Сайыҥҥы кэмҥэ уу туттуллара элбиир. Ол курдук, дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга туһатын этэ да барбаккын. Хаһаайыстыба араас үлэтигэр дэлэйдик туттуу туһалыыр эрэ. Ол туһунан хамаҕатталар санааларын астына үллэстэллэр:
— Быйыл уубут график быһыытынан үчүгэйдик кэлэр буолан нэһилиэк дьоно наһаа сынньанныбыт. Бу үлүгэр итии, куйаас күннэргэ абыранныбыт. Онон дьон туһугар кыһаллан үлэлээн, үлэ хаачыстыбатын тупсарбыттарын иһин нэһилиэкпит баһылыгар Евгений Ушницкайга уонна МАУ салайааччытыгар Валентин Абрамовка ис сүрэхтэн махталбытын тиэрдэбит.
— Оҕо-уруу уунан оонньууругар, этин-сиинин тиэргэн иһигэр чэбдигирдэригэр уунан хааччыллыыбыт олус табыгастаах.
Ити курдук, Хамаҕаттаҕа 495 олбуорга үүнээйи силигилиир, оҕо аймах үөрбүт-көппүт саҥата аймаланар.
Мария Винокурова