Сайыҥҥы лааҕырдар үлэлэригэр бэлэмнэнии саҕаланна

Олунньу 9 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан Нам кииннэммит библиотекатын конференц-саалатыгар оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна үлэлэрин тэрийэр улууспут үөрэхтэрин тэрилтэлэриттэн сайыҥҥы лааҕырдар салайааччылара, дириэктэрдэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылара муһуннулар.

Тэрээһин бастакы чааһыгар ведомстволар икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕа буолла.   Хамыыһыйа салайааччыта Ю.В. Дьяконов 2023 сыл түмүгүнэн оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын, үлэтин тэрийиигэ көхтөөхтүк  үлэлэспит нэһилиэк баһылыктарыгар,  хамыыһыйа чилиэттэригэр  улуус Баһылыгын Бочуотунай грамоталарын,  онтон дьиэ кэргэн биригээдэлэригэр оҕолору көҕүлээн үлэлэппит дьоҥҥо уонна улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын иһинэн үлэлэппит дворовай былаһааккалар үлэһиттэригэр улуус Баһылыгын Махтал суруктарын туттарда.     

Түмүктээх үлэлээх сайыҥҥы лааҕырдар салайааччыларыгар начальник солбуйааччыта С.С. Поротова үөрэх управлениетын Махтал суруктарын туттарда. Олор истэригэр З.А. Тихонова аатынан «Түөлбэ» оҕо киинигэр «Сайдыс» күнүскү лааҕыр салайааччыта А.С. Павлова бэлиэтэннэ.

Салгыы 2024 сыл сайыныгар аһыллан үлэлиэхтээх лааҕырдарга туох  ирдэбиллэр баалларын билиһиннэрдилэр:  Игнатьева Марфа Васильевна, СӨ Роспотребнадзорун Нам оройуонунааҕы салаатын кылаабынай бырааһа,  Канаева Евдокия Васильевна, СӨ Нам оройуонунааҕы гигиена уонна  и эпидемиология киинин кылаабынай бырааһын э.т., Ядреев Ян Николаевич, Нам оройуонун ОГПН дознавателэ, Игнатьева Жанна Филипповна, Нам улууһун киин балыыһатын педиатра.

Дьэ, ол кэннэ араас хайысхалаах, көрдүүр-чинчийэр, спортивнай-чэбдигирдэр, үлэ, экологическай, политологическай, литературнай, кыраайы үөрэтэр, техническэй-информационнай технологиялары үөрэтэр  хайысхалаах лааҕырдар программаларын Үөрэх управлениетын үлэһиттэриттэн  экспертэргэ билиһиннэрдилэр, көмүскээтилэр. Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан, улууспутугар Оҕо спордун сылынан сайыҥҥы лааҕырдар тэрээһиннэригэр сөптөөх өйөбүл баар буолуо диэн эрэнэбит.

 

А.С. Павлова, эбии үөрэхтээһин педагога