Саҥа сылга — саҥа ааттар ааттаныахтара

Тохсунньу 13 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан Культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар, Нам улууһугар VI төгүлүн ыытыллар «Саҥа сылга — саҥа ааттар» бырайыакка кыттааччылар бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ирина Неустроева бырайыагар 2024 сылга 17 ырыа куттаах саҥа саҕалааччы кыттыыны ылыаҕа.

Кыттааччылар күнүн аайы долгуйан туран бэлэмнэнэллэр. Бүгүн биһиги кинилэри кытары баран көрүстүбүт, бырайыак ааптарын кытары кэпсэттибит.

Ирина Неустроева, Намнааҕы П.П. Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин хормейстера:

— Эрдэ А. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр хормейстердыыр буолан, алта сыл анараа өттүгэр «Саҥа сылга — саҥа ааттар» бырайыак толкуйдаабытым. Онно-манна сырыттахха, саха кэнэн уонна кыбыстанньаҥ, ыллыан баҕалаахтар элбэхтэрин көрөр этим. Бырааһынньыктарга ыллыахпын баҕарабын даҕаны наһаа кыбыстабын диэччилэр. Ону туоратар сыалтан мин бу бырайыагы толкуйдаан, сыанаҕа саҥа тахсар дьону кытары үлэлэһэбин. Алта сыл устата бырайыакпар уопсайа 100-тэн тахса киһи кытынна.

«Саҥа сылга — саҥа ааттар» бырайыакка дьон бэйэлэрин арыйаллар. Ол курдук ырыаһыт үөрэхтээх буоларым быһыытынан маннык толкуйдуубун: ыллыыр киһи улахаҥҥа хотторбот, наар үрдүккэ, сырдыкка, кэрэҕэ талаһар, өссө киһи ырыанан  ыарыыны кыайар. Ол иһин дьону-сэргэни ыллатан ис куттарын ыраастыыр сыаллаах-соруктаах ыытабын.

Бырайыакпар кыттыбыт дьоммун араас тэрээһиннэргэ ыҥыран кытыннарабыт, үлэбитигэр олус көмөлөөх буолар. Манна кыттыбыт ырыаһыттарым холбоһоннор «Ил Куо» диэн ансаамбыл баар буолла. Бырайыакка быраастар, предпринимателлэр, учууталлар, биэнсийэлээхтэр уо.д.а. сааһыттан тутулуга суох кытталлар. Ааспыт сылга 24 киһи кыттыбыта. Көр-күлүү жанрыгар олус чугастара. Ол иһин билигин бары тутуспутунан көр-күлүү бөлөҕө тэриммиттэрэ. Быйыл 17 киһи кыттарын биллэрэн бэлэмнэнэ сылдьабыт.

Бырайыак куонкурус быһыытынан ыытыллар икки бөлөххө арааран ол эбэтэр 50 саастарыгар диэри уонна онтон аҕа саастаахтар диэн арахсан икки Гран-при олохтонуоҕа, итиэннэ көрөөччү биһирэбилэ ананыаҕа. Дьүүллүүр сүбэ үс киһиттэн састааптаах буолуоҕа.

Хас сыл аайы ырыаны таптыыр, сэҥээрэр көрөөччү ахсаана эбиллэн иһэр. Аан бастаан 70-ча эрэ көрөөччүлээх эбит буоллахпытына, ааспыт сылга дыбарыас саалата толору көрөөччүнэн туолбута. Быйыл да билиэт хамаҕатык атыылана турар. Көрөөччүлэргэ анаан «Хара дьааһык» аукцион оонньонуоҕа.

Федот Алексеев, предприниматель, кыттааччы, 1 Хомустаах:

— Бэйэм кыратык хомустуубун, биирдэ эмитэ оһуокай тылын таһаарабын. Нэһилиэкпэр буолар тэрээһиннэргэ кыттааччыбын. Чугас дьоммуттан ийэм Галина Георгиевна ыллыыр. Ырыа диэн олус боростуой, ким баҕарар ыллыыр дии саныыр этим.

Бу бырайыакка кытта кэлэн баран оннук буолбатаҕын биллим, итэҕэйдим. Киһи олох атыннык туттар-хаптар, олох атын эйгэ эбит диэн санааҕа кэлэн турабын. Тыыныы да өттүгэр элбэх эрчиллии ирдэнэр эбит. Хомуска оонньуур уонна ырыаны толоруу тус туһунан эбит. Бырайыакка бэлэмнэнэ сылдьан элбэҕи биллим, ааптарга Ирина Неустроеваҕа махталбын тиэрдэбин. Кыттааччылар бары олус доҕордоһоллор эбит. Ол курдук ааспыт сыл кыттааччылара кэлэннэр күүс-көмө буолаллар. Бу бырайыак өрүүтүн салҕанан бара турдун. Мин хаһан даҕаны сыанаҕа соҕотоҕун ыллаабатаҕым, бу бастакы холонуум буолар. Инникитин өссө биир ырыаны үөрэтэр баҕа санааланным.

Ити курдук үгүс кыттааччылар ырыа кэрэ алыбар уһуйуллан дьон-сэргэ иннигэр тахсан, кэрэни кэрэхсэтэр санаалаахтарын эттилэр.

Семен Аргунов