Салбаҥҥа — Хомус күнэ

Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгэр Хомус күнэ ыытылынна. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи хомус күрэһин кыайыылааҕа, импровизатор-хомусчут Алгыс Павлов маастар кылаас ыытта.

Алгыс Иванович сахалыы тыыннаах, холку-намыын майгылаах, Партизантан сылдьар бэлиэтэ — хомуһа, онтун илдьэ сылдьар үгэстээх. Хомуһун имэрийэн кэбиһэ-кэбиһэ сүрдээх наҕыллык кэпсээтэ:

Хомус эйгэтэ — сырдык, кэрэ. Үөрэр да, хомойор да кэмҥэ оннугун булларар, киһи туругун тэҥнээн биэрэр. Хомуһунан кэпсэтиэххэ сөп, былыр алаастан алааска хомуһунан кэпсэтэллэрэ диэн үһүйээннэр бааллар. Айылҕаҕа тахсан хомустаатахха — киһи дууһалыын үөрэр. Ордук, от-мас тиллэр, кэҕэ этэр, чыычаах ыллыыр кэмигэр. Хомуска улахан ситиһиим диэн — тылынан тардыыга авторскай үлэбин, илиитэ суох, инбэлиит дьон хомустуур баҕаларыгар олоҕураммын таҥнары тутан тардар ньыманы, көмүскээбитим.

Көтөр, кыыл саҥатын үтүктэн көрдөрдө — кэҕэ этэрин, кыталык саҥатын, ат кистиирин. Уонна, дьэ, кып-кыра хомуһун таарыйбытыгар — дьүрүскэн тыас долгуна саба халыйбат дуо? Хайдах курдук киһи санаатын үрдэттэр үрдэтэрий, кэҥэттэр кэҥэтэрий…

Татьяна Касьянова