Симиир да араастаах (Новелла)

Саҥа дьыл саамай кэрэ, күүтүүлээх тус бэлиэтэ — харыйа. Харыйа барахсан, оҥоһуу да, үүнээйи да буоллун, дьиэҕэ киэргэтиллэн, симэнэн турдар эрэ, ол кэмтэн хайдах эрэ Саҥа дьыл тыына илгийэн киирэн барар. Дьикти баҕайы…

Тоҕо эрэ кинини эгэлгэ уоттарынан уматан күлүмүрдэтэ иликпинэ, дууһабар кураанах, күннээҕи түбүккэ баһыйтара сылдьабын. Онтон дьиэм киэҥ-куоҥ хоһугар харыйаны лаглаччы олордон кэбистэхпинэ, наһаа улахан туох эрэ үлэни оҥорбут курдук сананан, оҕолуу ис-испиттэн үөрэн, дуоһуйууну ылабын. Атын дьоҥҥо хайдах эбитэ буолла? Итинник иэйии киһи аайы үөскүүрэ буолуо дуо?

Сыл аайы харыйаны туруоруум араас-араас. Сорох сыл тоҕо эрэ уһаан-тэнийэн, тардыллан уонна тиһэҕэр киһи үөрэ көрөр наһаа-наһаа кыраһыабай буолбатах харыйата буолан хаалааччы. Тоҕо итинник саныыбыный? Ким билэр…

Ааспыт сылга харыйабытын дьиэбитигэр бары көмөлөөн хас да күн туруорбуппут. Үлэҕэ үтүрүттэрии да баара, онтон киэргэлэ-симэҕэ эргэрбит дэспиппит, ол быыһыгар күлүмүрдүүр уоппут лаампалара да умайбат буолбуттар этэ.

Баҕар, ол да иһин буолуо, ааспыт сыл элбэх да элбэх быһаарыыны эрэйэр боппуруостардаах, эриирдээх-мускуурдаах, түһүүлээх-тахсыылаах буолан ааста. Баҕар, санаабар буолуо…

Онтон быйыл харыйабытын биир киэһэнэн симээн, киэргэтэн туруоран бүтэрэн кэбистибит. Эбиитин өссө наһаа-наһаа кыраһыабай буолла, бу лаглайбытын, чаҕылыйбытын көрүөҥ этэ! Арааһа, үүммүт сыл дьыл үтүөнү эрэ тосхойууһук…

Оннук эрэ буоллун. Баҕар, бу санаам саҥа дьыл салаллыытыгар туох эрэ сибээстээҕэ буолуо, харыйам барахсан тупсан-туругуран турарын курдук, олох-дьаһах табыллыа, дьол-саргы сандаарыа. Оннук эрэ буоллун…

Мария ИГНАТЬЕВА, «Эҥсиэли» хаһыат, 2007 сыл

Хаартыскаҕа: общественнай корреспондеммыт Маргарита Охлопкова Забайкальеҕа олорор дьүөгэтэ сыл аайы тыыннах харыйаны киэргэтэрин сөбүлүүр эбит