Убаастабыллаах Нам улууһун бары олохтоохторун улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саҥа дьылынан уонна кэлэн иһэр Ороһуоспанан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
2024 сылга Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, улууспутугар Оҕо спордун сыллара биллэриллэннэр, биһиги улууспут бу сылы араас хайысхаларынан кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктээбитэ сүргэни көтөҕөр, инникигэ эрэли саҕар.
Дьиэ кэргэттэрбитигэр ытыктабыл бэлиэтэ буолар улахан суолталаах саҕалааһыннар, Оҕо спордун сайыннарыыга тэрээһиннэр ыытыллан, инникитин бу хайысхаларга дьоһун олуктар уурулуннулар. Сайдыы төрдө буолар суоллар, олорор дьиэлэр, социальнай суолталаах саҥа объектар бииртэн биир үлэҕэ киирэллэр, олорорго, үлэлииргэ, сынньанарга уонна сайдарга тупсаҕай эйгэни тэрийэр хамсааһыннарга, бырайыактарга, граннарга дьон-сэргэ көхтөөх кыттыыта, ону олоххо киллэрии улам тэтимирэн иһэрэ үөрдэр.
Улууспутугар бу курдук үтүө уларыйыылар киирэ туралларын туһугар күүстээх түмсүүгүт, үтүө баҕаҕыт уонна дьулуургут иһин барыгытыгар барҕа махтал буоллун!
Кэлэр 2025 сыл Дойдубут үрдүнэн Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла биллэрилиннэ. Онуоха биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут, сэрииттэн эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбыт буойуттарбыт, сэрии ыарахан сылларын эттэринэн-хааннарынан билбит тыыл бэтэрээннэрин, сэрии оҕолорун ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэни, саҥа сонун бырайыактары үүнэр сылга күүскэ олоххо киллэриэхпит диэн эрэнэбин.
Саҥа 2025 сылга бары күүтэр иллээх-эйэлээх олохпут эргийдин, хорсун-хоодуот уолаттарбыт этэҥҥэ кыайыы-хотуу аргыстаах кэллиннэр, дьоллоох олох туругурдун, хас биирдии дьиэҕэ таптал уонна өйдөһүү, элбэх үөрүүлээх түгэн, ситиһии баар буоллун, бары сырдык санааларгыт туоллунар! Эһиэхэ чэгиэн, чөл, туйгун туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна ситиһиини баҕарабын!
Юрий СЛЕПЦОВ, “Нам улууһа” МТ баһылыга