Сайын — эн сайын!

Атырдьых ыйын 9-11 күннэригэр Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ II-с төгүлүн ыытыллар «Сайын» литературнай экспедиция слетугар Нам улууһуттан төрдүө буоламмыт кыттан, көрөн-истэн кэллибит.

Ол курдук, Россия суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ, Бэчээт туйгуна, прозаик, драматург, тылбаасчыт, «Хотугу сулус» литературнай сурунаал эппиэттиир секретара Ираида Гаврильевна Попова, дэгэрэҥ уонна дьиэрэтии хас да ырыа ааптара, «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон, «Талбаана» чабырҕах, «Сарыада», «Намылы» норуот ырыатын бөлөхтөрүн салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун «Туллук хаара» ырыа айааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ, «АЙАРТ» общественнай түмсүү чилиэнэ, А. Ф. Шестаков аатын сүгэр Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин специалиһа Мария Степановна Григорьева-Маайа, Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ Уран Күннэй Саргын кыыһа уонна мин буолан олус кэрэ айылҕалаах, көрсүө-сэмэй дьоннордоох, үөрэххэ-билиигэ дьулуурдаах, саҥа сүүрээннэргэ үрдүк көрдөрүүлээх Өрт сиригэр өркөн өйбүтүн хамсаттыбыт, билиибитин хаҥаттыбыт, уопуппутун үллэһиннибит.

Олорор: СӨ Гражданскай инициатива туйгуна, Горнай улууһун кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ куратора, РФ уонна СӨ Граннарын хас да төгүл кыайыылааҕа Семен Олегович Семенов.
Уҥаттан хаҥас тураллар:
Ырыа күрэҕэр кыттаары турар Маайа Григорьева, «Горнай улууһа» МТ Култуура уонна духуобунас сайдыытын начальнига Вероника Быганова, хаартысканан үйэтитээччи Наталья Петрова.

Ыалдьыттары Александра Павловна Александрова баһылыктаах Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр олохтоохтор олус сылаастык көрсөннөр, атаарыахтарыгар диэри арыаллаатылар.

Үс күн тыырыллыбыт программа чэрчитинэн, Солоҕон нэһилиэгинэн экскурсияҕа сырыттыбыт. Нэһилиэк олус ырааһа, күөх ото-маһа үгүһэ, суола-ииһэ кырылас кумаҕынан тыргыллара сөхтөрдө. «Мы из СССР» диэн Солоҕон общественниктарын көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи Үһүс оскуола кыттааччыларын кытта көрүстүбүт. Саха сирин араас муннуктарыттан кэлбит аҕам саастаах дьоммут бэрт сэргэх сайыны бу олус үчүгэй сиргэ атаара сылдьалларын көрөн астынным. Солоҕон олохтоохторо маннык туһалаах сынньалаҥы тэрийбиттэрин биһирээтим.

Тиийбит күммүтүттэн саҕалаан нэһилиэк ураты эйгэлээҕэ (уникальность) арыллан барда. Ол курдук, 13 олоҥхоһут уутуйан үөскээбит Солоҕон сиригэр 6 музей тигинэччи үлэлии турар: Олоҥхоһут Г. М. Тарасов-Тэкээнэй Уолун түмэл-балаҕаныгар, Солоҕон нэһилиэгин историятын кэпсиир музейыгар, «Мы из СССР» диэн Тимофеевтар, Новиковтар дьиэ кэргэн ретро-музейыгар, Саха народнай поэта Савва Тарасовка анаммыт музейга сылдьан көрдүбүт-иһиттибит. Ону сэргэ, үгүс көрөөччү, истээччи кутун туппут биллэр ырыаһыт, Саха народнай артыыһа Раиса Захарова төрөөбүтэ 70 сылынан, төрөөбүт, улааппыт тэлгэһэтигэр кини дьиэ кэргэнигэр, олоҕор анаммыт музей үөрүүлээх арыллыытыгар кытынныбыт, Раиса Яковлевна мааны хатыҥнарыгар салама баайдыбыт. Ымыылаах ырыаһыкка анаммыт музейы арыйар тэрээһини биһиги делегациябытыттан Маайа Григорьева (Нам), Мария Андреева (Горнай, Маҕарас), Игнатий Слепцов (Уус Алдан, Бэйдиҥэ) ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
Бу курдук хас биирдии олохтоох үгүс үлэни кэнчээритигэр анаан ыыта сылдьарын бэлиэтээтим. Маннык күүстээх, дириҥ силистээх-төрүттээх ыччат ханна да сырыттар ис туруга бөҕөх, тирэхтээх буолар.

Олоҥхоһут Тэкээнэй Уолун дьиэтин дьоно музей оҥорбуттар

Экспедиционнай слет чэрчитинэн, билигин олус туһалааҕы саҕар Граннар тустарынан биһиэхэ эдэркээн эрээри, номнуо дириҥ билиилэрин, араас ньымаларын норуокка тарҕата сылдьар Анисья Спиридонова, Майя Дмитриева, Семен Семенов, Василий Тимофеев кэпсээтилэр, тус уопуттарыттан, ньымаларыттан үллэһиннилэр. Ытыска олордон эрэ истээччилэр үгүс мунаарар ыйытыыларыгар сөптөөх хоруй ылан, бириэмэни да билбэккэ итийэн-кутуйан олордулар.

Салгыы, саҥа тахсыбыт буруолуу сылдьар «Биэс кинигэ» сүрэхтэниитэ баар кыттааччылары да, саҥа кинигэ ааптардарын да үөртэ. Үүнэр көлүөнэбит олус ураты уонна билиҥҥи кэм ыччатыгар олус табыгастаах ньыманы булунан, тэттик айымньыларын ураты дизайыннаан сүрэхтээбиттэринэн киэн тутуннум. Биэс эдэр ааптар ыччат дьон араас интэриэстэрин, чараас уйулҕаны таарыйар айымньылара бу «Биэс кинигэ» хомуурунньукка киирбиттэр.

Быйыл саха биллиилээх суруйааччыта, Саха народнай поэта Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сыла. Үбүлүөйдээх тэрээһин чэрчитинэн араас үлэ ыытылларын баһылык Александра Павловна билиһиннэрдэ. Савва Ивановичка литературнай куруһуокка дьарыктаммыт үөрэнээччилэрэ, Солоҕон олохтоохторо оччотооҕу кэмнэри санаан-ахтан, сырдыы-үөрэ, махтана, киһи эрэ тэҥҥэ дэгэйсэ, долгуйа истиэхтии кэпсээтилэр, суруйбут хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Бу курдук, Солоҕоҥҥо хоһоону айбат, кинигэни аахпат диэн киһи суох.
Аны, хоһоону тутатына айааччылар күрэхтэрэ буолла. Манна ким баҕалаах кытынна. Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри хомуйан, кэлин тахсар кинигэҕэ анаан харайда. Олус туһалаах элбэх информацияны иккис күммүтүгэр толору хомуйдубут.

Салгыы, программабыт айар талааҥҥа ананна. Ол курдук, нэһилиэк ыһыахтыыр пааркатыгар уруһуйга, Савва Тарасов айымньыларыттан хоһоону уус-ураннык ааҕыыга, Раиса Захарова толорбут репертуарыттан ырыаларга күрэхтэр ыытылыннылар, нэһилиэк олохтоохторугар айар куттаах ыалдьыттартан кэнсиэр бэлэх буолла. Ол кэнниттэн Ираида Попова «Психология драмы» диэн маастар-кылааһыгар сырыттыбыт. Тэрээһини театрализованнай инсценировка ааптардарын күрэҕэ түмүктээтэ. Манна Солоҕон олохтоохторун кытта биһиги делегациябыт холбоһон үс араас ааптарскай үлэнэн айымньылары оонньоон көрдөрдүбүт.

Раиса Захарова ырыаларынан күрэх кыайыылаахатара уонна «Солоҕон нэһилиэгэ» МТ баһылыга Александра Александрова, «Сайын» проект салайааччыта Диана Сутакова, ыытааччы Александр Иванов

Бу үс кун устата олус элбэҕи биллибит-көрдүбүт, эбиннибит. Өйбүнэн-санаабынан биир эйгэлээхтэр кэккэлэригэр киирэн, айар-ойуулуур, хоһуйар, дьүһүйэр талааннаах дьон ортотугар сылдьыбыппыттан олус астынным. Салайааччыбытыгар Диана Викторовна Сутаковаҕа уонна Солоҕон библиотекара Анна Ивановна Дормидонтоваҕа делегациябыт уонна Солоҕон нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит — бу умнуллубат үтүө аргыстаах үс күнү олоххо ураты көрүүлээх, норуот үтүө аата симэлийбэтин туһугар кыһаллар, олох-дьаһах тупсарын туһугар үйэлээҕи түстүүр аналлаах доҕоттору бэлэхтээбиккитигэр! Олус астынныбыт! Сүрбүт көтөҕүлүннэ! Салгын куппут ырааһырда, чэпчээтэ! Бу курдук бары этэннэ сылдьыаҕыҥ! Айар аартыкпыт куруутун аһаҕас буоллун! Хас биирдиибит баҕа санаата туоллун!

Наталья Петрова, СӨ Култууратын туйгуна

Солоҕооҥҥо айан

Быйылгы сайыным утары уунан,
Быйаҥнаах айан бэлэх буолан,
Олоҕум оһуорун симээтилэр,
Олоҥхо дойдутун сэгэттилэр.

Тэкээнэй Уолуттан саҕалаан,
Тэлэһийэ сүүрдүбүт Солоҕоонунан,
Бииртэн биир кэрэҕэ тиксэн,
Биллибит-көрдүбүт билсэн.

Баай ис хоһоонноох түмэллэр
Барыбытын сомоҕо түмтүлэр,
Араас хабааннаах күрэхтэр
Айар дьону күөртээтилэр.

Үс күн Өрт уйгулаах биһигэр
Өрө күүрүүлээхтик ааста,
Өрөгөй ырыатын сиригэр
Үөрүү-дьол кустуга алтыста.

«Сайын» сүлүөттэн сайдыаҕыҥ,
Саҥа саҕахтары айыаҕыҥ,
Сарсыҥҥыны анаарыаҕыҥ,
Саха буолан сандаарыаҕыҥ!

Саргын кыыһа Күннэй, 13.08.2024 сыл. Нам с.

Читайте дальше