Нам улууһуттан бэйэ дьарыктаах Никифор Заровняев «Сэргэх» диэн пельмень оҥоһуутун саҕалаата. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мой бизнес» киин иһитиннэрдэ.
Бэйэ дьыалатын тэриниэн иннинэ Никифор Заровняев кууһунан атыылыыр маҕаһыыҥҥа продавец-кыладыапсыгынан үлэлээбит. Кини уруккуттан бэйэ дьыалатын арынан үлэлиэн баҕарара. Ол иһин харчы мунньунан саҕалаабыт. Икки сыл буолан баран наадалаах суумата мунньуллан ыра санаатын толорбут.
Кэргэнинээн бэйэ дьыалатын арынар туһунан быһаарынан баран харчы мунньунан саҕалаабыттар. Икки сыл устата 700 тыһ. солк. кэриҥэ мунньуллубут. Эрдэттэн уопуттаах буолан уонна дьону минньигэс, хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйар санааттан пельмень оҥоруутун талбыттар. Кэргэнинээн үлэлэрин кэнниттэн киэһэтин пельмень оҥороллоро. Онтон сарсыардатын олохтоох маҕаһыыннарыгар туттараллара.
Мунньубут харчыларынан пельмень оҥорор аппарат, тиэстэ мэһийэр атыыласпыттар уонна кыра өрөмүөн оҥостубуттар. Бастаан бородууксуйаларын батаралларыгар ыарахаттары көрсүбүттэр эрээри, кэлин дьон истиһэн кинилэр пельменнэрин атыылаһар буолбуттар. Олохтоохтор бородууксуйаны үрдүктүк сыаналаабыттарыттан сыыйа-баайа атыыларын-кутууларын кэҥэппиттэр. Онон билигин кинилэр пельменнэрин Нам улууһун 12 маҕаһыыныттан атыылаһыахха сөп уонна сакааһынан Дьокуускайга ыыталлар.
Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыт аан бастаан үбүн-харчытын сөпкө тыырары сатыахтаах, үлэтин-хамнаһын сатабыллаахтык сааһылыыр буолуохтаах диэн Никифор санаатын үллэстэр. Билигин кини бородууксуйатын элбэтэр, атыытын кэҥэтэр сыаллаах.
Пельмеммитин оҥорорбутугар сибиэһэй бородууксуйаны туттабыт. Атыылаһааччылар ону олус астыналлар, үрдүк хаачыстыбалаах, минньигэс диэн хайгыыллар. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинэ 150 тыһ. солк. суумалаах субсидия анаабытыгар махтанабын. Маны тэҥэ «Мой бизнес» киин олус улаханнык көмөлөспүтэ. Кинилэр биһиги бородууксуйабытыгар этикеткатын оҥорон биэрбиттэрэ.
Сотору кэминэн Никифор оҥорон таһаарыытын кэҥэтэн үчүгэй хамаанда мунньан үлэтэ өссө таһаарыылаах буоларыгар эрэнэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Мой бизнес» кииннэр дойду президенэ Владимир Путин олоххо киллэрбит «Малое и среднее предпринимательство» национальнай бырайыагы олоххо киллэрэн, бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаах дьоҥҥо босхо киэҥ өҥөнү оҥороллор.
Лена Ноговицына