Саҥа амбулаторияҕа терапевт-быраас үлэтин саҕалаата

Нам улууһун 2 Хомустаах нэһилиэгин мыраан үрдүгэр баар Сэргэлээҕэр кэнники сылларга бииртэн-биир саҥа тутуулар дьэндэһэллэр. Ол курдук, быйыл саас саҥа амбулатория дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ.

-Бу нэһилиэккэ врачебнай амбулатория тутуута турбута ыраатта, ордук ууга барар нэһилиэк кыһалҕатын быһааран, көһөрүү боппуруоһа көтөҕүллүөҕүттэн. Манна Ил Дархаммыт уонна өрөспүүбүлүкэбит Правительствота биһигини өйөөннөр, былырыын модульнай врачебнай амбулатория тутуутугар «Основа» ХЭТ кытта дуогабардаспыппыт. Ол эрээри бэдэрээччит матырыйаалларын атыылаһыытыыгар кэккэ уустуктар көстөннөр уонна өрүс уҥуор сытар, суола-ииһэ хаайтарыылаах нэһилиэк буолан, эбийиэк тутуута хойутаан сиппитэ. Муус устар ыйга үлэҕэ киирэрин туппуппут. Бу тутуу «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн «2021-2025 сс. доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын»  региональнай программа иһинэн ыытылынна.

Амбулатория медицинскэй тэриллэринэн, кытаанах, сымнаҕас миэбэллэринэн толору хааччыллыбыта, киин ититэр ситимҥэ холбонуллубута, толору хааччыллыылаах. Манна терапевт-быраас, фельдшер кабинеттара, процедурнай, медперсонал хосторо, аптечнай пуун, терапевтическай хайысхалаах үс куойкалаах күнүскү стационар баар. Муус устар саҥатыттан дьону көрөллөр. Бу күннэргэ лицензиябытын ыллыбыт уонна саҥа терапевт-быраас Алексеев Михаил Семенович үлэтигэр тахсан, дьону көрөн-истэн эрэр. Медперсонал үлэһиттэрэ уоппускаҕа барыталаатылар, инньэ гынан бары таҕыстахтарына стационар үлэлиэҕэ. Эбийиэкпит үөрүүлээх аһыллыытыгар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өттүттэн ыйыы-кэрдии күүтэбит, – диир Нам улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев.

2 Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо доруобуйаларын көрдөрүнэллэригэр бары усулуобуйа баар буолбут. Саҥа амбулаторияны тутан үлэҕэ киллэрии — судаарыстыба өттүттэн болҕомто уурулларын туоһута уонна сайдыы көстүүтэ. Сотору үөрүүлээх быһыыга-майгыга лиэнтэни быһа кырыйар күннэрэ үүнүө турдаҕа.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше