Спартакиада күүрээнэ эбиллэн иһэр

Бэс ыйын 12-16 күннэригэр Cахабыт сирин биир кэрэ көстүүлээх Кыыс Амма сиригэр «Дьулуур» адаптивнай спорт көрүҥнэрин Саха Республикатын XlV-c Спартакиадата ыытыллар. Нам улууһуттан 52 спортсмен 12 көрүҥҥэ барытыгар кыттар.

Ол курдук, республика 16 араас муннуктарыттан мустан, 12 көрүҥҥэ күөн көрсөллөр. Бастакы күн голболга, олорон эрэ волейболга уонна буулдьанан ытыыга барыллааһын күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

От ыйын 13 күнүгэр бары көрүҥҥэ эмиэ барыллааһын күрэхтэһиилэр эбии ыытыллыбыттара. Саха Республикатын адаптивнай спорт көрүҥнэрин XlV-с Спартакиадатын үөрүүлээх аһыллыыта бүгүн күнүс 2 чаастан ыытыллар.

Икки күннээх тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэр салгыы ыытылла тураллар. Ол курдук, спартакиада кыттыылаахтара үс бөлөххө хайдыһан: доруобуйалырынан хааччахтаах, харахтарынан көрбөт уонна кулгаахтарынан истибэт дьүлэй дьоннор, бэйэлэрин кыахтарынан туспа көрүүлээх уонна уустук түгэннэрдээх көрүҥнэргэ күүстэрин холоһо сылдьалларыттан  киһи олус үөрэр, дьулуурдарын уонна тулуурдарын көрөн киһи сөҕө махтанар.

Намнарга чэпчэки атлетикаҕа эр дьон 100 миэтэрэ сүүрүүтүгэр бастакы боруонса мэтээли Евгений Мохначевскай аҕалла. Волейболга олорон эрэ оонньууга эр дьоммут бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр бастакы миэстэни ыланнар, салгыы киирсиэхтэрэ. Голбол курдук биир уустук оонньууга, уолаттарбыт бастакы оонньууга хотторон баран, иккис оонньууга Чурапчы хамаандатын 10:0 ахсаанынан кыайдылар. Волейболга кыргыттарбыт бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр бастакы оонньууга Горнайы кыайан баран, иккис оонньууга Дьокуускайга хоттордулар. Дуобатчыттарбыт Үөһээ Дьааҥылары быһа 3:0 ахсаанынан кыайдылар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ салгыы буулдьанан ытыыга эр дьоҥҥо, остуол тенниһигэр, нуучча дуобатыгар, чэпчэки атлетикаҕа, голболга, волейболга олорон эрэ оонньууга хамаандалар ситиһиилэрин күүтэбит.

Анатолий Софронов-Онтуон

Читайте дальше