Сарсыардааҥҥы халлааммыт самыырынан ибиирэн, уулаах былыттар тэнийэ усталлар.
Бэҕэһээҥҥи күн ардаҕынан арыаллаан күрэхтэһиибит күрэҕэ уларыйбакка, бииртэн-биир көрүҥнэр үрдүк таһымҥа аастылар. Ол курдук, эбиэккэ диэри остуол тенниһэ, чэпчэки атлетикаҕа ядро быраҕыыта, нуучча дуобата, голбол уонна олорон эрэ волейболга түмүктэри быһаарар оонньуулар ыытылыннылар.
Эбиэт кэнниттэн спартакиадабыт сүрүн көрүҥэр волейболга финал аҥарын көрүҥнэрэ ыытылыннылар. Бэҕэһээҥҥи күн түмүгүнэн куһаҕана суох көрдөрүүнү Нам эр дьонун уонна дьахталларын хамаандалара киирсиэхтэрэ. Ол курдук, түөрт миэстэ иһигэр киирэр быһаарыылаах оонньуулары көрдөрүөхтэрэ.
Буулдьанан ытыыга кыыспыт уонна уолбут lX-X миэстэлэри ыланнар, уон иһигэр киирдилэр. Голболга уолаттар Амма хамаандатын кытта үһүс-төрдүс миэстэлэри былдьаһыахтара. Истибэттэргэ чэпчэки атлетика 200 миэтэрэтигэр иккис боруонса мэтээлин Евгений Мохначевскай аҕалла. Онтон 800 миэтэрэҕэ Александр Бетюнскай үһүс миэстэни ылла. Маны таһынан, Т-36-39 категорияҕа 800 миэтэрэҕэ Александр Парников үһүс миэстэни ылан, хамаандатыгар төрдүс мэтээли аҕалбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Остуол тенниһигэр ПОДА-ҕа Марианна Константинова үһүс миэстэни ылла. Нуучча дуобатыгар истибэттэр бөлөхтөрүгэр биэс тур кэнниттэн Нам хамаандата 8 очколаах иккис иһэр. Сарсын бу күрэхтэһии лидерин 9 очколаах Тааттаны кытта киирсиэхтэрэ. Онтон ПОДА-ҕа кыттар хамаандабыт 7 очколаах Дьокуускай хамаандатын кытта оонньуоҕа.
Сарсыҥҥы күн барыта көрүҥнэринэн түмүктүүр көрсүһүүлэр күүтэллэр.
Онтуон