Ыам ыйын 7 күнэ — Радио уонна сибээс үлэһиттэрин күнэ
Аныгы сайдыылаах үйэҕэ сибээс эйгэтэ дьон-сэргэ олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар биир тутаах миэстэни ылар. Аныгы гаджеттарбытын кыратык умнан, 1980-90-с сыллардааҕы төлөпүөннэрбит диэки кэннибитин хайыһан көрүөххэйиҥ. Сэбиэскэй сойуус саҕана төлөпүөн ураты миэстэни ылара, дэриэбинэҕэ тэрилтэлэргэ уонна чыыннаах-хааннаах эрэ дьоҥҥо баара. Улахан ыксаллаах эрэ дьыалаҕа чугас ыалларбытыттан эрийэн кэпсэтэр буоларбыт. Аны, атын куораты кытта кэпсэтэргэ эрдэ анаан сакаастаан, почтаҕа тиийэн кэпсэтэрбит, онтубут да ыһыылаах–хаһыылаах, ардыгар быстан баран кэлбэт да буолааччы.
Дьэ, бүгүн сибээс эйгэтигэр өр сылларга сатабыллаахтык, суобастаахтык үлэлээбит Хомустаах Бастакы нэһилиэгин олохтооҕо Иннокентий Иванову ааҕааччыларбар билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Иннокентий Иванов 1952 с. элбэх оҕолоох ыалга төрөөн, 8 кылааһы Партизаҥҥа, салгыы 9-10 кылааһы Хамаҕатта нэһилиэгэр үөрэнэн бүтэрэр уонна Партизаҥҥа субай сүөһүнү төлөһөтүүгэ үлэлиир. Үөрэххэ киирэр баҕата баһыйан, Нам селотугар лесхозка үлэҕэ киирэр уонна киэһэтин бэлэмнэнии салаатыгар үөрэнэр, онтон армияҕа ыҥырыллар. Армияҕа 1971-1973 сс. сибээс чааһыгар сулууспалаан, бу идэни ис-иһиттэн сөбүлүүр, ону туоһулуур анал ааттардаах: “Отличник Советской Армии”, “Специалист 5-го класса”, байыаннай-спортивнай комплекска 1 разрядтаах спортсмен. Ити курдук ситиһиилэрдээх саас дойдутугар төннөн кэлэр.
Армия кэнниттэн үлэлии түһэн баран, Дьокуускайга сибээс техникумугар “Техник АТС проводной связи” диэн отделениеҕа киирэн үөрэнэн бүтэрэр. Ситиһиилээхтик үөрэммитин уонна билиитин-көрүүтүн иһин сибээс управлениетыгар производственнай лабораторияҕа электромеханигынан аныыллар. Иннокентийы Саха сирин улуустарынан командировкаҕа ыытан, 500-чэкэ точкалаах АТС-тары таҥыыга уонна алдьаныыларын, кээһиллиилэрин оҥорор специалист быһыытынан үлэлэтэллэр. Дьокуускайга үлэлии түһэн баран дойдутугар Намҥа кэлэн олохсуйар. Иннокентий Ивановка үс оройуон – Нам, Горнай, Кэбээйи АТС– тарын көрөр дуоһунас биэрэн, командировканан сылдьан үлэлиир. Ити кэмҥэ Нам оройуонун нэһилиэктэригэр саҥа АТС-тары таҥыы саҕаланар.
Нэһилиэк дьоно Иннокентий сибээскэ сыһыаннааҕын билэн, былыргы ламповай телевизордары, радиоприемнктары оҥоттороллор, антенна туруортараллар. Маны таһынан, Иннокентий Иванов нэһилиэк общественнай үлэтиттэн туора турбат, үксүн быыбарга, бастаан чилиэнинэн онтон председателинэн талыллан, 20-чэ сыл таһаарыылаахтык үлэлэлээн, Нам улууһун уонна СӨ ЦИК председателлэриттэн махтал суруктардаах.
Эдэр сылдьан үлэ үөһүгэр киһи бириэмэни билбэккэ, аахайбакка аһардар, барыта киинэ курдук элэҥниир. Иннокентий Иванов билигин 73 саастаах, кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннээх. Хороҕор муостааҕы иитэр, хара тыатыгар бултуур.
Бииргэ үлэлээбит коллегаларын бэрт истиҥник саныыр-ахтар. Оччолорго начальнигынан Василий Васильевич Монтоев, начальнигы солбуйааччы Платон Яковлевич Сивцев, Григорий Григорьевич Фролов, Александр Петрович Бучугасов, Ольга Константиновна Неверова, Николай Федотович Федоров, Прокопий Авксентьевич Муксунов, Спиридон Макитович Васильев уо.д.а үлэлээбиттэр. Түгэнинэн туһанан, сибээс бэтэрээннэрин уонна билигин да үлэлии сылдьар коллегалырын истиҥник эҕэрдэлиир.
Лена Корякина