339 нүөмэрдээх Салбаҥнааҕы быыбардыыр учаастакка, нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтигэр, дойду Президенин талар быыбара буола турар. Нэһилиэккэ 191 быыбардааччы, ол иһигэр бу суолталаах быыбарга сокуоннай саастарын туолбут 2 эдэр быыбардааччы баар.
Үгэс курдук, саамай эрдэһит уонна саҥа быыбардыыр эдэр быыбардааччыларга өйдөбүнньүк бэлиэ туттардылар. Кыайан кэлбэт кырдьаҕастарга дьиэнэн сылдьан быыбардатыы тэриллиэҕэ. Олохтоох дьаһалта массыыната быыбардыыр устудьуон оҕолору босхо таһыаҕа.
Бу курдук, Салбаҥ олохтоохторо дойду политическай-общественнай олоҕор кыттыһаллар, дьиэ кэргэнинэн кэлэн, хаартыскаҕа түһэн историяҕа хаалаллар.
Татьяна Касьянова