Сомоҕолоһуу күнүгэр сахалыы ииһинэн дьарыктанар “Кэрэ умсулҕана” түмсүү Хамаҕатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр кыбытыктаах иискэ маастар-кылаас тэрийдэ.
Төрүт дьарыкка үөрэнэ кэлбиттэр сарсыарда 10 чаастан киэһэ 5 чааска диэри олорон, иис кистэлэҥнэригэр үөрэнэн, 40х80см кээмэйдээх сукунаттан паннону бөлөҕүнэн үлэлээн бүтэрбиттэр. Барыта 108 үс муннуктаах кыра лоскуйдартан кыбытыктаан илиилэринэн аттарбыт, икки хос “күрүөлээбит” быыччык үлэлэрин «Өбүгэ ситимэ» диэн ааттаабыттар. Иистэнньэҥнэр саҥа сатабылга үөрэнэн, салгыы дьарыктанар баҕаларын биллэрбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, Хамаҕатта нэһилиэгэр кэрэ эйгэтигэр сыһыаннаах сонунтан сонун маастар кылаастары, дьарыктары тэрийээччилэр, ону тэҥэ сэҥээрээччилэр элбээн иһэллэр.
«Аптаах киистэ» живопись куруһуогун анал идэлээх Сандаара Оротоо Д.Д. Новгородов аатынан “Кэскил” балаҕаҥҥа дьоһун саастаахтарга анаан ыытар. Нэдиэлэҕэ икки бөлөҕү араас кэмнэргэ ыҥыран дьарыктыыр. Манна холустаҕа акриловай кыраасканан уруһуйдуу үөрэнэллэр. Дьиэлэрин ис бараанын киэргэтэргэ талбыт хартыыналарын уруһуйдаан, бэлэм үлэлэрин илдьэ баралларыгар салайааччы ыйан-кэрдэн, үөрэтэн биэрэр.
Олохтоох библиотекарь Марина Корякина Намнааҕы педколледжтан керамист Лариса Тавакалованы ыҥыран дьарык тэрийбитэ. Маастар-кылааска интэриэстээх, баҕалаах дьон кэлэн керамикаттан сахалыы түөскэ кэтиллэр өҥнөөх оҕуруо салбырҕастаах харысхал оҥостон барбыттара.
Ити курдук, дьиэ хаһаайкалара, эбэлэр саҥаттан саҥаҕа үөрэнэллэр, сонун бырайыактарга кытталлар.
Мария Винокурова