕонньор киирэн кэллэ. “Мин Барашков Иван Ивановичпын, учууталбын. Тюркологияны үөрэппитим, элбэх ыстатыйам кинигэлэргэ бэчээттэммитэ, суруйбут кинигэлээхпин. Эдэр эрдэхпинэ краевед-учуонай Окладников Алексей Павловиһы кытта экспедицияҕа сылдьыспытым”,- диэн кылгастык бэйэтин билиһиннэрдэ уонна Ойуунускай кинигэтин ылан бу уопсай хаартыскаҕа түһүспүтүм диэн көрдөрбүтэ. Дьиэбэр кэлэн кэргэммэр Прокопийга кэпсээбиппэр: «Ол мин учууталым, историяны уонна нуучча тылын үөрэтэрэ. Наһаа сымнаҕас, хаһан да «2» туруорбат буолан кини уруогар күннүүр этибит»,-диэбитэ. Ол саҕана эдэрбэр тэптэрэн бу маннык ученай киһини тутан туран сиһилии ону-маны ыйыталаһан хаалбатахпын эбит диэн билигин кэлэн кэмсиммиттэн туох туһа кэлиэй… Оччолорго бу сабыылаах соҕус тема буоллаҕа буолуо. Билигин оҕо-ыччат чинчийэр үлэнэн күүскэ дьарыктанар буолла. Кытаатыҥ, хасыһан үөрэтиҥ, сахабыт тылын туһугар үлэлээбит чулуу дьоммут кырдьыктарын таһаарарга кыттыһыҥ».
В.И. Кривошапкина: “Мин пионербаһаатайынан үлэлиир эрдэхпинэ, 1987 сыл эргин, 6 кылаас этэрээтэ Максим Кирович Аммосов аатын сүгэрэ.Биирдэ И.И.Барашковы ыҥыран этэрээт аһаҕас сбора буолбута. Иван Иванович бэйэтин туһунан улахан тугу да кэпсээбэтэҕэ. Соҕуруу үөрэммит кэмнэрин, онно М.К.Аммосов кэлэн ыччаты уонна студеннары кытта көрсүһэрин ахтыбыта. Москва таһыгар землячество ыытар сирдэригэр ыччат бөҕө мустубуппут. Онно ол Аммосовы кытта көрсүһэр тэрээһини Л.Н.Неустроев салайбыта диэбитин соһуйа истибитим. Сып сырдык косовороткалаах, галифелаах, кып кылабачыгас саппыкылаах кэлбит-барбыт эдэр киһи этэ диэн оҕо эрдэхтэн билэр киһибин Неустроевы адьас атын өттүттэн арыйан соһуппута. Максим Кирович туһунан киһи мээнэ билбэт чахчыларын кэпсээбитэ. Барыга бары көхтөөх оччотооҕу пионердарым Избеков Кеша, Константинова Наташа, уо.д.а., учууталлар элбэҕи билэн сөҕөн-махтайан тарҕаспыппытын өйдүүр буолуохтаахтар”.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» М.Р. Колмогорова: «Сылын аайы саҥаттан саҥа сүүрээн киирэн иһэрэ наһаа үчүгэй. Историческай наука доктора, профессор Ф.Г.Софронов эрэдэктэрдээн 2000 с. Москва куоракка бэчээттэммит «Энциклопедия Якутии» кинигэҕэ Барашков И.И. туһунан матырыйаал киирбитин көрөн Галина Геогиевна Иван Ивановичка өйдөбүнньүк бэлиэтэ оҥоруоҕуҥ диэн оскуола салалтатыгар өй укпута бу олоххо киирдэ. Аны биири ахтан ааһыым. Ааспыт үйэ 70-80нус сылларыгар орто оскуолаларга киэһээҥҥи консульт-пууннары үлэлэтэргэ үөһээ салалта кытаанах ирдэбили туруорара. Үлэһит ыччат барыта орто үөрэхтээх буолуохтаах, кыаллар өттө салгыы үөрэнэн идэни ылыахтаах диэн. Ол иһин оскуолабыт оччолорго төһө да ыарахан усулуобуйаҕа олордор, икки сменанан күнүскү үөрэх барара, үһүс сменанан консультпуун тэриллибитэ. Онно куратордарынан Барашков И.И., Федотова Ф.Я., завуһунан Алексеева Г.Г. ананан үлэлээбиттэрэ. «Нам» совхоз директора Дмитрий Федотович үлэһит ыччата ситэри орто үөрэхтээх буолалларын баҕарара. Үөрэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны олохтуура, өрөбүл, сынньалаҥ биэрэллэрин биригэдьиирдэртэн ирдиирэ, хонтуруоллуура. Бу консульт-пууҥҥа үөрэнэн салгыы үрдүк үөрэхтэммиттэрэ: Васильев Арк. И, Нератова М.С, Олесова Т.И., Оконешникова Н.М., Лиханов Е. П. Орто анал үөрэҕи Рязанскай С.А. бүтэрбитэ. Данилов Ин. Ин «Нам» совхоз бастыҥ рационализатор-механизатор буолбута. Консультпуун онтон да элбэх ыччакка олохторун суолун таба булуналларыгар күүс-көмө буолбута. Иван Ивановичка 9-10 кылаастарга нуучча литературатыгар, историяҕа үөрэммиттэр элбэхтэр, өйдөбүнньүк бэлиэ турбутуттан олохтоохтор бары да үөрэбит».
Ветеран учууталларга барыбытыгар ытыктыыр салайааччыбыт, үлэҕэ өрүү саҥаттан саҥа идеялардаах, уҕараабат эрчимнээх Галина Георгиевнаҕа чэгиэн туругу, үгүс үөрүүнү баҕарабыт, банаардаах сырдыгыҥ өрүү тыга турдун диэн алгыспытын этэбит. Төрөппүттэрин утумнаан уолаттара нэһилиэктэрин, улуустарын туһугар элбэҕи оҥоро сылдьалларыттан олуһун үөрэбит. Федот Дмитриевич «Алгыстаах уутунан» нэһилиэгин эрэ дьонун хааччыйар буолбатах. «Восток Капитал» ХЭТ ген.директорын солбуйааччы Георгий Дмитриевич кыһамньытынан Хомустаахха, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай объектар, дьон олорор таас тутуулара дьэндэһэллэр. Түгэнинэн туһанан аҕыйах хонуктааҕыта Г. Д. Алексеевка «Нам улууһун Ытык киһитэ» бэлиэ туттарыллыбытынан Алексеевтар, Кардашевскайдар аймаҕы бука барыгытын эҕэрдэлиибит.
Оттон үлэлээбит коллективпыт бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ветераннарын араас тэрээһиннэригэр ыҥыран оҕолору кыттары көрсүһүннэрэригэр, маанылыырыгар махталбытын этиэх кэриҥнээхпит. Үөрэппит оҕолорбут оҕолоругар, сиэннэригэр тиийэн кылаас чаастары, уруоктары ыытарбытыттан астынабыт. Тиийдэхпит ахсын оскуолабыт барахсан тупсан киэркэйэн иһэриттэн олус үөрэбит уонна выпускницабыт, СӨ ыччат политикатын туйгуна, РФ үөрэхтээһин уонна иитии бочуоттаах үлэһитэ, улуус мунньаҕын депутата Ульяна Павловна Атласова салайар улахан коллективыгар инникитин да үгүс ситиһиини баҕарабыт. Бары этэҥҥэ буолуохайыҥ!
Ветеран учууталлар ааттарыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна М.К. Баишева