Сэбиэскэй кэм тыынынан илгийэр быыстапка

2 Хомустаахха дойдубутугар Дьиэ кэргэн, нэhилиэкпитигэр Тыа ыалын сылларыгар анаан, ыам ыйын 22 күнүгэр — «Сайылык күнүгэр» сөп түбэһиннэрэн нэһилиэкпит музейыгар сонун, бэртээхэй быыстапка тэрилиннэ. Манна хас биирдии ыалтан, дьиэ кэргэнтэн урукку сэбиэскэй кэмҥэ туттуллубут мал-сал, дьоммут кэппит таҥастара,  альбомнара, хаартыскалара, дьиэ ис бараанын киэргэтэр тэриллэрэ хомуллан көрдөрүүгэ туруорулунна. Сылдьыбыт дьон ааспыт кэм тыынынан илгийэр кэрэ көстүүнү кэрэхсии, сэҥээрэ көрдүбүт.

Музейбытыгар төрөөбүт түөлбэбит историятын кэпсиир үгүс элбэх экспонаттар, ахтыылар, араас кэмҥэ олорон, үлэлээн ааспыт ытык дьоммут туһунан стендэлэр бааллар. Үөрэммит оскуолабыт историятын, олоҕун кэпсиир матырыйааллар, оҕо саас кэрэ кэмин санатар үөрэх экспонаттара, анал пионерскай муннук тэриллэрэ, араас сылларга оскуоланы бүтэрбит көлүөнэлэр кылааһынан оҥорбут, оҥорон туттарар альбомнара музейга күндү бэлэх буолан историяны хаҥатар. Ону таһынан олоххо буолан ааспыт чахчылары туоһулуур суолталаах докумуоннар элбэхтэр.

Музейга кэмиттэн кэмигэр темаларынан наардаан, онно сөптөөх матырыйааллары хомуйан, улахан тэрээһиннэргэ стендэ оҥорон көрдөрүүгэ таһаараллар. Оскуола үөрэнээччилэригэр уочаратынан кылаас чаастарын тэрийэн баай матырыйаалы туһанан көрдөрөллөр, кэпсииллэр. Кэлбит ыалдьыттар бу музейга сылдьан элбэҕи билэн, сэҥээрэн тахсаллар.

Музейга үтүө суобастаахтык ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлиир бэтэрээннэр сүбэлэрин салайааччытыгар Надежда Сивцеваҕа, кинини кытта барытыгар бииргэ алтыһар Анна Габышеваҕа нэһилиэк дьоно махталлара улахан.

Лидия Пестрякова, 2 Хомустаах.

 

 

Читайте дальше