Сардаана Свинобоева: Аҕам курдук стоматолог-быраас буолуохпун баҕарарым

Россияҕа урбаанньыттар күннэрэ чэрчитинэн ыам ыйын 20-26 күннэригэр Нам улууһугар урбаанньыт нэдиэлэтэ биллэриллибитэ. Дьоҥҥо туһалааҕы оҥорорго арыйбыт бэйэ дьыалата тахсарыгар күннэри-түүннэри сүүрдэххэ-көттөххө үлэҥ хорутуулаах буолар.

Өҥө оҥорооччулар хаачыстыбаҕа кыһаллар буоланнар, үгүс дьон төлөбүрдээх өҥөлөргө барар буолла. Нам улууһун урбаанньыттара кэнники бириэмэҕэ араас өҥөҕө, саҥаттан саҥаны арыйарга ылсаллар.

Биир оннук өҥөнөн буолар – нэһилиэнньэҕэ тиис оҥоруу. Бу олус туһалаах уонна ирдэнэр өҥө. Хас биирдии улуус стоматолог бырааска наадыйар. Уопсайынан, Саха сирин үрдүнэн стоматолог ахсаана кэмчи. Онуоха, Намҥа Сардаана Свинобоева “Үрдэл” атыы-эргиэн дьиэтигэр стоматолог хоһун арыйан үлэлэтэр.

— Сардаана Васильевна, бэйэ дьыалатын туһунан, идэҥ туһунан кэпсээн билиһиннэр эрэ.

— Аҕам Василий Сыромятников урбаанньыт, өр сылларга үлэлээбит стоматолог-быраас. Оҕо эрдэхпиттэн кини үлэтин көрө, көмөлөһө улааппыт буоламмын, инники идэбин таларбар сүрүн төрүөтүнэн буолбута. Улахан эдьиийим Игнатьева Туйаара Васильевна аҕабыт туйаҕын хатаран эмиэ стоматолог-быраас. Ол курдук, оскуолаҕа үөрэнэр кэммиттэн аҕам Василий Михайлович курдук туспа кабинеттаах стоматолог-быраас буолуохпун баҕарар этим. Ол баҕа санаабын толорон 2023 сыллаахха Нам сэлиэнньэтигэр тиис оҥорор кабинет арынным.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн көҥүл ылан, дьыалабыай киин үһүс мэндиэмэнигэр икки хоһунан астым. Манна оҕолор да, улахан да дьон тиистэрин эмтэтэллэригэр, рентген аппараатынан чинчийиини ааһалларыгар усулуобуйаны толору тэрийбиппиттэн олус диэн сүргэм көтөҕүллэр, астынабын.

Аан маҥнай бэйэ дьыалатын арынарбар уонна саҕалыырбар “Мой бизнес” киин сэбиэдиссэйэ Тарабукина Марфа Семеновна урбаанньыт буоларга туох ирдэбиллэр баалларын, туох документация оҥоһулларын сиһилии быһааран, сүбэ-ама биэрбитигэр улахан махталлаахпын.

Кабинеппын улуус киинигэр, дьон сылдьарыгар табыгастаах буоллун диэн “Үрдэл” атыы-эргиэн дьиэтигэр хос арендалаабытым. Кабинеппын өрөмүөннээн, оборудованиябын атыылаһан аҕалан туруортаан, медицинскэй лицензирование ааһыахпар диэри бириэмэҕэ, саҥа саҕалыыр урбаанньыты өйөөн көмө буолбут “Үрдэл” атыы-эргиэн дьиэтин дириэктэригэр Кутукова Евдокия Васильевнаҕа биһиги дьиэ кэргэн улаханнык махтанабыт.

— Хаһааҥҥыттан үлэлээн саҕалаабыккытый, тиис оҥотторооччу төһө элбэҕий?

— Үлэбин 2023 сыл сайыҥыттан саҕалаабытым. Тиис эмтэтиэн баҕалаах элбэх, күҥҥэ быһа холоон, 7-8 киһи тииһин оҥоробун.

Тиис өҥөтүгэр сурутааччылар тута сарсыҥҥы күҥҥэ кэлэн оҥотторуохтарын баҕараллар. Ол эрээри, эрдэттэн сурутуу икки нэдиэлэ инниттэн буолар. Билигин администратор үлэһиттээхпин, сурутуу кини нөҥүө ааһар.

— Өҥө сыаната хайдаҕый?

— Биллэн турар, оҥорор сыанабыт куорат сыанатыттан удамыр, ол үрдүнэн нэһилиэнньэ сыананы ыарырҕатар. Стоматологияҕа туттар хаачыстыбалаах материал ороскуота, эмп-томп сыаната ыарахан уонна күнтэн-күн үрдүү турар, туттар материалбыт көрүҥэ да элбэх.

— Үлэҕэр эйиигин туох өрө көтөҕөрүй?

Кыаллыа суох курдугу кыайан онорон, санардан таhаарар киhини олус ере кете5ер, астыннарар. Иккиьинэн, пациеннар махтаналлара, өссө да кэлиэхпит диэн этэллэрэ киһини үөрдэр.

— Бастатан туран, үлэм түмүгэ көстөн иһэриттэн үөрэбин. Холобура, олох алдьанан ылыллыан да сөптөөх, кыаллыа суох курдук тииһи хас да күн эмтээн чөлүгэр түһэрэн, кыайан оҥорон, саҥардан таһаарарбыттан. Иккиһинэн, пациеннар махтаналлара, өссө да кэлиэхпит диэн этэллэрэ киһини үөрдэр.

— Инники былааннарын?

— Кэҥиир-тэнийэр туһунан баҕа санаа баһаам. Улууска тиис протеһыгар, коронкаҕа наадыйааччы наһаа элбэх. Ону ситиһэн, улаатыннарбыт киһи наһаа үчүгэй буолуо этэ.

Киһи тииһин эмтиир олус эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх. Маны тупсарарга, ситиһэргэ, үрдэтэргэ куруук үөрэхтэри ааһабын уонна өссө да үгүскэ үөрэнэрим ирдэнэр.

Харысхан Попов

Читайте дальше